Нэһилиэнньэни социальнай хааччыйыы кэлим киинэ уонна Үһүс оскуола быйыл 18-с төгүлүн Ньургуһун ыһыаҕын ыстылар. Манна аҕам саастаах дьон сахалыы сайбаччы таҥнан-симэнэн, киэргэнэн кэлэн, самаан сайыны көрсө үҥкүүлээн тэйдилэр, оһуохайдаан ойдулар, ырыа-тойук да дьиэрэйдэ. Кыһын устата оскуолаҕа тугу үөрэммиттэрин отчуоттаатылар.
Быйылгы үөрэх дьылыгар Үһүс саас оскуолатыгар 12,5 тыһыынчаттан тахса киһи кэлэн үөрэннэ. Бу баһаам ахсаан. Отуттан тахса араас хабааннаах куруһуок үлэлиир, ансаамбыллар тэриллэллэр. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, куруһуок салайааччыларынан волонтердар — сүрэхтэрин баҕатынан кэлэн үөрэтэр-такайар дьон үлэлииллэр.
Саамай сүрүнэ — манна аҕам саастаахтар дьоҕурдарын арыйар эрэ буолбатахтар, дьиэҕэ олорон, муунтуйан хаалбакка, үөлээннээхтэрин кытта ыкса алтыһаллар, көрсөллөр, саҥа доҕотторун булаллар, дьарыктаах буолан, санаалара көтөҕүллэр, доруобуйалара тупсар, үйэлэрэ уһуур. Онон улуустарга эмиэ филиаллар арыллан үлэлииллэр.
Курсаннары Үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Иннокентий Коротких эҕэрдэлээтэ:
— Үһүс саас оскуолата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыһыынчанан аҕам саастаах дьону хабан үлэлиир. Олортон саамай көхтөөхтөрө эһиги, 300-тэн тахса киһи кэлэн тураҕыт. Олоххо тардыһыылаах, өрүү көхтөөх, эрчимнээх, үтүө, сырдык санаалаах буолаҥҥыт, эһигини холобур оҥостобут. Бу хамсааһын өссө сайдан, тэнийэн иһиэҕэ. Ил Дархан сорудаҕынан, Дьокуускайга Көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ тутуллуоҕа, — диэн эппитин, ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
Нэһилиэнньэни социальнай хааччыйыы кэлим киинин дириэктэрэ Наталья Пахомова бу Үһүс саас оскуолатын тэрийбит киһи буолар. Кини:
— Ньургуһун тоҥ буору тобулан тахсар ньургун күүстээҕин курдук, эһиги, аҕам саастаах дьон, олох очурдарын туораан, туохтан да толлубакка, ыччаты тэнитэн, сыраҕытын харыстаабакка үлэлээн, дьоһун олоҕу олорон кэллэххит. Ол иһин бу ыһыахпыт Ньургуһун ыһыаҕа диэн ааттанар. Күөххэ этэҥҥэ үктэммиппитинэн истиҥ эҕэрдэ! Бу быйаҥ сайыҥҥа дуоһуйа сынньаныҥ, күүстэ-уохта эбиниҥ, аны күһүн Кырдьаҕастар күннэригэр көрсүөхпүт! — диэн эттэ.
Үһүс саас оскуола дириэктэрэ Пелагея Прядезникова быйылгы ситиһиилэрин кэпсээтэ. Ол курдук, үҥкүү ансаамбыла хас да өрөспүүбүлүкэтээҕи да, Арассыыйатааҕы да күрэстэргэ гран-при аатын ылбыт, хомусчуттар ансаамбыллара Арассыыйа куораттарынан сылдьан, саха хомуһун билиһиннэрбиттэр. Быйыл үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтиттэн субсидия көрүллэн, элбэх тэрээһиннэр үбүлэммиттэр. «Алмаасэргиэнбаан» бырайыагар кыттан, 100 тыһыынча солкуобайдаах грант ылан, «Незабудка» диэн саҥа бырайыагы олоххо киллэрбиттэр. Бу түөһэйиини сэрэтэр бырайыак. Маны тэҥэ, бу сайын аҕам саастаахтарга лааҕыр үлэлиэҕэ.
Ыһыахха Дьиэ кэргэн сылынан, 45, 48, 50 сыл бииргэ олорбут пааралары чиэстээтилэр. Оскуола көхтөөх курсааннарын, волонтердары наҕараадалаатылар.
Бу күн киэһээҥҥэ диэри кэнсиэртэр, күрэстэр, оонньуулар, оһуохай, алгыс, үҥкүү-битии оргуйан олордо. Ол быыһыгар ньургуһуннаах кырдалга хаартыскаҕа түһүү, түһүлгэлээн олорон саха мааны аһын амсайыы, үөлээннээхтэри кытта ирэ-хоро сэлэһии буолла. Онон 18-с төгүлүн ыытыллар Ньургуһун ыһыаҕа силигин ситтэ.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…