Аҕам саастаахтар олоҥхону толорорго үөрэннилэр
Нам улууһугар «Сайдыы» аҕам көлүөнэ алтыһар киинэ уонна Н.Рыкунов аатынан Намнааҕы модельнай бибилэтиэкэ Олоҥхо уонна Хомус күннэригэр кыттыгас тэрээһини ыыттылар.
«Сайдыы» актыбыыстара олоҥхону үөрэтээччи педагог-маастар Вера Цыпандина уонна Ваня Винокуров ыыппыт маастар-кылаастарыгар сырыттылар. Аҕам саастаах дьон олоҥхону истэн эрэ буолбакка, бэйэлэрэ толорорго холонон, олус астыммыттарын биллэрдилэр. Маастар-кылааска элбэх киһи дьарыктанна.
Киһи-аймах улуу айымньытын, өбүгэлэрбит сүдү бэлэхтэрин сыаналаан, киэҥник тарҕатан, ыччат дьону үөрэтэн, кэлэр үйэлэргэ тиэрдэр ытык иэстээхпит диэн санааларын эттилэр. Олоҥхону үөрэтэн, толоро, тарҕата, оҕолору үөрэтэ-такайа сылдьар дьоҥҥо махталларын биллэрдилэр.
2005 сыллаахха ЮНЕСКО олоҥхону киһи-аймах тылынан нэһилиэстибэтин кылаан чыпчаал айымньытынан биллэрбитэ. Ол чэрчитинэн, Саха сиригэр сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнэ киэҥник бэлиэтэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: