Салгыы
Аҕам саастаахтар ретро-быыстапкаҕа кыттан үөрүүлэрэ муҥура суох

Аҕам саастаахтар ретро-быыстапкаҕа кыттан үөрүүлэрэ муҥура суох

02.10.2022, 18:30
Бөлөххө киир:

      Аҕам саастаахтарга аналлаах дэкээдэ чэрчитинэн, 6рөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа аһаҕас аан күннэрин ыытар.

Бастатан туран, быйыл алтынньыга тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир балыыһа аҕам саастаах  эмтэнээччилэрин эҕэрдэлээтэ. Ол курдук,балыыһа биир улахан подразделениетыгар -– Гериатрия киинигэр сэбиэскэй кэм  малларын-салларын ретро-быыстапкатыгар  мэдиссиинэ үлэһиттэрин экспонаттарын бэйэлэрэ булан, кыһамньылаахтык хомуйан туруордулар.


Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлбит эмтэнээччилэри идэлээх хаартыскаҕа түһэрээччи кэлэн хаартыскаҕа үйэтитэн, эбэлэр-эһэлэр үөрүүлэрэ муҥура суох.
   «Биһиги эмтэнээччилэрбит ис-истэриттэн үөрбүттэрин, оҕо, эдэр саастарын, үлэҕэ ситиһиилэрин уонна оччотооҕу кэмҥэ майгы-сигили сыаннастарын санаппыт хас биирдии экспонаты үөрэ-көтө ылыммыттарын көрөр олус долгутуулаах этэ», -– диэн Гериатрия киинин сэбиэдиссэйэ Светлана Обутова санаатын үллэһиннэ.


     Светлана Васильевна ураты махталын хаартыскаҕа түһэрээччи уонна бэчээттээн таһаарыы өҥөлөрүн ылыммыт Евдокия Богдашина салайааччылаах идэлээх сойуус бастакы сүһүөх тэрилтэтигэр биллэрдэ.


Ону таһынан аныгы нэдиэлэҕэ Гериатрия киинигэр балыыһа үлэһиттэрэ эмтэнээччилэригэр анаан оҥорбут видеороликтарын көрдөрүөхтэрэ.


Балыыһа өссө биир подразделениетыгар —  Эмтиир-чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ  ыарыһахтар инсульт, инфаркт, араас эйэчии уонна коронавирус пневмониятын кэнниттэн  улуустартан  кэлэн эмтэнэллэр. Кинилэргэ өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар уонна остуол оонньууларыгар күрэхтэһиилэри ыыттылар. Бу киин бырааһа Туяра Ощепкова бэлиэтээбитинэн, остуол оонньууларыгар күрэхтэһиилэр олус тэтимнээхтик, күүрүүлээхтик аастылар. Онон,  быраастар бырааһынньык эйгэтин үчүгэйдик тэрийдилэр уонна эмтэнээччилэригэр үчүгэй настарыанньаны бэлэхтээтилэр.
Аҕам саастаах дьон дэкээдэтин чэрчитинэн, алтынньы 3, 4, 5 уонна 6 күннэригэр поликлиникаҕа аһаҕас аан күннэрэ ыытыллыахтара, поликлиникаҕа сыһыарыллыбыт дьону быраастар көрүөхтэрэ. Бу кэмҥэ кинилэргэ битэмииннэр комплекстарын бэлэхтиэхтэрэ.

Поликлиника сэбиэдиссэйэ Алена Сергеева иһитиннэрбитинэн, бастакы этээскэ «Үтүө санаа долбуура» тэрилиннэ. Эмтиир-сэрэтэр кэбиниэт инструктора Мария Антонова Пушкин аатынан уулуссаҕа баар социальнай дьиэ олохтоохторугар эмтиир физкултуураҕа дьарыктары ыытыаҕа уонна уһун үйэлэниигэ, сөпкө аһыырга уонна чөл олоххо аналлаах лиэксийэни ааҕыаҕа.
Өрөспүүбүүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа гериатрияҕа, доруобуйаны чөлүгэр түһэриигэ уонна предиктивнэй мэдиссиинэҕэ өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэҕэ тэрилтэлэрин ортолоругар инники иһэрин бэлиэтиир суолталаах.

«Саха сирэ» хаһыакка анаан Яна Байгожаева

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: