Аҕам саастаахтарга тэрээһиннэри ыытар дьоҥҥо үп көрүллэр
Ол курдук, аҕам саастаахтарга анаан күнүскү сайыннарар дьарыктары ыытар, социальнай туризмы, чэбдигирдэр лааҕырдары тэрийэр, о.д.а. тэрээһиннэри ыытар дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ кыттыгас үп көрүллэр.
Бырагыраамаҕа кыттыһар туһуттан, сайаапка суруйуохха наада. Юридическэй сирэй ОКВЭД 88 көрүҥэ баар буолара ирдэнэр, ону тэҥэ, бу тэрээһиннэри ыытар дьиэтэ, сирэ-уота, табыгастаах усулуобуйата баар буолуохтаах.
Саха сиригэр «Демография» национальнай бырайыак «Аҕам саастаах көлүөнэ» бырайыага үлэлиир. Бу бырайыак аҕам саастаах дьон үйэлэрэ уһууругар уонна өр кэмҥэ чэгиэн, көхтөөх, дьарыктаах буолалларыгар туһуланар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ бу бырагырааманан 22 улууска, куоракка 240-тэн тахса тэрилтэ, уопсастыбаннай түмсүү дьарыктанар. Кинилэр аҕам саастаах дьоҥҥо култуурунай, спортивнай, аралдьытар, сынньатар, чэбдигирдэр, дьоҕурдарын сайыннарар дьарыктары ыыталлар. Бу дьарыктарга 20 тыһыынчаттан тахса киһи хабыллан, утумнаахтык дьарыктанар. Маны тэҥэ, 454 аҕам саастаах киһи саҥа идэ ылан, үлэлээн эрэллэр.
Онон, аҕам саастаах дьону кытта үлэлэһиэхтэрин баҕарар дьон, түмсүүлэр Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр, социальнай управлениеҕа баран, билсиэххитин сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: