Аҕам саастаахтарга тэрээһиннэри ыытар дьоҥҥо үп көрүллэр

Share
Аҕам саастаахтарга анаан араас тэрээһиннэри ыытар дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ кыттыгас үбүлээһин бырагырааматын үлэлэтэр.

Ол курдук, аҕам саастаахтарга анаан күнүскү сайыннарар дьарыктары ыытар, социальнай туризмы, чэбдигирдэр лааҕырдары тэрийэр, о.д.а. тэрээһиннэри ыытар дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ кыттыгас  үп көрүллэр.

Бырагыраамаҕа кыттыһар туһуттан, сайаапка суруйуохха наада. Юридическэй сирэй ОКВЭД 88 көрүҥэ баар буолара ирдэнэр, ону тэҥэ, бу тэрээһиннэри ыытар дьиэтэ, сирэ-уота, табыгастаах усулуобуйата баар буолуохтаах.

Саха сиригэр «Демография» национальнай бырайыак «Аҕам саастаах көлүөнэ» бырайыага үлэлиир. Бу бырайыак аҕам саастаах дьон үйэлэрэ уһууругар уонна өр кэмҥэ чэгиэн, көхтөөх, дьарыктаах буолалларыгар туһуланар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ бу бырагырааманан 22 улууска, куоракка 240-тэн тахса тэрилтэ, уопсастыбаннай түмсүү дьарыктанар. Кинилэр аҕам саастаах дьоҥҥо култуурунай, спортивнай, аралдьытар, сынньатар, чэбдигирдэр, дьоҕурдарын сайыннарар  дьарыктары ыыталлар. Бу дьарыктарга 20 тыһыынчаттан тахса киһи хабыллан, утумнаахтык дьарыктанар. Маны тэҥэ, 454 аҕам саастаах киһи саҥа идэ ылан, үлэлээн эрэллэр.

Онон, аҕам саастаах дьону кытта үлэлэһиэхтэрин баҕарар дьон, түмсүүлэр Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр, социальнай управлениеҕа баран, билсиэххитин сөп.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

13 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

13 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago