Сунтаар Бүлүүчээнигэр «Ситис» лааҕыр оҕолору арааска уһуйар, угуйар. Бу күннэргэ Сунтаар көхтөөх үөрэнээччилэрэ «Волонтердары сайыннарабыт» диэн сыаллаах-соруктаах лааҕырга сэттэ күн устата арааска үөрэннилэр.
Биир күн Бүлүүчээн оҕолорун кытта көрсөн, көтөр ферматыгар ыалдьыттаан баран, аны түмүк күннэригэр эбээлэргэ умнуллубат күн бэлэхтээтилэр.
Бүлүүчээн саастаах кэрэ аҥаардарын лааҕырдарыгар ыҥыран аҕалан дьоро күн тэрийэн оонньоттулар, аһаттылар, атах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр. Бу курдук ыччат дьон үтүө дьон буоларга иитиллэллэр. Санатан эттэххэ Сунтаарга быйыл Аҕа саастаахтарга ытыктабыл сыла.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…