Аҕам саастаныы биэнсийэ төлөбүрүн ким ыларый?
Арассыыйаҕа аҕам саастаахтарга биэнсийэ коэффициеныттан уонна страховой ыстааһыттан көрөн биэнсиэйэ төлөбүрүн аҕам саастарын туолбуттарга аныыллар. Бу туһунан Судаарыстыбаннай өҥө портала суруйар.
Аны туран балаһыанньатыттан көрөн страховой эбэтэр социальнай биэнсийэ ананар. Холобур, радиационнай эбэтэр тэхиниичэскэй катастрофаттан эмсэҕэлээбиттэргэ аҕам саастаахтарга биэнсийэ анааһын уратылаах.
Аҕам саастаахтарга страховой биэнсийэ
Сааһыран баран страховой биэнсийэ ананар усулуобуйата биэнсийэ анааһынын сааһын улаатыннарар реформаттан уларыйар. Бу биэнсийэҕэ сайабылыанньа өскөтүн сааһын туолбуттарга, ону кытта страховой ыстааһа уонна биэнсийэ коэффициена сыл усулуобуйатыгар сөп түбэһэр түгэнигэр бэриллэр.
Эр дьон уонна дьахталлар сааһыран баран страховой биэнсиэҕэ тахсар саастара:
- 2022 сылга — эр дьоҥҥо — 61 саас уонна 6 ый, дьахталларга — 56 саас уонна 6 ый;
- 2024 сылга — эр дьоҥҥо — 63 саас уонна дьахталларга — 58 саас;
- 2026 сылга — эр дьоҥҥо — 64 саас уонна дьахталларга — 59 саас;
- 2028 сылга уонна инники сылларга — эр дьоҥҥо- 65 уонна дьахталларга — 60 сыл.
Страховой ыстааһа:
- 2022 сыл — 13 сыл,
- 2024 сыл уонна инник сылларга — 15 сыл,
Биэнсийэ коэффициена:
- 2022 сыл — 23,4;
- 2024 сыл — 28,2;
- 2025 сыл уонна инник сылларга — 30.
Санаттахха, аҕам саастаахтарга страховой биэнсиэйэҕэ болдьоҕун иннинэ тахсыахтарын сөп.
Аҕам саастаахтарга социальнай биэнсийэ
Социальнай биэнсийэ аҕам саастаахтарга Арассыыйаҕа страховой биэнсийэни ылар бырааба суохтарга ананар.
Эр дьон уонна дьахталлар сааһыран баран социальнай биэнсийэҕэ тахсар саастара:
- 2022 сыл — эр дьоҥҥо — 66 саас уонна 6 ый, дьахталларга -61 сыл уонна 6 ый
- 2024 сыл — эр дьоҥҥо — 68 саас уонна дьахталларга -63 саас;
- 2026 сыл — эр дьоҥҥо — 69 саас уонна дьахталларга -64 саас;
- 2028 сыл уонна инник сыллар — эр дьоҥҥо — 70 саас уонна дьахталларга — 65 саас.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: