«Атах тэпсэн олорон кэпсэтиэх» биэриибитигэр САССР уонна РСФСР үтүөлээх артыыһа, мусукаалынай-дыраама тыйаатырыгар 23 сыл эҥкилэ суох режиссердаабыт, 100-тэн тахса испэктээги туруорбут Федот Федотович Потапов төрөппүт кыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, Саха тыйаатырын артыыһа Елизавета Потапова ыалдьыттаата.
– Елизавета Федотовна, «Киһи кэннигэр хаалара, аатын ааттатара – оҕолоро» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Эһиэхэ, аҕаларын ааттата, үйэтитэ сылдьар дьоҥҥо, көрөөччүлэр эмиэ улахан махталлаахтар.
– Аҕабыт Федот Федотович төрөөбүтэ номнуо 95 сыла туолла. Улахан үбүлүөйдээх тэрээһин 100 сааһыгар оҥоһуллар дииллэр. Ол гынан баран, төрөөбүт дойдутун дьоно, аммалар, абаҕалар, «Киэн туттар уолбут, улахан киһибит үбүлүөйүн ылабыт» диэн элбэх тэрээһини ыыттылар. Кинилэр ыҥырыыларын ылынаммыт, ахсынньы 12 күнүгэр Аммаҕа Ф.Потапов аатынан П.Кулаковскай дириэктэрдээх норуот айымньытын дьиэтигэр буолбут тэрээһиҥҥэ үөрэ-көтө кыттан кэллибит. Онно үс тыйаатыр: Саха тыйаатыра, Нерюнгритааҕы куукула тыйаатыра (гостуруоллуу кэлбиттэр) уонна Светлана Лугинова аатынан норуодунай тыйаатыр (төрүттэммитэ 55 сыла) көрүстүбүт. Инньэ гынан, олус истиҥ көрсүһүүгэ сылдьан санаа атастастыбыт, ырыа-тойук түһүлгэтэ түстэннэ. Барыбыт да санаабытыгар, маны барытын аҕабыт үөһэттэн көрөр курдук, онон үөрэн-көтөн, сүргэбит көтөҕүллэн кэллибит. Онтон ахсынньы 21 күнүгэр Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырын сыанатыгар Евгения Попова режиссердаах Федот Потапов аатынан оҕо устуудьуйата (Абаҕа с.) Оҕо саас сылынан “Сырдык аартыгым” диэн испэктээги көрдөрөн, биһиги дьиэ аймах олус үөрдүбүт, аҕабыт аата ааттана турарыттан дуоһуйдубут, махтанныбыт. Наһаа айымньылаахтык үлэлии сылдьалларын көрөн-истэн биһиги да, артыыс оҕолор да аһара долгуйдубут.
– Федот Федотович үлэлиирин тухары күннүк суруна сылдьыбыт эбит. Ону, оҕолоро, билэр этигит дуо уонна хайдах харайан кэллигит? Онуоха ордук үтүөлээх киһинэн, биллэн турар, кэргэнэ, Саха сирин норуодунай артыыһа Зоя Багынанова буолара буолуо?
– Оннук. Эрдэ ыал буола сылдьыбыт, икки өттүттэн оҕолордоох дьон 1974 сыллаахха (аҕабыт баара буоллар, ыал буолбуттара 50 сыллара туолуо эбит) холбоһон, 23 сыл бииргэ эйэ дэмнээхтик олорбуттара.
Аҕабыт күннүгүн туһунан биһиэхэ Зоя Петровна эппитэ. Дзержинскэй уулуссаҕа олорбут дьиэбитигэр харалла сыппыт эбит. Кинилэр Нерюнгрига үлэлии сылдьар кэмнэригэр ити дьиэҕэ, дьиҥэр, элбэх устудьуон олорбут да, дьолго, ким да бырахпатах. Онон аҕабыт, 20-чэлээх эрэ устудьуон, Москваҕа үөрэнэ сылдьан нуучча тылынан суруйан хаалларбыт ырытыылара, толкуйдара оҕолоругар эрэ буолбакка, бүтүн тыйаатыр дьонугар тугунан да сыаналаммат бэлэх диэххэ сөп. Биһиги ийэбитигэр, эбээбитигэр Зоя Петровнаҕа наһаа махталлаахпыт. Кини булгуруйбат санаалаах, сытыы өйдөөх буолан, туох кыалларынан аҕабыт-эһээбит аатын үйэтитэ сатыыр. Хас үбүлүөйүн аайы эбэһээт туох эрэ саҥаны киллэрэр, төһөлөөх кинигэни таһаартарда, аны күннүгүн эмиэ киэҥ ааҕааччыга билиһиннэрдэ. Аҕабыт, кырдьык, айылҕа биэрбит оҕото эбит. Туруорааччы, артыыс, киһи да быһыытынан дьоҥҥо сөбүлэтэн, кинини кытары алтыспыт кырдьаҕастар күн бүгүҥҥэ диэри бары үчүгэйдик саныыллар. Кинини үчүгэйдик саныыр буоланнар, биһиэхэ, оҕолоругар, өссө үчүгэйдик сыһыаннаһаллар. Ити барыта аҕабыт үтүөтүнэн дии саныыбыт.
– Улахан режиссер Федот Потапов кыыһа буоларгынан, тыйаатырга үлэлии кэлииҥ төһө эппиэтинэстээх этэй?
– Оҕо сылдьан куруук эппиэтинэстээх курдук сананарым. Мин куорат оскуолатын нууччалыы үөрэнэн бүтэрбитим. Аҕабыт ииппит ийэтэ, эбээ Өлөөнө Абаҕаҕа олорбута. Сайын, саас аайы кинилиин бириэмэбитин бары бииргэ атаарарбыт. Эбээбит кыһын биһиэхэ кыстыыра, онтон каникулбар эбээни илдьэ таарыйа оптуобуһунан барсарым уонна Абаҕа оҕолорун кытары дуоһуйа оонньуурум.
«Потапов кыыһынабын, уолунабын» диэн хаһан да түөспүтүн охсумматахпыт».
Сайын 3 ыйы быһа Абаҕаҕа сайылыырым, Амма өрүс сылаас уутугар сөтүөлээн, күн уотугар сыламнаан куоракка хап-хара, сап-саха киһи кэлэрим. Кэлин үлэһит буолан баран, Ньурба курдук ыраах сиртэн оҕолорбун соспутунан сайын эбэһээт Абаҕаҕа сайылыыр этим. Онон улааппыт дойдубар Абаҕабар билигин да оҕолорбунуун, сиэннэрбиниин тиийэ турабыт.
– Күннүкпүтүгэр эргилиннэххэ, эн биир эмэ испэктээк иннинэ дуу, ыарахан күннэр да баар буоллахтарына, аҕам туох диэ этэй диэн, кинигэлэригэр эргиллэн ылаҕын дуу?
– Мин ордук “Очурдаах оҕо сааһым” диэн бастакы кинигэтин сүрэхпэр чугас илдьэ сылдьабын. Онно сэрии кэминээҕи бэйэтин оҕо сааһын кэпсээбитин куруук уйадыйа ааҕабын. Субу кэпсэтэ олорорбут курдук судургутук суруйар буолан, киһиэхэ олус тиийимтиэ. Ол кинигэҕэ аҕабыт туһунан ахтыылары аахтаххына, чэпчии түһэҕин, өссө олох олоруоххун баҕараҕын, аҕаҕынан киэн туттаҕын. Ииппит ийэтэ киниэхэ ийэлии харыстабыллаахтык сыһыаннаһара. “Аҕаҕыт олус ыарахан олохтоох. Араас кыһалҕанан аҕаҕытын кыһарыйымаҥ, тугу да куһаҕаны кэпсээмэҥ, харыстааҥ”, – диирэ. Инньэ гынан, «Аҕабытын хаһан да хомотуо суохтаахпыт, биһиги кыһалҕабытын аҕабыт билиэ суохтаах» диэн иитиилээх, киниэхэ Аанньал курдук сыһыаннаах улааппыппыт.
– Эн аҕаҥ туруорбут “Ийэ сир” испэктээгэр оонньообутуҥ. Кырдьыгынан эттэххэ, харах уулаах көрбүтүм. Аҕаҥ туруорбут испэктээгэр оонньооһуҥҥун утум салҕанар диэн этиэххэ сөбө буолуо?
– Оннук буолан тахсар эбит. Аҕабыт 75 сааһа туоларыгар, уоппускаҕа бараары сырыттахпына, тыйаатырбыт режиссера Андрей Борисов: ««Ийэ сир» испэктээккэ оонньуоҥ этэ. Толкуйдаар эрэ, күһүҥҥүттэн үлэлиэхпит», – диэбитигэр олус соһуйбутум. Анна Ивановна Кузьмина, Александра Дмитриевна Иванова курдук номох буолбут артыыстар кэннилэриттэн мин хайдах оонньуомуй? Ол да буоллар, күһүн кэлэн үлэлээн барбыппыт. Онон, утум салҕанара, кырдьык, наһаа долгутуулаах этэ. Онно ыарахан олохтоох Ийэни оонньуурбар арыый эдэр, 40-чалаах эрэ буоллаҕым дии. Онтон кэлин сылга биирдэ эмэ оонньоон ааһабыт. Онуоха: “Дьэ, билигин бэйэҥ сааскар олох үчүгэй”, – дииллэр.
– Олоххо араас буолар. Төрөппүттэриҥ Нерюнгрига баран үлэлээн кэлбит кэмнэрдээхтэр.
– Мин 1985 сыллаахха Щепкин аатынан тыйаатыр институтун бүтэрэн, кэргэмминиин Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай тыйаатырга үлэлии барбыппыт. Онтон дьонум оруобуна ити сыл Нерюнгрига Куукула тыйаатырын арыйа барбыттар этэ. Аҕам Зоя Петровналыын олох атын эйгэҕэ үлэлээн саҕалаатахтара дии. Төһөлөөх элбэх куукуланы оҥорторон, киһилии саҥардан, хамсатан-имсэтэн оонньообуттара буолуой? Онтон 1996 сыллаахха Ньурбаттан көһөн кэлэрбэр, төрөппүттэрим, Лена Румянцева Саха тыйаатырыгар үлэлии сылдьаллара. Сүрүн үлэлэриттэн быыс булан ыҥырыыларга тиийэн куукуланан испэктээктэри көрдөрөллөрө. Мин эмиэ кинилэри кытары үлэлэһэн барбытым, куукула диэн олох ураты эйгэ эбит этэ. Куукулаҕын хаһан да эргиллибэттии быраҕан кэбиспэккин, куруук кэпсэтэ, имэрийэ-томоруйа, сыллыы-ууруу сылдьаҕын. Син биир тыыннаах киһи кэриэтэ. Оннук дьикти эйгэҕэ киирэн ылбыттаахпын. Оҕо үөрбүт хараҕын көрдөххүнэ, наһаа чэпчиигин. Билигин Нерюнгри тыйаатырын репертуарыгар Федот Потапов оччолорго туруорбут испэктээктэрэ баалларыттан олус үөрэбит.
– Аҕаҕыт дьиэҕэ-уокка, чугас дьонугар хайдах киһи этэй?
– Эдьиийим Надежда Федотовна биир сыл аҕабыт үлэлиир тыйааатырыгар синхроннай тылбааска үлэлээбитэ уонна биирдэ: «Аҕабыт наһаа атын, эппитин толорторор, кытаанах эбит, наһаа куттанным…» – диэн кэпсээбитэ. Ону мин билбэт буоллаҕым дии. Тоҕо диэтэххэ, миигин бэйэтин кэбиниэтигэр хатаан кэбиһээччи, онно уруһуйдуу эбэтэр куукуланан оонньуу хааларым. Дьиҥэр, ол үлэ хаамыыта буоллаҕа, билигин санаатахха, киһи соһуйара да, омнуолуура да суох курдук. Оттон дьиэтигэр кэлэригэр тыйаатырын кыһалҕатын барытын аара хаалларан баран, дьиэтигэр үөрэ-көтө киирэн кэлээччи. Хаһан даҕаны кыыһырбытын, хаһыытаабытын-ыһыытаабытын өйдөөбөппүн.
– Элбэхтик кэпсэммэтэх, суруллубакка хаалбыт түгэннэртэн тугу эмэ сэгэтэн ылыаххын сөп дуо?
– Мин кыра эрдэхпинэ, аҕам сэрии кэминээҕини, аччыктааһын кыһалҕатын, килиэби кыраамынан кээмэйдээн биэрэллэрин туһунан кэпсээбит. Ону наһаа болҕомтолоохтук истэ олорорбун көрөн баран: “Оҕом наһаа өйдөөтө, өйдөөх да оҕо”, – диэн истэҕинэ мин: “Килиэп суох буоллаҕына, саатар буулка баар этэ дуо?” – диэн чап гыннарбыппын. Онуоха бэйэтэ да соһуйбуттуу: “Паххай, халлаан киһитэ эбиккин!” – диэн кэбиспит. Бүттэхпит ол.
Аҕабыт дьиэтигэр-уотугар наһаа сымнаҕас, оҕомсох, күлүүк этэ. Итинник көрдөөх-күлүүлээх буоланнар, олох ыарахаттарын тулуйбуттар быһыылаах диибин. Аны аҕабыт 25-с сийиэс дэлэгээтэ этэ. Ону оҕолор: «Лиза аҕата дэлэгээт», – диэн кэпсээтэхтэринэ, кыбыстар курдук этибит. «Потапов кыыһынабын, уолунабын» диэн хаһан да түөспүтүн охсумматахпыт. Зоя Петровна – биһиги олохпутугар олус улахан махталлаах киһибит. Кини биһиэхэ үөһэттэн бэриллэн, кини баар буолан, аҕабыт аатын үйэтитэр.
Аҕабыт туһунан төрөөбүт дойдутун айылҕатыгар документальнай киинэни устан саҕалаабыппыт. Богдан диэн оператор уолбут быйыл үөрэххэ киирдэ, иллэҥ бириэмэтэ олох суох. Онон ыксаабакка, эһиил олоххо киллэрэргэ эрэллээхпит.
– Федот Федотович “Талаан киһиэхэ төрүөҕүттэн бэриллибэт, элбэх үлэнэн ситиһиэххэ наада” диэн этэн турардаах.
– Төрөппүттэрбит барытын үлэнэн дакаастыыллар этэ. Ити хаачыстыба биһиэхэ, оҕолоругар, эмиэ бэриллибит дии саныыбыт. Эдьиийим Надежда Федотовна 21 сыл Ньурба тыйаатырыгар, онтон Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар олус бэриниилээхтик үлэлээтэ, убайым, куорат уола Николай Федотович Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик сэлиэнньэтигэр пиэрмэрдиир, сүөһү көрөллөр. Аны билигин оҕолоро, сиэннэрэ көмөлөһөллөр. Дьиэлээх-уоттаах, таптыыр үлэҕэр үөрэ-көтө барар буоллаххына – ол дьол диэччилэр.
Артыыс киһи куруук үлэлээх буоллаҕына эрэ табыллар. Зоя Петровна 80 сааһыгар диэри сыанаҕа сылдьар, олус элбэх сонун идеялаах буолар. Киниэхэ кыра тугу эмэ эттиҥ да, тута иилэ хабан ылан, олоххо киллэрэ сатыыр. Ыччаттарбытын эмиэ: “Үлэлээҥ, үлэлээтэххитинэ эрэ киһи быһыытынан үтүөҕүт тахсыаҕа”, – диэн үөрэтэбит.
Төрөппүт ийэбит Дарья Алексеевна суох буолбутугар, үс оҕо аҕабытыныын 5 сыл бэйэбит олорбуппут. Онно биһиэхэ күүс-көмө буолбут эдьиийбит Саргылаана Георгиевна, аҕабыт бииргэ төрөөбүт балта Светлана Дмитриевна «Эдьиий Сибиэтэ», «Эдьиий Лаана» диэн тапталынан ааттанар олус күндү дьоммутунан буолаллар. Кинилэр элбэххэ: үлэҕэ сыһыаҥҥа, дьону-сэргэни кытары кэпсэтэргэ, дьиэни-уоту көрөн-харайан олорорго үөрэппиттэрэ. Аҕам төрөппүттэрин дойдутугар, Майаҕа баар эдьиийдэрбит бука бары биһиэхэ өйөбүл буолаллар, кинилэртэн эмиэ элбэҕи иҥэриммиппит. Онон куруук дууһабытыгар махталлаахпыт уонна үөрүүлээх түгэннэргэ көрсүһэбит, үөрэбит-көтөбүт, Бары оҕолоро, сиэннэрэ улаатан, киһи эрэ үөрэр. Олохпут салҕанар, ыччаттар элбииллэр.
Төрөппүттэрбит, аймахтарбыт, баар-суох таптыыр, сүгүрүйэр, ытыктыыр эдьиийдэрбит, убайдарбыт бука бары биһиги олохпутугар үтүө холобур эрэ буолаллар.
Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, "Тымныы полюһа -- Өймөкөөн" диэн VI экстремальнай марафон буолла. Кыһыҥҥы сүүрүүгэ…
Өбүгэлэрбит тулалыыр айылҕа уратытын, халлаан эттиктэрин, кыыллар быһыыларын таба көрөн, күнү-дьылы билгэлиир этилэр. Кыһын туһунан…
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр бэлиэтэнэр Судаарыстыбаннас күнүгэр Арктика уонна ускуустуба киинин үлэҕэ киллэрии туһунан сорудаҕы СӨ…
Тохсунньу 16 күнүттэн дойду үрдүнэн киинэ тыйаатырдарыгар "Шаман" диэн эдэр режиссер Михаил Мерзликин киинэтэ көстүөҕэ.…
Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэртэн мастар эмиэ эмтээхтэр, доруобуйаҕа улахан туһалаахтар. Сорох мастар иннэлэрин, лабааларын кыһын,…
Билиигин-көрүүгүн хаҥат. Саамай уһун ааттаах кинигэ Англияҕа тахсыбыт. Уопсайа 45 устуруока. Кинигэ кумааҕыга эрэ буолбакка,…