Аҕам саастаахтар сайыҥҥы лааҕырдарын үлэтэ түмүктэннэ
Быйыл сайын «Демография» национальнай бырайыак иитинэн Саха сиригэр «Күөх сайын» диэн аҕам саастаахтарга анаан лааҕыр үлэлээтэ. Лааҕырга сылдьыбыт дьон олоххо көхтөөх буолалларыгар, дьоҕурдарын сайыннаралларыгар анаан араас тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Горнай, Эдьигээн, Таатта улуустарыттан 128 аҕам саастаах киһи лааҕырга сынньанна. Кинилэргэ анаан аҕам саастаах дьону уонна инбэлииттэри кытта үлэлииргэ идэтийбит уопуттаах дьон, Социальнай көрүү-истии өрөспүүбүлүкэтээҕи комплекснай киинин уонна Үһүс саас оскуолатын үлэһиттэрэ араас тэрээһиннэри ыыттылар: алгыс, оһуохай, күнү көрсүү, араас трениннэр, йога, эмтээх физкултуура, үҥкүү-битии, викториналар, куонкурустар, хаартыскаҕа түһүү, кэнсиэр, балыктааһын, күөх луугу хомуйуу, хабылык, хаамыска, бэстибээллэр уо.д.а.
Лааҕыр кыттыылаахтара бу күннэри эттэригэр-сииннэригэр, өйдөрүгэр-санааларыгар туһалаахтык атаардылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: