АГАТУ-га арассаада арааһа
Хаһан эмэ тэпилииссэттэн репортаж оҥоруом диэн түүлбэр да суоҕа. Ол эрээри, сааҥсыйанан, экология киртийиитинэн бэйэ аһа, үүнээйитэ ордук сыаналанар итиэннэ билигин арассаада хамаҕатык атыыланар кэмин баттаһа, ааспыт нэдиэлэҕэ АГАТУ тэпилииссэлэригэр баран кэллим.
Оптуобустан түһэн, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет (АГАТУ) тэлгэһэтигэр киирэн, тротуар устун хаама түһээт, университет кэннинэн барабын, остуолбаларга А4 кумааҕыга “Теплица” диэн суруллубут ыйынньыгы батыһан бэрт дөбөҥнүк булабын. Икки тэпилииссэ сэргэстэһэ турарыттан биирдэригэр (оттуллар) киирбитим, сарсыардаттан үлэ-хамнас ырааппыт.
Ландшафтнай дизайҥҥа
Ааны уун-утары топинамбур арассаадата турар. Аҕыйах сылтан бэттэх бу үүнээйи Саха сиригэр балачча киэҥник тарҕанна. “Топинамбуру оҕуруотчуттар кэлин тэлгэһэ кытыытынан ландшафтнай дизайҥҥа туттар буолан эрэллэр. 2 м тиийэ уһуон сөп, сибэккитэ подсолнухха майгынныыр, биир уктан алта төбөҕө тиийэ тахсар. Сиэмэнэн уонна хортуоппуйунан үүнэр. Хортуоппуйун хаалларан эһиилигэр дьон бэйэтэ олордуон сөп. Хортуоппуйа -35 кыраадыһы тиийэ тулуйар, онон хойут алтынньыга хостоон ылар ордук. Кыһынын көннөрү хортуоппуй курдук харайыллар. Аны инулин уонна селен састааба элбэх буолан, саахарнай ыарыылаах дьон хортуоппуйунан сибиэһэйдии салат оҥорон, буһаран, ыһаарылаан сииллэр, сэбирдэҕин хатаран чэй оҥостон иһэллэр”, – диэн АГАТУ ойуур комплексын уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ Мария Лукина билиһиннэрэр.
Топинамбуру таһынан декорга колеус, пеларгония курдук дьиэ сибэккилэрин кэлин дьон таһырдьа хото үүннэрэр буолла. Университекка бу сибэккилэр араас көрүҥүн атыылыыллар эбит. Манна даҕатан эттэххэ, сибэкки арассаадатын арааһа тахсыбыт: циннерария, бархатцы, шафран, петуния, рудбекия, цинния, настурция, львиный зев, хризантема, гвоздика, титония, шток-роза, флокс, амарант, о.д.а. Ону таһынан, университет тэлгэһэтигэр үүнэн турар дьаабылыка маһын сиэмэнэн таһааран уонна бары хаһаайкалар сөбүлүү көрөр акация маһын арассаадалаан атыылыыллар.
Оҕуруот аһын ийэтэ-аҕата…
Дьон арассаада диэни иһиттэ даҕаны маҥнай өлгөм үүнүүлээх оҕуруот аһын саныы түһэр. Дьэ, этэргэ дылы, арассаада ийэтэ-аҕата, эһээтэ-эбээтэ манна баар: оҕурсу, помидор, баклажан, кабачок, биэрэс, хаппыыста, сельдерей суорда кырыы-кырыытынан… Аны анал үөрэхтээх дьон быһыытынан барытын ааҕан-суоттаан, тугу да эрдэлэппэттэр-хойутаппаттар эбит.
Тэпилииссэ уһугуттан бэттэх диэки сыҕарыйабыт. Үс билим хандьыдаата эрээттэринэн олорон эрэн илиилэрин буортан араарбаттар. Тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьыдаата, агрономия уонна химия хаапыдыратын дассыана Светлана Афанасьевна Владимирова кабачогу олордор: “Бу кабачоктар куоппаһырдыыны эрэйбэттэр, баран уу эрэ кутар наада. Биир уктан хас да лабааланар, өлгөм үүнүүлээх, күһүн хойукка диэри астанар, иккилии-үстүү хоно-хоно быһыллар. Дьон атыыластар абыраныах этэ”, – диирин хаһан даҕаны кабачогу үүннэрэн көрбөтөх киһи, оннооҕор мин, биһирии истэбин.
Болкуоҥҥа тугу олордобут?
Аны ыал эрэ барыта чааһынай дьиэлээх, тэпилииссэлээх буолбатах. Ол гынан баран, бэйэтэ көрөн-истэн оҕуруот аһын амсайыан, болкуонун киэргэтиэн баҕарар. Эрээттэринэн хаамарбыт быыһыгар: “Болкуоҥҥа тугу олордуохха сөбүй?” – диэн ыйытыыбар – “Пиноккио” (бытархай), “Москвич” помидордары, “Подарок Молдовы” биэрэһи, корнишон оҕурсулары, петуния, анютины глазки, фиалка, лобелия сибэккилэри олордор табыгастаах. Болкуоҥҥа үүннэриллэр оҕуруот аһын хайаан даҕаны эбии аһатар наада. Сылаас күннэргэ күлүктэтэн, сойутар уу ыһыллара ирдэниллэр”, – диэн хоруйдуур.
Оҕуруотчуттар кистэлэҥнэриттэн
Ханнык баҕарар үүнээйи температура уларыйыытыттан, хаһыҥтан, олордор миэстэтин көһөрдөххө истириэстиир, уоҕурдууну ирдиир, маныаха биопрепараттары туһаналлар. Тус бэйэм биири соһуйа иһиттим – арассааданы таһырдьа таһаарыах 3-5 хонук иннинэ Эпининэн ыстаран баран олортоххо салгын уларыйыытын, хаһыҥы даҕаны тулуйумтуо буолар эбит. “Ардыгар хаһыҥҥа ылларбыт үүнээйилэргэ Циркон диэн биопрепарат көмөлөһөр кыахтаах. Кини чөлүгэр түһэрэр күүстээх”, – диэн арыалдьытым Мария Петровна хаһаайкаларга туһалаах оҕуруотчуттар биир кистэлэҥнэриттэн үллэстэр.
Эргиччи табыгастаах
Тэпилииссэҕэ сырыым кэнниттэн арассааданы мантан ылар бары өттүнэн ордук эбит диэн түмүккэ кэллим. Бастакытынан, анал үөрэхтээхтэр, кэтээн көрүү түмүгүнэн Саха сирин усулуобуйатыгар ордук табыгастаах диэбит арассаадаларын атыылыыллар. Иккиһинэн, арассааданы ылбыт, хайдах, туохтан саҕалыыры билбэт, сүбэ көрдүүр дьоҥҥо ыйан-кэрдэн биэрэллэр эбит. Ону таһынан, бассаап бөлөх арыйан бэйэлэрэ атыылыыр үүнээйилэрин туһунан биирдиилээн кэпсииллэр. Үсүһүнэн, атыттардааҕар сыаната удамыр. Төрдүһүнэн, ханна да ыраата барар ирдэммэт, куорат иһигэр баар. Онон хаалбыт күннэри баттаһа тиэтэйиҥ, бэйэ, иҥэмтиэлээх аһынан аһааҥ, кылгас сайыҥҥа тэлгэһэҕитин киэргэтиҥ, хараххытын үөрдүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: