АГАТУ маастар-кылааска ыҥырар
Оҕуруот, үүнээйи олордуутун кэмэ кэлбитинэн, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет нэһилиэнньэҕэ анаан маастар-кылаас ыытар. Туохха?
Ол курдук, бу субуотаҕа, 2024 сыл муус устар 20 күнүгэр, күнүс 11 ч-12 ч. диэри петуния сибэккини хайдах сөпкө көһөрөр, элбэтэр туһунан кэпсиэхтэрэ, сүбэлиэхтэрэ-амалыахтара. Сыаналара босхону эрэ үрдүнэн.
Манна даҕатан эттэххэ, ааспыт нэдиэлэҕэ арассаада, тэпилииссэ буорун бэлэмнээһиҥҥэ маастар-кылааһы ыыппыттара. Кыттыбыт дьон: “Буору хайдах бэлэмниири билэбин дэнэ сананарым да, билбэтим-көрбөтүм элбэх”, — дэһэн тарҕаспыттара. Үчүгэйэ диэн, манна кэлбит дьон көрөн турбакка, барытыгар бэйэлэринэн быһаччы кытталлара быдан тиийимтиэ эбит.
Буолар сирэ: АГАТУ тэпилииссэтэ. Сиһилии 8-965-996-68-17 (бассаап* признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России) нүөмэринэн сурутуоххутун сөп.
*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: