АГАТУ тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин эрэ бэлэмнээбэт
Аны икки нэдиэлэнэн үөрэххэ туттарсыы саҕаланар. Тустаах тиэмэнэн Саха сиригэр тыа, ойуур хаһаайыстыбатыгар бэлэмниир соҕотох үрдүк үөрэх кыһатын – Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет киин тутар хамыыһыйатын салайааччыта Павлина Васильеваны кытта кэпсэттибит.
Уларыйыылар
– Павлина Егоровна, үөрэххэ туттарсыыга туох саҥа уларыйыы киирдэ?
– Бастакытынан, быйыл сүрүн уларыйыы докумуону тутуу болдьоҕор буолар. Үрдүк үөрэхтэргэ барыларыгар биир чопчу күннэри ыйбыттара. Ол курдук, бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларыгар биир кэлим эксээмэн түмүгүнэн туттарсааччылартан докумуоннарын от ыйын 25 күнүгэр, орто анал үөрэх кэнниттэн киирээччилэртэн от ыйын 18 күнүгэр диэри тутабыт. Салгыы үрдүк үөрэх кыһалара бэйэлэрэ ыытар эксээмэннэрин быһаараллар, ол гынан баран, от ыйын 25 күнүн хойутатыа суохтаахтар. Биһиги университеппытыгар эксээмэннэр от ыйын 19-25 күннэригэр буолуохтара.
Иккиһинэн, бу иннинээҕи сылларга абитуриент 5 үрдүк үөрэх тэрилтэтигэр хас биирдиитигэр 10-нуу хайысхаҕа сайабылыанньатын биэрэр кыахтаах эбит буоллаҕына, билигин эмиэ биэс үрдүк үөрэх тэрилтэтигэр эрээри, 5 исписээлинэскэ диэри көҕүрээтэ.
Үсүһүнэн, абитуриент хас даҕаны хайысхаҕа эбэтэр үөрэх көрүҥэр (күнүскү, кэтэхтэн) куонкурустаһар түгэнигэр, ордук суолталаахтарын талан бэлиэтиир. Баалынан хас да үөрэххэ киирэр кыахтаах түгэнигэр, бастакынан ханнык исписээлинэһи талбытыгар киирэр.
Төрдүһүнэн, бу иннинээҕи сылларга бүддьүөт миэстэтигэр уонна төлөбүрдээххэ туттарсалларыгар иккиэннэригэр биир сайабылыанньаны толороллоро. Быйылгыттан икки тус-туспа сайабылыанньаны суруйаллара ирдэнэр.
Босхо миэстэ
– Быйыл бүддьүөттэн көрүллэр миэстэ хайдаҕый?
– Былырыын, уопсайа, 1119 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүтэ, быйыл – 1035 миэстэ. Итинтэн үрдүк үөрэххэ – 850, орто анал үөрэххэ – 185 миэстэ. Биһиэхэ сыллата орто үөрэххэ куонкурус үрдүк буолар. Быйыл куонкурус өссө улаатыа диэн сабаҕалыыбыт. Холобур, 9-с кылаас кэнниттэн түөрт хайысхалаахпытыттан программист идэтигэр эрэ 40 бүддьүөт миэстэтэ тыырылынна. Онтон юрист, буҕаалтыр уонна повар, кондитер дьыалалара төлөбүрдээхтэр.
Төлөбүрдээх үөрэх
– Төлөбүрдээх үөрэх сыаната төһө буолла?
– Төлөбүрдээх үөрэх былырыыҥҥыттан уларыйбата, оннунан хаалла. Орто күнүскү үөрэххэ 9-с кылаас кэнниттэн туттарсааччыларга сылга 85 тыһ. солк., 11-с кылаас кэнниттэн 80 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Үрдүк үөрэххэ (бакалавриат, специалитет) – 140-180 тыһ. солк., магистратураҕа – 192 тыһ. солк.
Бу чэпчэтиллибит сууманы эттим. Кимнээххэ чэпчэтии көрүллэр диэн туоһулаһааччылар. Чэпчэтии көрүллэр: тулаайах оҕолорго; төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолорго; инбэлиит оҕолорго; 1, 2 группалаах инбэлииттэргэ; аттестаттарын орто баала 3,3 баалтан үрдүктэргэ; биир кэлим эксээмэннэрин орто баала 160 баалтан үрдүктэргэ уонна РФ субъегар ыйыллыбыт тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах олорор сирдэринэн нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин уорганыттан ыспыраапканан бигэргэтэр дьон, соҕотох эрэ төрөппүттээх 20-гэр диэри саастаах дьон.
Тус сыаллаах миэстэ
– Тус сыаллаах миэстэ (целевой) ахсаана билиннэ дуо? Ханнык тэрилтэлэри кытта дуогабардаһыахха сөбүй?
– Быйыл үрдүк үөрэххэ көрүллүбүт бүддьүөт миэстэтин уопсай ахсааныттан 145 миэстэ тус сыаллаах кубуотаҕа бэрилиннэ, итинтэн 89 миэстэ – күнүскү, 56 миэстэ – кэтэхтэн үөрэххэ. Туһаныллыбакка хаалбыт миэстэлэр уопсай куонкуруска көһөн биэрэллэр.
Тус сыаллаах үөрэххэ (целевое) тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсибит абитуриеннар куонкурустаһаллар. Устааптаах хапытаалыгар Арассыыйа эбэтэр Саха сирин өлүүтэ баар ханнык баҕарар тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсиэхтэрин сөп. Тус сыаллаах миэстэҕэ холонооччулар сүрүннээн улуус дьаһалтатын, министиэристибэлэри, ойуур, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах тэрилтэлэри, улуустааҕы бэтэринээрдэр управлениеларын кытта дуогабар түһэрсээччилэр. Маныаха үчүгэйэ диэн, дуогабар түһэрсибит оҕолор тус сыаллаах миэстэлэргэ туспа куонкурустаһаллар, оҕо үөрэххэ киирэр кыаҕа үрдүүр. Ол эрээри, быраактыка көрдөрөрүнэн, кэлиҥҥи сылларга тус сыаллаах миэстэҕэ туттарсар оҕо ахсаана аҕыйаан иһэр, былырыын уонча эрэ оҕо этэ. Биллэн турар, дуогабардаспыт тэрилтэлэригэр үс сыл тиийэн үлэлииллэрэ ирдэнэр эрээри, дьиҥэр, бу үрдүк үөрэххэ киирэргэ улахан кыах буолар.
Саҥа идэ
– Эһиэхэ быйыл саҥа идэ аһыллар диэн истибитим.
– Экэнэмиичэскэй бакылтыат быйылгы үөрэх дьылыгар магистратура салаатыгар «экономика комплексного развития АПК и территорий» экэниэмикэ хайысхатыгар саҥа аһыллар үөрэххэ ыҥырар. Бу бырагыраама тыа хаһаайыстыбатын экэниэмикэтин уонна биисинэс тэрээһиннэрин хайысхаларыгар, агропромышленнай комплекс тыа сиригэр, өрөспүүбүлүкэҕэ биир кэлим сайдарыгар анал бырайыактары, бырагыраамалары оҥорору дириҥэтэн үөрэтиигэ туһуланар.
Быйыл бакалавриакка АйТи уонна экэниэмикэ хайысхаларыгар улахан куонкурус буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Абитуриеннар бу идэлэри ордук сэҥээрэллэр. Уонна кэлиҥҥи кэмҥэ бэтэринээр исписээлинэһигэр туттарсааччы элбээтэ.
Докумуону туттарыы
– Докумуону дьиэлэриттэн олорон ыытыахтарын сөп дуу?
– Арктикатааҕы агротехнологическай университет абитуриеннартан докумуоннарын бэс ыйын 15 күнүттэн тутан саҕалыахпыт. Тус бэйэлэрэ кэлэн, судаарыстыбаннай өҥө порталынан, Арассыыйа буостатынан, АГАТУ саайтын нөҥүө уонна докумуону тутар хамыыһыйа электроннай буочтатыгар ыытыахтарын сөп.
Орто үөрэхтэргэ докумуоннары бэс ыйын 15 күнүттэн атырдьах ыйын бүтүүтүгэр диэри тутабыт. Манна аттестат орто баалынан ылабыт.
Эбии баал
– Эһиги университеккытыгар эбии баал туох ситиһии иһин ааҕылларый?
– Ханнык баҕарар үрдүк үөрэх кыһатыгар курдук биһиэхэ эмиэ тус ситиһии иһин үөрэххэ куонкурустаһалларыгар эбии баал ааҕыллар. Тыа хаһаайыстыбатын университета буоларбыт быһыытынан, агро-оскуоланы, агро хайысхалаах орто үөрэхтэри бүтэрбиттэргэ (5 баал), АгроНТРИ куонкуруска миэстэлэспиттэргэ (3-5 баал) көрүллэр. Ону таһынан, оскуоланы, анал үөрэҕи туйгун сыананан бүтэрии, түмүктүүр өйтөн суруйуу, Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын сэбиэтин испииһэгэр киирбит олимпиадаларга миэстэлэһии иһин, хайысхаларынан (математика, биология, химия, физика, обществознание) эрэгийиэннээҕи олимпиадаларга бастаабыттарга, “Большая перемена” Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска миэстэлэспиттэргэ, СӨ Ил Дарханын истипэндьийэтэ ааты сүкпүттэргэ (5 баал), ГТО кыһыл, үрүҥ көмүс, боруонса бэлиэлэрин иһин (3-5 баал), волонтердар хамсааһыннарыгар кыттыыга (3 баал) ааҕыллар, о.д.а. ситиһиилэр.
Истипиэндьийэ, уопсайынан хааччыйыы
– Абитуриеннар төрөппүттэрэ устудьуоннары уопсайынан хааччыйыы, истипиэндьийэ хайдаҕын туһунан үгүстүк ыйытааччылар.
– Истипиэндьийэни бүддьүөт суотугар үөрэххэ киирбит “үһэ” суох устудьуоннар бары ылаллар. Бастакы куурус бастакы симиэстиригэр барыларыгар көрүллэр. Онтон салгыы үөрэххэ ситиһиилэриттэн көрөн бэриллэр. Холобур, бакалавриат, специалитет бырагыраамаларыгар киирбиттэргэ базовай академическай истипиэндьийэ 4841 солк. тэҥнэһэр, ону таһынан, кыра дохуоттаахтар ыспыраапка аҕалан 3672 солк. социальнай истипиэндьийэ ылыахтарын сөп.
Салгыы академическай истипиэндьийэ куурустарынан үрдээн барар. Устудьуон араас хайысхаларга ситиһиилэрдээх түгэнигэр үрдэтиллибит истипиэндьийэни ылар кыахтанар. Холобур, уопсастыбаннай үлэҕэ ситиһиилээхтэргэ 12 тыһ. солк., култуура-айар хайысхаҕа (үҥкүү, ырыа) – 13 тыһ. солк. успуорка – 14 тыһ. солк., үөрэххэ (олимпиада…) – 15 тыһ. солк, билимҥэ – 16 тыһ. солк. буолар.
Онтон уопсайга олорор миэстэнэн, бастатан туран, бүддьүөт суотугар уонна 9-с кылаас кэнниттэн (бүддьүөт, төлөбүрдээх) үөрэххэ киирбит оҕолор хааччыллаллар. Төлөбүрдээх миэстэҕэ киирбиттэр уопсайга наадыйар түгэннэригэр, сайабылыанньа суруйдахтарына хамыыһыйа көрүүтүнэн быһаарыллар.
Төһө даҕаны тыа, ойуур хаһаайыстыбатын университета аатын сүктэрбит, бу салааларга сыһыаннаах экэниэмикэ, атыы дьыалатын, юрист, программист, техник-технолог, о.д.а. идэлэргэ эмиэ бэлэмниибит. Биһиги университеппытыгар үөрэххэ киириҥ диэн ыҥырабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: