Салгыы
АГАТУ устудьуоннара байыаннай дьайыыга барар гуманитарнай көмөнү тиэйиигэ көмөлөстүлэр

АГАТУ устудьуоннара байыаннай дьайыыга барар гуманитарнай көмөнү тиэйиигэ көмөлөстүлэр

28.01.2025, 19:30
Хаартыска АГАТУ пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

«Биһиги бииргэбит!» бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн, Арктикатааҕы агротехнологическай университет устудьуоннара байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар  гуманитарнай көмөнү тиэйиигэ көхтөөхтүк кытыннылар.

Тэрээһини «СӨ волонтерскай ресурснай киин» автономнай коммерческайа суох тэрилтэ тэрийэн ыытта диэн АГАТУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бүгүн, тохсунньу 28 күнүгэр, устудьуоннар Айталин Спиридонов (ИФ МАПП-23), Шохрух Каримов (ФЛКиЗ АБ-23) уонна Фарух Каримов (ФЛКИЗ АБ-22) волонтердарга холбоһон харыстыыр сиэккэлэри, блиндаж чүмэчилэрин, баһыылкалары уонна байыаннайдар таҥастарын массыыналарга тиэйдилэр.

«Биһиги маннык улахан суолталаах дьыалаҕа кылааппытын киллэрэр кыахтаммыппытыттан үөрэбит. Бу биһиги байыастарбытыгар көмө эрэ буолбакка, уопсай дьыалаҕа кыттыһыы буолар», — диэн Айталин Спиридонов санаатын үллэһиннэ.

«СӨ волонтерскай ресурснай киин» автономнай коммерческайа суох тэрилтэ устудьуоннарга уонна университет салалтатыгар суһаллык кэлэн уонна түргэнник-тарҕаннык туттан көмөлөспүттэригэр махталын биллэрдэ. Маннык аахсыйалар инники күөҥҥэ сылдьар байыастарга көмөлөһөллөргө эрэ буолбакка, уустук кэмҥэ бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү, дьону сомоҕолуур суолталааҕын өйдөтөллөр.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 января
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: