АГАТУ устудьуоннара күһүҥҥү хомуурга көмө оҥороллор
Балаҕан ыйын саҕаланыаҕыттан Арктикатааҕы ГАТУ устудьуоннарыгар үлэ быраактыката саҕаланна.
Дьокуускай куорат таһынааҕы хаһаайыстыбаларын уонна Нам улууһун хонууларынан оҕуруот аһын хомуйууга 80-тан тахса устудьуон кытынна.
Университет преподавателлэрин салалталарынан устудьуоннар хортуоппуйу, оҕуруот аһын хомуйууга агротехнологическай ирдэбиллэри тутуһан, тыа хаһаайыстыбатын үлэлэригэр көхтөөхтүк кытталлар. Эдэр ыччакка табыгастаах усулуобуйа тэрилиннэ, аһынан-үөлүнэн хааччылыннылар, оттон үлэлэрэ төлөнөр.
Устудьуоннарга үлэ быраактыката аҥардас хамнас эрэ буолбакка, саҥа миэстэлэри көрүү, интэриэһинэй дьону кытта бодоруһуу уонна туохха да тэҥнэммэт олох уопута буолар. Быраактыка кэмигэр хомуллубут уопут инники идэҕэ туһалыахтара диэн эрэнэбит диэн АГАТУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: