Хаартыска: pxhere.com/ru/photo
Дьокуускай куоракка куор ыарыыта элбээбитинэн сибээстээн, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет устудьуоннара тэйиччиттэн үөрэххэ көстүлэр.
“Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтэ куорунан ыалдьыыта элбээбитинэн сибээстээн, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет устудьуоннара муус устар 23 күнүттэн ыам ыйын 11 күнүгэр диэри тэйиччиттэн үөрэнэллэр. Бу туһунан университет салалтатын бирикээһэ таҕыста. Үөрэх дистанционнай технологиялары туһанан ыытыллар, оттон култуура-маассабай тэрээһиннэр хойукку кэмҥэ көһөрүллэллэр. Үөрэх салааларын начаалынньыктара үөрэх бырагыраамата олоччу буоларын хааччыйыахтаахтар уонна устудьуоннар ортолоругар быһаарар үлэни ыытыахтаахтар”, – диэн университет ТГ иһитиннэрэллэр.
2023-2024 сылларга куор утары бахсыына кэмчи буолан, өрөспүүбүлүкэҕэ куортан көмүскэлэ суох дьон ахсаана эбиллэн, куор нэһилиэнньэ ортотугар тарҕанна, оҕолор ортолоругар өрө туруута уонна бөлөҕүнэн ыалдьыылара бэлиэтэнэр диэн Роспотребнадзор иһитиннэрэн турар.
Бүгүҥҥүттэн, муус устар 22 күнүттэн куор утары быһыыны ылбатах оҕолор быстах кэмҥэ тэйиччиттэн үөрэнэллэр диэн Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетын бирикээһэ тахсыбыта. “Хаччахтааһын үрдүк, орто үөрэх кыһаларын устудьуоннарыгар, үлэһиттэригэр, социальнай тэрилтэлэр үлэһиттэригэр эмиэ сыһыаннаах”, – диэн Роспотребнадзор биллэрбитэ.
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…
Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…
Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…
Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…
Таастаах диэн сиргэ "Амикан" этнография комплексын көрүү кэнниттэн, Нерюнгри оройуонун дьаһалтатын Олоҥхо ыһыаҕар эппиэттээх исписэлиистэрэ,…
Нерюнгри оройуонун биэнсийэлээҕэ түөкүттэр “домофон уларытыыта” исхиэмэлэригэр киирэн биэрэн. Туох баар дьиэ кэргэнин уурумньутун барытын…