Агеев, Виленскэй-Сибиряков аптаныамыйаҕа оруоллара
1921 сыл саҥатыттан 1922 сыл кулун тутарыгар диэри Саха сиригэр биир улахан былаастаах уонна суостаах салайааччынан Губчека бэрэссэдээтэлэ Андрей Васильевич Агеев этэ. Кини Саратовскай уобаласка төрөөбүтэ, нуучча, алын сүһүөх оскуоланы (IV кыл.) бүтэрбитэ. Дьиҥнээх пролетарий, идэтинэн тимир ууһа, хаайыыга уонна политсыылкаҕа (1906, 1908 сс) сылдьыбыта. 1905 уонна 1917 сыллардаах өрөбөлүүссүйэлэр кыттыылаахтара. 1917 сыллаахха Саратовка тимир суол үлэһиттэрин боропсойууһун бэрэссэдээтэлэ этэ.
ЧК үлэтигэр бүүс-бүтүннүү бэриниилээҕэ. Сэбиэскэй былааһы, баартыйа интэриэстэрин Киин Кэмитиэт ыйыыларынан, бэйэтэ билэринэн, сатыырынан көмүскүүрэ. Ол эрээри, саха устуоруктара, чуолаан
Е.Е. Алексеев уонна Г.П. Башарин Г.И. Лебедеви, А.Г. Козлову,
А.В. Агеевы адьас куһаҕан санаалаах, баартыйа уонна сэбиэскэй былаас ыытар бэлиитикэлэрин улаханнык токуруппут, хаҥас диэки күүскэ халыйбыт, туох да улахан туһалааҕы оҥорботох, саха норуотун алдьархайга тириэрдибит салайааччылар курдук сыаналаан элбэх үлэлэри суруйбуттара, триумвират дьоно диэн ааттаабыттара. Туох баар буруй, сыыһа-халты барыта кинилэргэ сүктэриллибитэ, триумвират дьоно “буруйдаах Моттойо” буолбуттара.
“Саха дьадаҥылара туох да хаалыылара суох”
Ол эрээри, дьиҥнээх олоххо уонна үлэлэригэр бу дьон син киһи курдук этилэр. 1921 сыл саас А.В. Агеев Москваттан П.А. Ойуунускайы уонна
И.Н. Бараховы кытта бииргэ Саха сиригэр кэлэн иһэн Омскайга Сиббюро мунньаҕар итиэннэ Сибиир төрүт олохтоох омуктарын (туземецтарын) сийиэстэригэр (Ойуунускай) аптаныамыйа боппуруоһун туруорсубуттара. Сиббюроҕа уонна Сибревкомҥа эрдэттэн бэлэмнэммит 3 докумуон (Саха ССР туһунан балаһыанньа, Саха сирин салайар ревкомун туһунан балаһыанньа, Сибревком Саха сирин норуотугар иһитиннэриитин) барылларын туттарбыттара. Бу докумуоннары барытын биһирээн уонна сөбүлээн А.В. Агеев, РК(б)П КК Саха сиригэр командировкаламмыт сэбиэскэй-бартыыйынай үлэһитин быһыытынан, илии баттаабыта.
Саха сиригэр кэлээтин, 1921 сыл бэс ыйын 21 күнүгэр буолбут Губбюро пленумун киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар аптаныамыйа боппуруоһа дьүүллэһиллибитэ. Барыта 55 киһи баара, икки дакылаат истиллибитэ: М.К. Аммосов аптаныамынай өрөспүүбүлүкэ наада диэбитэ.
Бу мунньахха А.В. Агеев ханнык да халбаҥнааһына суох аптаныамыйа наада диэбитэ.
М.К. Аммосов дакылаатын хайҕаан баран, кини маннык эппитэ: “Саха дьадаҥылара тэрээһин өттүнэн Башкирия, Киргизия, буряттар дьадаҥыларыттан туох да хаалыылара суох. Култуурунай сайдыы таһымынан Саха сирэ атын народностартан эмиэ туох да хаалыыта суох”. Бу пленумҥа куоластааһын түмүгэ: аптаныамыйа иһин – 29 куолас, утары – 21 куолас, туттуммут – 2 киһи. Аптаныамыйаны туруулаһан М.К.Аммосов, П.А.Ойуунускай, А.В.Агеев, А.И.Козырин, Д.Т.Браташ, А.Ф.Попов тыл эппиттэрэ. Дьэ, бу мунньах кэнниттэн, бартыыйынай-бэлитиичэскэй быһаарыы (уураах) ылыллыбытын кэнниттэн, аптаныамыйаны туруорсуу күүһүрбүтэ. Бу уурааҕы Сиббюро, Сибревком, РСФСР Наркомнаһа билиммиттэрэ уонна үлэлэригэр бу докумуонунан салайтарар буолбуттара.
Онон, Губчека бэрэссэдээтэлэ А.В.Агеев аптаныамыйа боппуруоһугар М.К.Аммосовы, П.А.Ойуунускайы, И.Н.Бараховы өйөөбүтэ, кинилэргэ тирэх буолбута. Уопсайынан, Саха сиригэр аптаныамыйа олохтонуутун улуу нуучча норуотун бэрэстэбиитэллэрэ сорунуулаахтык өйөөбүттэрэ, кинилэр ортолоругар Якутгубчека бэрэссэдээтэлэ Андрей Васильевич Агеев эмиэ баара.
Владимир Виленскэй быһаччы үлэлэспитэ
1920-1922 сылларга Саха сирэ Аптаныамынай Өрөспүүбүлүкэ ыстаатыһын ыларыгар хас биирдии биллиилээх уонна улахан сабыдыаллаах бэлитиичэскэй диэйэтэл өйүүр уонна көмүскэһэр позицията олус көмөлөөх, суолталаах уонна туһалаах этэ. Биир маннык киһинэн 1912-1917 сылларга Саха сиригэр сыылкаҕа олорбут социал-демократ (кэлин бассабыык) Владимир Дмитриевич Виленскэй-Сибиряков этэ.
Кини Томскай куоракка төрөөбүтэ, нуучча. Ремесленнэй училищены бүтэрбитэ. 1903 сыллаахха ыраахтааҕы былааһын утары хамсааһыҥҥа кыттыбыта. 1903-1908 сылларга Томскайга уонна Омскайга РСДРП тэрилтэлэригэр үлэлээбитэ. 1908 сыллаахха тутуллан, сууттанан Забайкальеҕа (Нерчинскэйгэ) урууданы хостооһуҥҥа хаатыргаҕа сылдьыбыта. 1912 сыллаахха босхолонон, Саха сиригэр олохсуйа кэлбитэ.
Дьокуускайга кэлэн баран, элбэх научнай чинчийиилэргэ кыттыбыта. 1916 сыллаахха Бүлүү сүнньүгэр олорор сахалар сүөһүнү ииттэр хаһаайыстыбаларын чинчийиигэ, үөрэтиигэ үлэлээбитэ. Бу кэнниттэн сахалар илиинэн оҥоһуктарын (кустарные промыслы) үөрэтиинэн дьарыгырбыта.
1917 сыллааҕы Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн оробуочайдар уонна саллааттар сэбиэттэрин Саха сиринээҕи Киин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн буолбута. 1917 сыллаахха балаҕан ыйыгар киэҥник биллибит Демократическай мунньахха кытта Петроградка барбыта, сэтинньигэ Иркутскайга үлэҕэ ыытыллыбыта. Манна Сибиир сэбиэттэрин Киин Ситэриилээх кэмитиэттэрин (Центросибирь) чилиэнинэн талыллыбыта. Кэлин Сэбиэттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы VIII сийиэстэригэр кыттыбыта, ВЦИК чилиэнинэн талыллыбыта.
Мантан кэлин Москваҕа олохсуйан Генеральнай штаб Академиятын (байыаннай үөрэх кыһата) тэрийиигэ үлэлээбитэ, Генштаб политкомиссара этэ, байыаннай-научнай уопсастыбаны тэрийбитэ. Онтон дипломатическай үлэҕэ көһөрүллэн, Дальневосточнай Өрөспүүбүлүкэ (ДВР) уонна Япония бэрэстэбиитэллэрин Дайрэн (билигин Далян) куоракка үлэлээбит кэмпириэнсийэлэригэр (1921 сыл атырдьах ыйа – 1922 сыл муус устар) үлэлээбитэ. Таарыччы Пекиҥҥэ Сэбиэскэй посольствоҕа (миссияҕа) уонна Коминтерн Кытайга бэрэстэбиитэлинэн сылдьыбыта.
Хааннаах дэгиэ тыҥырах мүччү ыһыктыбатаҕа…
Кэлин, 1927 сыллаахха, Троцкай тэрийбит оппозициятыгар кытынна диэн БСК(б)П-тан устубуттара, Пермь куоракка көскө ыытыллыбыта, 1931 сыллаахха баартыйатыгар төнүннэрбиттэрэ. 1936 сыллаахха эмиэ троцкист диэннэр баартыйатыттан устубуттара, сэбиэскэй былааһы утары үлэлиир диэн буруйдааннар сууттаабыттара, 8 сыл болдьохтоох хаайыыга быраҕыллыбыта. Красноярскай кыраайга Илан диэн ыстаансыйаҕа 1942 сыл от ыйын 2 күнүгэр ГУЛАГ хаайыытыгар өлбүтэ. Кэргэнэ Марфа Митрофановна уонна кыргыттара Мария, Лидия эмиэ эрэпириэссийэлэммиттэрэ.Маннык уустук дьылҕалааҕын иһин саха устуоруктара В.Д.Виленскэй туһунан соччо ахтыбат, куттанан-сэрэхэдийэн кини туһунан элбэхтэ суруйбат этилэр.
Саха сириттэн ВЦИК чилиэнэ, дипломат, суруналыыс
Билигин эттэххэ, 1920-1922 сылларга В.Д.Виленскэй Саха сирэ Автономнай Өрөспүүбүлүкэ буоларыгар элбэхтэ көмөлөспүтэ, үлэлээбитэ. Ону мэлдьэһэр табыллыбат. Ол курдук (29.12.1920 с.) Наркомнацка буолбут мунньахха кыттыыны ылбыта уонна аптаныамыйаны туруорсууну өйөөбүтэ. Саха сириттэн дэлэгээт быһыытынан С.М.Аржакову, Г.С.Ефимовы кытта Сэбиэттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы VIII сийиэстэригэр кыттыбыта уонна ВЦИК чилиэнинэн талыллыбыта. Саха сириттэн соҕотох ВЦИК чилиэнэ буолан, В.Д.Виленскэй Саха сирин бэрэстэбиитэллэрин батыһыннара сылдьан ВЦИК уонна Наркомнац араас салааларыгар, бары хамыыһыйаларыгар холкутук киллэрэр, дипломат буолан араас боппуруостары быһаарсалларыгар көмөлөһөр этэ.
Аны туран, В.Д.Виленскэй биллиилээх суруналыыс буолан, киин бэчээккэ “В Якутской области Якутская Автономия” диэн ыстатыйата “Известия ЦИК РСФСР” хаһыакка, иккис ыстатыйата “Самоопределение якутов” РСФСР Наркомнаһын “Жизнь национальностей” хаһыатыгар бэчээттэммиттэрэ. Бу ыстатыйалар тахсаннар, Киин Арассыыйаҕа үгүс салайааччылар моральнай-психологическай, бартыыйынай-судаарыстыбаннай өйдөрө-санаалара уларыйбыта, Саха сирэ аптаныамыйаны ылыытыгар сөптөөх моральнай уонна бэлитиичэскэй сыһыан үөскээн барбыта. В.Д.Виленскэй өҥөтө манна эмиэ баар.
РК(б)П Саха сиринээҕи Губбюротун 1922 сыл тохсунньу 9 күнүнээҕи аптаныамыйа боппуруоһун дьүүллэспит пленумун уурааҕынан, бу боппуруоһунан Саха уобалаһын аатыттан туруорсар толору боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл А.И.Мордвов салайааччылаах, В.Д.Виленскэй, М.К.Аммосов чилиэннэрдээх аналлаах хамыыһыйа тэриллибитэ. Онон А.И.Мордвов, В.Д.Виленскэй-Сибиряков, М.К.Аммосов бииргэ үлэлээбиттэрэ, аптаныамыйаны туруорсуу күүһүрбүтэ уонна ситиһиилээхтик түмүктэммитэ. 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр ВЦИК Президиумун мунньаҕа Саха АССР-ы тэрийэр туһунан Декрети бигэргэппитэ, Саха сирэ Аптаныамынай Өрөспүүбүлүкэ буолбута. Аптаныамыйаны туруорсууга көмөлөспүт, турууласпыт Владимир Дмитриевич Виленскэй-Сибиряков сырдык аатын ахтан-санаан, сүгүрүйэн ааһарбыт тоҕоостоох.
Николай Николаев,
үлэ бэтэрээнэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: