Салгыы
АГИКИ бүддьүөт миэстэлэригэр эбии үөрэххэ ыларын туһунан иһитиннэрэр

АГИКИ бүддьүөт миэстэлэригэр эбии үөрэххэ ыларын туһунан иһитиннэрэр

16.08.2024, 15:10
Хаартыска: agiki.ru/press-center
Бөлөххө киир:

Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай института бакалавриакка бүддьүөт миэстэтигэр эбии үөрэххэ ылар, докумуону атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри тутар.

“Ытыктабыллаах үөрэххэ туттарсааччылар! Саха сиригэр култуура, ускуустуба уонна креативнай индустрия сүрүн үрдүк үөрэҕин устудьуонунан буоларгытыгар эбии түгэни биэрэбит. Үрдүк үөрэх кыһатыгар индустрия инники күөҥҥэ сылдьар быраактыктарыттан, лидердэриттэн прикладной билиини ылыаххыт, урбаан үөрүйэҕэр сыстыаххыт. Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай институтугар үөрэ көрсүөхпүт”, – диэн институт ректора Саргылана Игнатьева бэлиэтиир.

Атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай института (АГИКИ) бакалавриат бырагыраамаларыгар докумуону салгыы тутар: «Социально-культурная деятельность», (профили «Проектный менеджмент в социально-культурной деятельности, «Постановка и продюсирование театрализованных представлений и праздников») – кэтэхтэн үөрэх, «Музеология и охрана объектов культурного и природного наследия» — күнүскү үөрэх, «Библиотечно-информационная деятельность» — кэтэхтэн үөрэх, «Музыкознание и музыкально-прикладное искусство» — күнүскү үөрэх.

Ону тэҥэ, атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри бакалавриат, специалитет, магистратура бары хайысхаларыгар төлөбүрдээх үөрэххэ ылыыта түмүктэнэр.

Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай института (АГИКИ) – Арассыыйа эрэгийиэннээҕи тирэх буолар үрдүк үөрэҕин кыһата. Манна Арассыыйа саамай улахан эрэгийиэнигэр – Арктика уһук-илин зонатыгар култуура уонна ускуустуба эйгэтигэр каадыры бэлэмнииллэр. Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай института – Артика норуоттарыгар айар каадыры бэлэмниир биир биллэр лидер.

Үөрэххэ туттарсааччылартан докумуону Дьокуускай куорат Орджоникидзе уул. 4-с нүөмэрдээх дьиэтигэр ылаллар. Ону тэҥэ, Судаарыстыбаннай өҥө  (Госуслуги) саайтынан  эмиэ ыытыаххытын сөп. Бу туһунан АГИКИ саайтыгар иһитиннэрэллэр.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: