АГИКИ-лар халаантан эмсэҕэлээбит Нам улууһун дьонугар көмөлөстүлэр
Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун кэлэктиибэ халаантан эмсэҕэлээбит Нам улууһугар гуманитарнай көмөнү аҕалла диэн суруйар СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
“АГИКИ преподавателлэрин, үлэһиттэрин уонна устудьуоннарын кэлэктиибэ Нам улууһун халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ холодильниктары уонна гаас билиитэлэрин аҕаллыбыт”, — диэтэ институт ректора Саргылана Игнатьева.
Уустук балаһыанньаҕа түбэспит, үйэлэрин тухары муспут баайдарын-дуолларын кыл түгэнин иһигэр сүтэрбит дьоҥҥо АГИКИ кэлэктиибэ, идэлээх сойууһа биир күннээх хамнастарын биэрэргэ быһаарыммыттар. “Бу көмө аахсыйаҕа устудьуоннарбыт амарах санаанан кыттыспыттара дьоһун быһыынан буолар”, — диэн Саргылана Игнатьева кэлэктиибигэр махтанар.
АГИКИ ректора Саргылана Игнатьеваны кытта көрсүһүүгэ Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов институт үлэһиттэригэр уонна устудьуоннарыгар махталын тиэртэ. “Нам улууһун кытта биһиги уруккуттан доҕордоһобут, бииргэ үлэлэһэбит. Инникитин да үтүө сыһыаммытын тутан, Нам улууһун култууратын, искусствотын, наукатын уонна үөрэхтээһинин өссө өрө таһаарар туһугар холбоһуктаах бырайыактарбытын салгыы сайыннара туруохпут”, — диэн эбэн эттэ Саргылана Игнатьева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: