АГИКИ устудьуоннара Докучаевскайга кэнсиэртээтилэр

Share

ДНӨ Докучаевскай куоратын Оҕо, ыччат айымньытын дьиэтигэр Саха сирин уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ кыттыгас кэнсиэртэрэ буолла. Бу туһунан Саха сирин Донецкайга баар тирэх пуунугар иһитиннэрдилэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Докучаевскай олохтоохторугар Арктикатааҕы култуура, ускуустуба институтун устудьуон-волонтердара ырыа-тойук нүөмэрдэрин бэлэхтээтилэр, үнүстүрүмүөннэргэ оонньоон иһитиннэрдилэр, дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтүлэр. Тирэх пуун суһал ыстаабын салайааччы Георгий Куркутов уонна АГИКИ бастакы проректора Станислав Иванов саха норуотун култууратын, үгэстэрин туһунан кэпсээтилэр, сырдаттылар.

Санатар буоллахха, 2024 сыл тохсунньу 23 күнүгэр Саха сирэ уонна Докучаевскай куорат сөбүлэһиигэ илии баттаспыттара. Сөбүлэһии чэрчитинэн, 65 эбийиэккэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллыахтаах. Ол иһигэр, 53 олорор дьиэҕэ түннүктэрин уларытыахтара, Елановка бөһүөлэккэ 4 дьиэҕэ кырыыһатын саҥардыахтара. Центральнай уулуссаҕа ытыалааһынтан эмсэҕэлээбит дьиэни өрөмүөннүөхтэрэ. Маны тэҥэ, куорат пааркатыгар, Култуура дьиэтигэр, бассейннаах спорткомплекска, балыыһаҕа уонна 4-с №-дээх оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөнү ыытыахтара.

Докучаевскай балыыһатыгар аныгылыы рентген-аппарааты атыылаһан биэриэхтэрэ, бу кэбиниэккэ сөргүтүү үлэтин ыытыахтара.

«Биһиги бары уопсай дьыаланы оҥоробут, балыыһалары, оскуолалары, дьиэлэри, суоллары, мусуойдары тутабыт. Эрэгийиэннэр бары Донбасс, Новороссия куораттарыгар, бөһүөлэктэригэр бырааттыы көмөлөрүн оҥороллор», — диэн бэрэсидьиэн Владимир Путин этэн турар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

18 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

2 часа ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago