АГИКИ устудьуоннара наһыылка тигэллэр

Share

Быстах байыаннай хомуурга барбыт байыастарга тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон төһө кыалларынан көмөлөһөллөр.

Маны таһынан үөрэх тэрилтэлэрэ эмиэ бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрсэллэр. Култуура уонна искусство Арктикатааҕы институтун дизайн кафедратын устудьуоннара, преподавателлэрэ Антонина Романова салалтатынан наһыылка уонна курга иилинэр суумка тигэллэр.

Ол туһунан Антонина Романова бу курдук кэпсиир: «Биһиги устудьуоннары кытары «Фома 180» диэн мобильнай наһыылкалары тигэбит. Наһыылка эчэйбит байыастары таһаарарга, таһарга аналлаах, ол гынан баран, гамак эбэтэр маскировочнай сиэккэ курдук эмиэ туттуллуо. Ону тэҥэ, бу олус халыҥ, бөҕө 2-3 см кэтиттээх лиэнтэ буолан, ыарахан ыйааһыннаах таһаҕаһы тиэйэргэ, таһарга эмиэ туттуллуон сөп. Мобильнай буолан чэпчэки ыйааһыннаах уонна түргэнник хомуллар. Аны, ону өттүккэ уктан илдьэ сылдьарга анаан, курга иилинэргэ кыра суумка тигэбит. Бу үлэ улахан сыраны эрэйэр. Хата, устудьуоннарбыт көмөлөрө улахан. Мин сорох устудьуоннарым убайдара хомуурга түбэһэн, анал эппэрээссийэҕэ сылдьаллар. Биһиги бары биир дойдулаахтарбытын дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр  баҕарабыт».

Билиҥҥитэ наһыылканы бу институт устудьуоннара эрэ тигэллэр. Онон баҕалаахтар баар буоллахтарына, бу үтүө дьыалаҕа кыттаһалларыгар ыҥыраллар. Оттон устудьуон кыргыттар, байыастарбыт түргэнник дойдуларыгар, дьиэ кэргэттэригэр, таптыыр, ахтар дьонноругар этэҥҥэ төннөллөрүгэр баҕардылар, эрэнэллэрин эттилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

53 минуты ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

2 часа ago