Агро-оскуолалар түмүстүлэр
Ааспыт ыйга Чурапчы улууһун Болугур нэһилиэгин агро хайысхалаах Амма орто оскуолата үүнээйитин эргитэн икки массыына атыыласпытын туһунан үөрүүлээх сонун өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник иһиллибитэ. Уопсайынан, бу салааҕа таба тайаммыт, сөпкө дьаһанар, туруу үлэһиттээх, сатабыллаах салайааччылаах агро-оскуола таһаарыылаахтык үлэлиир, ситиһиилэнэр.
Агро-оскуолалар
СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин чахчытынан, 2021 сыл түмүгүнэн барыта 641 оскуола үлэлиириттэн 91 агро-оскуола баара. Бу хайысханан дьарыктаныан баҕарар оскуола элбээн иһэр. Ол эрээри, хантан, хайдах саҕалыыры, салгыы хайдах сайдары билбэт боппуруостара үгүс итиэннэ агро-оскуолалар быһаарсар, туруорсар боппуруостара да ханна барыай. Дьэ ол иһин ахсынньы 17 күнүгэр, И.Е. Федосеев-Доосо аатынан Чурапчы улууһун Дириҥ орто агро-оскуолатыгар (дириэктэр Игнатьев Михаил Спиридонович) Саха сиригэр аан маҥнайгытын «Агро үөрэхтээһин 21-с үйэҕэ» форсайт-сиэссийэни ыыттылар. Тэрээһин Саха АССР тэриллибитэ 100, өрөспүүбүлүкэҕэ агротехнологическай үөрэхтээһин төрүттэммитэ 35, Чурапчы улууһугар «Ийэ сир» сылларыгар ананна.
Дириҥ хорутуулаах
Бастакы тэрээһин диэтэххэ, ахсынньы аам-даам тымныытын аахсыбакка, уопсайа, 15 улуустан, куораттан тиийэн кыттыбыттар. Ол курдук, Чурапчы улууһун Дириҥ орто агро-оскуолатын дириэктэрин билими-инновацияны сайыннарыыга солбуйааччыта С.В.Тарасова иһитиннэрбитинэн, форсайт-сиэссийэҕэ олохтоохтору аахпакка туран, Сунтаар, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Томпо, Уус Алдан, Амма, Дьааҥы, Булуҥ, Аллайыаха, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Таатта улуустара, Дьокуускай, Хатас оскуолалара тиийдилэр.
Күн бастакы аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэ агро-оскуолаларын дириэктэрдэрэ Ил Түмэн билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай дьыалаларга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, агро-оскуолалар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Ф.В. Габышеваны кытта көрсөн кэпсэттилэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ агро-оскуолаларын туругун сыаналыыр уонна инники сайдыыларын торумнуур соруктаах үс муодулунан тэрээһин ыыттылар.
Бастакытынан, агро-оскуолалар «Платформа инновационного развития реальных возможностей сельских образовательных организаций РС(Я)» хайысхаларынан быыстапка-дьаарбаҥка туруордулар. Манна 9 улуустан, 14 оскуола бэйэтин үлэтин, оҥорон таһаарар бородууксуйатын көрдөрдө, атыылаата.
Иккиһинэн, агро-оскуолалар үлэлэрин сырдатар “Инновационные и авторские траектории развития агротехнологических школ РС(Я)” диэн ааттаах 5 былаһаакка үлэлээтэ. Манна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ороссолуода агро-оскуолата автономнай оскуола уратытын, П.Н., Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата федеральнай национальнай бырайыактары олоххо киллэриини, П.И.Кочнев аатынан Тулагы оскуолата оскуола иһинэн ТХПКны тэрийэн үлэлэтиини, Томпо улууһун Е.П.Неймохов аатынан Мэҥэ Алдан оскуолата үлэнэн иитии итиэннэ Чурапчы улууһун Дириҥнээҕи “Ыллык” уһуйаан уонна оскуола агро-үөрэхтээһиҥҥэ ситимнээх үлэлэрин туһунан олус сэргэх тэрээһиннэри ыыттылар. Дьон-сэргэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Үсүһүнэн, агро-оскуолалар кыһалҕаларын, инники сайдыыларын тула «Опыт, реальность и перспективы развития агротехнологического образования в РС(Я)» диэн сүбэ мунньах буолла. Мунньаҕы “Саха сирин кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин дириэктэрэ И.В.Черкашина иилээн-саҕалаан ыытта. Манна Ил Түмэн дьокутаата, агро-оскуолалар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, Хоптоҕо нэһилиэгин баһылыга Алексей Бурцев, өрөспүүбүлүкэ агро-оскуолаларын сойууһун толорооччу дириэктэрэ Петр Дягилев, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Юрий Посельскай, куйаар ситиминэн СӨ үөрэххэ уонна билимҥэ министиэристибэтин орто үөрэхтээһиҥҥэ, иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ департаменын салайааччыта Лена Тен кытыннылар. Хас биирдии мунньах кыттыылааҕа агро-оскуола суолтата үрдээн иһэрин, аныгы үйэ ирдэбилигэр сөптөөх хайысхалардааҕын бэлиэтээтилэр, саҥа сайдар суоллары ыйдылар.
Тыын боппуруос
Бу киэҥ далааһыннаах сиэссийэҕэ агро-оскуолалар тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кэпэрэтииби (ТХПК) тэриниилэрин, көмө хаһаайыстыбалары судаарыстыбаннай федеральнай испииһэккэ хаһаайыстыбаннай субъект быһыытынан киллэриилэрин, үөрэх (профессиональное обучение) былаанын оҥорууну, хотугу уонна Арктика оскуолалара кыра кэмпилиэктээх оскуолаларга туспа киритиэрий киллэрэри, бэлэм бородууксуйаны батарарга “Агрошколы Якутии” агрохолдинг тэрийэри, агро-оскуолалар өрөспүүбүлүкэтээҕи эриэйтиннэрин таһааралларыгар административнай-зональнай территорияларынан араартыылларыгар итиэннэ киритиэрийдэрин оскуола уратытын учуоттаан оҥороллоругар этии киллэрдилэр.
Итини таһынан, улахан эриэйтиннээх оскуолалар кыра эриэйтиннээх оскуолаларга көмөлөһөллөрүн курдук агро-оскуолалар бэйэлэрин икки ардыларыгар сүбэһит-оскуола (школы-наставники) диэни киллэрдилэр.
Маны таһынан, сөбүлэҥ түһэрсэн, Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын билим-чинчийэр институтун (ЯНИИСХ) уонна Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет (АГАТУ) устудьуоннара тустаах оскуолалар баазаларбытыгар тиийэн билимҥэ чинчийиилэрин ыытыахтарын, оҕолор чинчийэр үлэлэригэр билим өттүнэн салайалларыгар көмөлөһүөхтэрин сөп этэ диэн баҕа санааларын эттилэр.
Сыыппаралар
194 – кыттааччы,
15 – улуус,
37 – оскуола,
41 – оскуола дириэктэрэ,
28 – дириэктэри солбуйааччы,
72 – педагог,
2 – улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга,
12 – ыҥырыылаах ыалдьыт.
Түмүк
Тэрээһини үөрэх уонна билим министиэристибэтэ, Ил Түмэн, Чурапчы улууһа көҕүлээн, Чурапчы улууһа, Дириҥ оскуолата, “Саха сирин кэскиллэрэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин салайан ыыттылар. Агро-оскуолалар уопут атастаһарга бу курдук форсайт-сиэссийэ, сэминээрдэр, практикумнар тиһигин быспакка ыытылла тураллара бэрт этэ дэһэллэр. Кэлэр тэрээһини эһиил Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытарга диэн сүбэлэстилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: