“Агростартап” — сайдыыга тирэх
Бу ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр “Агростартап” куонкуруска биисинэс-былааны көмүскээтилэр. Икки күн тура тэбинэн грант ылыан баҕалаахтар кытаанах тургутууну аастылар. Манна кыттааччылар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар былааннарын киһи эрэ истэ олоруох курдук. Тоҕо диэтэххэ, бу дьиҥнээхтик тыа сиригэр үлэлии-хамсыы сылдьар, кыһалҕаны төрдүттэн билэр дьон. Ол иһин сайдыыга туох наадатын чопчу этэллэр. Сорохтор хаһыс да сылын кытталлар.
Бэйэлэрин бырайыактарын Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Таатта, Хаҥалас улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ уо. д.а. көмүскээтилэр. Куонкурус хамыыһыйатын чилиэннэрэ кыттааччыларга үгүс боппуруостары биэрэллэр. Онон былааннарын көмүскүү киирээччилэр сүрдээҕин долгуйаллар. Инникитин хамыыһыйаҕа куонкуруска урут кыттан, грант ылбыт киһини кытыннарар хайдах буолуоҕай? Бука, оннук киһи куонкуруһу бэйэтин хайдах кыттыбытын санаан, граҥҥа тиксэн баран ылбыт ситиһиилэригэр, дьиҥ үлэҕэ-хамнаска көрсүбүт итэҕэстэригэр-быһаҕастарыгар эҥин олоҕуран сыаналыа этэ дии саныыбын.
Икки күн уопсайа 104 киһи (бэйэтэ кэлэн уонна кэтэхтэн) кыттыыта “Агростартап” куонкуруһу тыа дьоно сэҥээрэрин туоһулуур.
“Сүөһүлэрин эһиэхтэрин баҕарбаттар”
Нам улууһун Арбын нэһилиэгэ — илин эҥээр, өрүс уҥуор турар нэһилиэктэртэн (Фрунзе, Көбөкөн) биирдэстэрэ. Арбыннар билигин төрүөх эбиллэн 400 тахса хороҕор муостааҕы, 300 тахса сыспай сиэллээҕи көрөллөр-истэллэр. Дьиэ кэргэн бырагырааматыгар кыттан, сүүс кууруссаны уонна кыралаан индюгу, хааһы иитэллэр. Онон тыа ыала барыта дьарыктаах буолуутугар олук уурулунна.
Быйыл кыстыктан күөххэ 400 төбө ынах сүөһү үктэннэ. Ол эрээри сүөһү иитэр ыаллар үксүлэрэ сааһыран, ыарырҕатар буолбуттар. Хата, сүөһүлэрин олоччу эһиэхтэрин баҕарбаттара үөрдэр. Ол иһин нэһилиэккэ кэпэрэтиип тэриниэҕиҥ диэн толкуйдаабыттар. Докумуонун оҥорбуттар. Саҥа хотон туттуохтарын баҕаран, 12 мөл. солк. симиэтэ оҥотторбуттар. Ирдэбил быһыытынан кэпэрэтиип чилиэннэрэ 10‑нуу бырыһыанынан кыттыһыахтаах эбиттэр. Ити төбөҕө кэлэр харчынан угуох буолбуттар. Хомойуох иһин, төбөҕө кэлэр харчы куонкурус кэннэ хойутаан түһэн, саҥа хотоҥҥо кыайан киирсибэтилэр. Онон кластердар турбут урукку хотоннорун өрөмүөннүөхтэрин баҕарбыттар даҕаны, үп-харчы эмиэ көстүбэтэх. Ол иһин уопсай сүбэнэн кэпэрэтиип чилиэннэрэ бэйэлэрин эргэ хотонноругар туруорарга сүбэлэспиттэр. Бу “Арбын” кэпэрэтииби тэрийиини көҕүлээччинэн тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ, “Агростартап” кыттыылааҕа С. Д. Иванова буолар.
“Урут биэс киһи кыттыбыта”
— Биһиги нэһилиэктэн урут 5 киһи кыттыбыта. Кинилэр билигин даҕаны сүөһүлэрин-астарын иитэллэр. 20–30‑ча төбөлөөхтөр. Мин эмиэ “Агростартапка” кыттарга санаммытым. Хаһыс да сылын кыттабын. Грант диэн харчы буоллаҕа, онон хамыыһыйа сүрдээх ирдэбиллээх. Миигин хайдах барытыгар кыайан сылдьаҕын: эмиэ да тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэҕин, осеменаторгын, эмиэ да собуокка үүт тутаҕын диэтилэр. Хотоммун, үүппүн дьаһайадьаһайа кэпэрэтииппэр сылдьыам этэ дии саныыбын. Кырдьык, собуоппар үүт тутуутун тохтотумаары эрэ үлэлиибин. Собуоппутугар бааһынай хаһаайыстыбалара үүттэрин аҕалаллар. Күҥҥэ 200–300‑чэ киилэни туттараллар. Кыттыгас ылбыт генератордаахпыт. Ынахпыт арыытын 4 т тиийэ таптайабыт. Онон “Эрэл” ТХПК нөҥүө арыыланан олоробут. Кэпэрэтииппэр буҕаалтыр дьыалатынан дьарыктанар тэрилтэни кытта дуогабардаспытым. Тыа хаһаайыстыбатыгар киһи улаханнык дохуотурбатын бары да билэҕит. Соторутааҕыта үүт тутааччы хамнаһын үрдэттилэр. Оттон тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһин хамнаһа кыратын иһин, мунньахтарга туруорсан, кыратык үрдэттилэр. Кэпэрэтиип хамнаһа диэн суох, саҥа тэриллэ сатыыр кэпэрэтиип буоллаҕа. Бэл, араас нолуоктарга, оннукка-манныкка бэйэм хармааммыттан төлөөччүбүн да, онно кыһаммаппын, — диир бэрт холкутук Сусанна Дмитриевна.
Кэпэрэтиип салайааччыта Сусанна Дмитриевна сыл аайы нэһилиэктэрэ ууга барар кутталлааҕын чорботон бэлиэтиир.
Инникитин табылыннаҕына, хотоннорун таһыгар атахтаах лаабыс, сайылык туттар баҕалаахтар. Онон ууга барар кутталлаах сиргэ олорор дьону өйүөххэ наада.
Кэпэрэтиип салайааччыта тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумун зоотехник идэлээх үөрэнэн бүтэрбитэ. Урут сопхуостар саҕаттан тыа хаһаайыстыбатыттан илиитин араарбакка үлэлээн кэллэ. КП-га да үлэлээбитэ. Билигин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ.
КП-лар эҥин тохтообуттарын кэннэ паай ылан, атыттар курдук эмиэ сүөһү ииттэргэ быһаарыммыта. Аны билигин үчүгэй үүттээх ынахтары ылан, үүтүнэн хааччыммыт киһи диэн санаалаах бу кэпэрэтииби тэринэргэ соруммута. Үгүстэр сүөһү төбөтүгэр бэриллэр харчыны туттан кэбиһэллэр, ол түмүгэр сайын ньирэйдээх ынахтар, сылгылар даҕаны дэриэбинэ иһигэр сайылыыллара Саха сирин атын нэһилиэктэригэр эмиэ баар көстүү. Онон кэпэрэтииптэргэ кыттыстахтарына, Арбыҥҥа курдук сүөһү-ас көрүүлээх, үрүҥ илгэ уруккулуу үрүлүйүө турдаҕа.
— Биисинэс-былааны оҥоруу, дьиҥэ, уустуга суох. Арай бириэмэм тиийбэккэ кыратык ыктарбытым. Ол иһин сүбэһиттэргэ (консультант) көмөлөһүннэрбитим, — диир кини.
Сусанна Дмитриевна дьиэ кэргэнэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарыгар күүс-көмө буолаллара хайҕаллаах.
Кэргэнэ Виталий Саввич силиэсэр, дизелист, сантиэхиньик курдук идэлэри дэгиттэр баһылаабыт киһи. “Намкоммунтеплоэнерго” Арбыннааҕы учаастагар үлэлиир. Кинилэр үс уол, 1 кыыс оҕолоохтор, 2 сиэн тапталлаах эбээтэ, эһээтэ буоллулар. Оҕолоро бары үрдүк үөрэхтээхтэр (кыыстара устудьуон), бэйэлэрин идэлэринэн үлэлии-хамныы сылдьаллар. Сайын аайы кэлэн оттуурга көмөлөһөллөр. Ол түмүгэр аймахтарын этинэн, үүтүнэн хааччыйа олороллоро эмиэ үтүө холобур.
— Сорохтор кэтэх ыаллар бары бэйэлэрин иннилэрин көрүнэллэр дии саныыллар. Оннук буолбатах. Чааһынай киһи норуоту аһатар диэххэ сөп. Ол иһин түмсэн, кэпэрэтиип тэринэргэ быһаарыммыппыт, — диэн өссө төгүл тоһоҕолоото “Агростартап” кыттыылааҕа салгыы.
Арбыҥҥа дьон тыа хаһаайыстыбатынан эрэ муҥурдамматтар. Уопсастыбаннай олоххо олус көхтөөхтөр. Олохтоох тыйаатырдара өрөспүүбүлүкэҕэ аатырда. Онон үлэни уонна сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлииллэр.
“Саюриттан” хаалсыахтара суоҕа
“Агростартап” куонкуруһугар элбэх киһи кытынна. Кинилэр ортолоругар Нам улууһун Искратыттан Данил Васильевич Дьяконов быйылгы “Агростартапка” сылгыны иитиини сайыннараары кыттыбыт. Кини нэһилиэгин кыайан оттообот дьонугар көмөлөһөр үтүө бачыымнаах.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ иккис миэстэлээх эдэр ыал былаана үгүс.
Тааттаттан Саргылаана Харлампьева Көрдүгэн диэн Победа сиригэр оттуу сылдьан куонкуруска былаанын көмүскээри кэлбит. Эмиэ талыы-талба Тааттаттан Сергей Михайлов граҥҥа кыттан, дьөһөгөй оҕотун тэнитэр санаалаах. Бэдьимэттэн “Агростартапка” кыайдаҕына киэҥ былааны олоххо киллэрэр баҕалаах Гаврил Попову кэргэнэ Яна, олохтоох дьаһалта баһылыга өйөбүл буолан кэлбиттэр. Мэҥэ Хаҥаластан В. П. Ларионов аатынан агро-оскуола автоматизациялаах “Смарт” тэпилииссэ оҥостоору, биисинэсбылаанын Афанасий Бродников илдьэ кэлбит. Оччоҕо оҕолор “Саюриттан” хаалсыбакка, оҕуруот аһын эргиччи үүннэриэхтэрэ. Төхтүртэн Николай Романов икки үөр сылгыны кыстатан күөххэ үктэннэрбит. Кини былаана эмиэ үгүс. Ити курдук, “Агростартапка” бииртэн биир кыттааччы бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, ыра санаалаах. Ити курдук, “Агростартап” Саха сиригэр киэҥник хардыылыыр. Кинилэр тустарынан сыыйа сырдатыахпыт.
Хаартыскалар С.Иванова тиксэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: