Аҕыйах ахсааннаах омуктар төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин, култуураларын учууталларын бастакы сийиэһэ буола турар

Аҕыйах ахсааннаах омуктар төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин, култуураларын учууталларын бастакы сийиэһэ буола турар

13.12.2023, 21:37
Хаартыска: Мария Васильева (СИА).
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Дьокуускайга СӨ аҕыйах ахсааннаах омуктарын төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин, култуураларын учууталларын бастакы сийиэһэ ыытылла турар. Сийиэскэ барыта 400-чэкэ дэлэгээт кыттар, итинтэн 200-тэн тахса киһи төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ, култуура учуутала буолар.

Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэ тылыгар бу сийиэс аҕыйах ахсааннаах төрөөбүт тыл учууталларыгар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ суолталааҕын бэлиэтээтэ. “Тыл уонна култуура үгэстэрэ – бу уопсастыба олорор уонна сайдар бигэ тирэҕэ. Сийиэс түмүгүнэн хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар төрөөбүт тылларын чөл хаалларыы, сайыннарыы боппуруоһа быһаарылларыгар уонна элбэх омуктар тоҕуоруһан олорор өрөспүүбүлүкэбитигэр култууралар икки ардыларынааҕы көдьүүстээх диалог хааччылларыгар эрэнэбит”, — диэн эттэ.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Сергей Местников: “Саха Өрөспүүбүлүкэтэ норуоттар култуураларын уонна тылларын нэһилиэстибэтин чөл хаалларар инники турар сорудахтары быһаарбыта. Төрөөбүт тыл хас биирдии норуокка төрүт суолталаах, этноһы үөскэтэр бэлиэнэн уонна төрүт култуурабыт сүрүн тутулунан буолар. Биһиги сорукпут – ону көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдии. Ил Дархан Айсен Николаев чопчу бу курдук соругу туруорар”, — диэн эттэ.

Кэлин төрөөбүт тыллары сайыннарыыга салалта өртүттэн улахан болҕомто ууруллар, үп көрүллэр, кэнсиэпсийэ оҥоһуллубута, миэрэлэри ылаллар. Бэрэссэдээтэли солбуйааччы бу систиэмэлээх миэрэлэр төрүт норуоттар ураты тылларын, култуураларын (наследие) чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга көмөлөһүөхтээхтэр, ол эрээри, олохтоохтор бэйэлэринэн кытта, төрөөбүт тылы билэр ирдэнэрин өйдүү иликтэринэ, биһиги иннибитигэр турар соруктары быһаарар уустук буолуо диэн бэлиэтээтэ. Итиэннэ “СӨ төрөөбүт тыллары чөл хаалларыыга, сайыннарыыга кылаатын иһин” бочуоттаах бэлиэлэри  туттартаата.

Сүрүн дакылааты Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова оҥордо. “Үөрэххэ тыл федеральнай бэлиитикэтин, төрүт олохтоох омуктар тылларын норуоттар икки ардыларынааҕы уон сылын ыытыы, Арассыыйа норуоттарын төрөөбүт тылларын үөрэтии кэнсиэпсийэтин киллэрии, судаарыстыбаннай тус сыаллаах бырагыраама, “Арктика учуутала”, “Арктика оҕолоро” бырайыактар иитинэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр айымньылаах үлэ ыытыллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тыл бэлиитикэтин эйгэтигэр үлэ уопутун, быраактыканы түмүүгэ бастыҥ эрэгийиэннэртэн биирдэстэринэн буолар”, — диэн иһитиннэрдэ. Үөрэх систиэмэтигэр аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар оҕолоро тылы, култуураны үөрэтэллэригэр биэс модель үлэлиирин оскуолаларынан быһааран биэрдэ. Ону кытта төрөөбүт тыллары үөрэтэр оҕо ахсаана элбээбэтин ыйда. Кэлиҥҥи кэмҥэ өрсөпүүбүлүкэҕэ төрөөбүт тылы билии, баһылааһын ситэтэ суох таһымҥа турарын бэлиэтээтэ.

Ол курдук, күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 85 572 оҕо төрөөбүт тылынан үөрэнэр. Итинтэн 4224 үөрэнээччи хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар бэрэстэбиитэллэрэ, төрөөбүт тылы үөрэх биридимиэтин быһыытынан 1855 оҕо (44%) үөрэтэр эбит. Уруок уонна уруогу таһынан дьарык көрүҥүнэн төрүт култуураҕа үөрэнээччи 71,5 % хабыллар.

Онтон түөлбэлээн олорор сирдэригэр 2549 аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омук оҕото уһуйааҥҥа сылдьарыттан, төрөөбүт тылын 810 иитиллээччи (31%) үөрэтэр. Төрүт култуураҕа 1850 иитиллээччи (72%) уһуйуллар.

“2020 сыллааҕы бүтэһик биэрэпис көрдөрбүтүнэн, Дьокуускайга 6960  хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар бэрэстэбиитэллэрэ олороллор. Ол иһигэр 4819 эбэҥки, 1495 эбээн, 311 долгаан, 266 дьүкээгир, 69 чукча. Дьокуускайга эмиэ хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан үөрэтии баар буолуохтаах. Күн бүгүн барыта 48 оҕо эбэҥки тылын үөрэтэр. Уһуйааҥҥа үөрэтиллибэт”, — диэн иһитиннэрдэ. Маны сэргэ миниистири бастакы солбуйааччы кэккэ кыһалҕаларга болҕомтону уурда.

Сийиэс иитинэн “төгүрүк остуоллар”, көрсүһүүлэр, маастар-кылаастар, куурустар, быыстапкалар, о.д.а. тэрээһиннэр былааннаналлар. Сийиэс салгыы үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: