Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, тохсунньу 25 күнүгэр, туризм инфраструктуратын тутуллуохтаах эбийиэктэрин учаастактарын көрдө.
Ил Дархан икки гостиница комплекстарын тутууга кэккэ сорудаҕы биэрдэ. Кини бырайыактар куорат биир сүрүн кыһалҕатын -– туристары сынньатарга аныгы гостиница миэстэлэрэ тиийбэттэрин боппуруоһун быһаарыахтаахтарын бэлиэтээтэ.
«Дьокуускай куоракка маннык гостиница комплекстара тутуллубатахтара ыраатта. Саҥа эбийиэктэр баар инфраструктура ноҕуруускатын биллэ аҕыйатарга көмөлөһүөхтэрэ, саҥа оробуочай миэстэлэрин таһаарыахтара, куорат эйгэтин тупсарыахтара уонна Дьокуускай куорат Уһук Илиҥҥэ култуура уонна дьыалабыай туризм сүрүн киинин быһыытынан статуһун бигэргэтиэхтэрэ», -– диэн Айсен Николаев эттэ.
«Космос» бренды сүгэр Уһук Илиҥҥэ бастакы гостиницаны Чернышевскай уулуссатыгар урут куорат баанньыга турбут учаастагар тутуохтара. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга туруорбут соругунан, бырайыагы олоххо киллэрии кулун тутартан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Туризм уонна ыалдьыттары көрсүү» национальнай бырайыак чэрчитинэн саҕаланара былааннанар. Ижненернэй чинчийии ыытылынна, археология үлэлэрэ түмүктэннилэр, бырайыактыыр докумуоннар судаарыстыба экспертизатыгар сылдьаллар, сир учаастага бэлэмнэнэр. 13 мэндиэмэннээх дьиэ араас хабааннаах 148 нүөмэрдээх, дьыалабыай киинннээх, эрэстэрээннээх уо.д.а. буолуоҕа. 73-тэн итэҕэһэ суох үлэ миэстэтэ баар буолара, эбийиэк 2027 сыл сайын үлэҕэ киллэриллэрэ былааннанар.
120 нүөмэрдээх иккис гостиница Ленин проспегар Ларионов искибиэрин таһынааҕы учаастакка тутуллуоҕа. Бырайыагы көҕүлээччи — «Алмазэргиэнбанк», гостиница оператора – «Альянс Отель Менеджмент». Билигин бырайыак саҥа концепт-дизайна оҥоһуллар. Онуоха Айсен Николаев ураты болҕомтону эбийиэк куорат киинигэр сөп түбэһэрин курдук, саҥа дьиэ архитектуратыгар уурарга сорудахтаата.
Үлэ кыбартаалыгар икки күн устата Саха сиригэр туризм сайдыытыгар туһуламмыт үөрэх сэминээрдэрэ, маастар-кылаастар буолан аастылар.…
Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга 40 саастаах киһи уулуссаҕа билбэт дьахтарын көрсөн атаарарга тылламмыт. Киэһээ хараҥаҕа кутталлаах, соҕотоҕун сылдьар…
Сууркул (циркуль) – эргимтэ уонна дуга сурааһынын тардарга, устаны кээмэйдиргэ уонна кээмэйи көһөрөргө аналлах инструмент.…
Ил Дархан Айсен Николаев саха народнай бэйиэтэ Наталья Харлампьеваны кытта Саха сиригэр суругунан литературатын 125…