Салгыы
Аҕыс хотугу улууска суол аһылынна, бастакы массыыналар кэллилэр

Аҕыс хотугу улууска суол аһылынна, бастакы массыыналар кэллилэр

25.12.2024, 18:00
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

“Арктика суоллара” тэрилтэ кыһыҥҥы суол турда да, хоту улуустары көрө-истэ, хааччыйа олорор тэрилтэлэртэн биирдэстэрэ буолар.

Хотугу улуустарга 8176 км суолу көрөбүт, 2014 сылтан 5000 км суол эбилиннэ, — диэн иһитиннэрэр “Арктика суоллара” тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Сергей Сивцев. – Ол суоллары көрөргө-истэргэ улуустарга 10 суол учаастага тэриллибитэ. Манна 300-тэн тахса үлэһит, 270-ча тиэхиньикэ үлэлииллэр”.

Быйыл бу учаастактарга эбии 10 тиэхиньикэ бэриллибит. Маны таһынан Үөһээ Дьааҥы улууһугар уһун болдьоххо үлэлиэхтээх кыһыҥҥы суол тутуутугар алта улахан тиэхиньикэ, 6 балок ылыллан тиэрдиллибит. Уһун болдьохтоох суоллар бырайыактарын, карьердар көстүүлэрин оҥорууга улахан үлэ барбыт. Уус Куйга – Депутатскай хайысханан икки муоста өрөмүөннэммит, 10 км кутуу үлэтэ ыытыллыбыт. 186 м турбалары суолларга түһэрбиттэр. 800-тэн тахса килэмиэтири кыһыҥҥы суолга бэлэмнээн көннөрбүттэр.

Арктика суоллара” кэлиҥҥи түөрт сылга техосмотры ыытар. Ол курдук быйыл 8 хотугу улууска оборудованиебытын тиэйэ сылдьан, 700 кэриҥэ тиэхиньикэҕэ техосмотр ыыттыбыт, — диир Сергей Афанасьевич. – Быйыл 2024-2025 сс. 5600 км суолу арыйдыбыт. 8 улууска суол аһылынна, бастакы массыыналар кэллилэр. Сыл бүтүөр диэри өссө хас да учаастакка суолу арыйыахпыт”.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: