Аҕыс ойуур баһаара умуруорулунна

Share

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 8 ойуур баһаара (уопсайа 79 161 га иэннээх сир) умуруорулунна. 15 ойуур баһаара (920,5 га) булуллубут.

Уон үс оройуоҥҥа барыта 89 ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 100 336,5 га)  баара бэлиэтэнэр. Иһитиннэриллибитинэн 49 уоту (82 243,5 га) умулларыыга үлэ ыытыллар. Итинтэн 6 ойуур баһаара (4 417 га) бохсуллубут.

Уот үксэ хонтуруолланар, уустук суоллаах-иистээх уонна ыраах сирдэргэ баара ыйыллар.

Ойуур уотун умуруорууга 1 299 киһи, 55 тиэхиньикэ, авиация үлэлииллэр.

Суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, баһаары утары үлэ сезона саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 638 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 1 185 158,9 га) бэлиэтэммит. 2021 сыллаахха бу кэмҥэ 1 371 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 5 205102,7 га) бэлиэтэнэн турар.

СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Бүлүү Оһуокайын кэскилэ — оҕолор

Ахсынньы 7 күнүгэр Оһуокай куоракка олорор Бүлүү улууһун олохтоохторугар ананна. Куоракка олорор Бүлүү улууһуттан төрүттээх…

6 часов ago
  • Сонуннар

Биир дойдулаахпыт ситиһиитэ

Дьүөгэм, Үп  министерствотыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит Анна Романовна Винокурова бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Бу күннэргэ Дубайга олорор…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: “Норуодунай педагогика”

Аныгы сайдыылаах үйэбитигэр өрөспүүбүлүкэбит хайа да муннугар аны хаалыылаах, түҥкэтэх сир диэн суох. Бээ, бу…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

Тырахтарыыстардаах буоламмыт

Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр  үлэһит тырахтарыыс уолаттар, эр дьон баар буоланнар, дэриэбинэ олоҕо күөстүү оргуйар.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Амма» айан суолугар уу киирбитин туоратыыга үлэ ыытыллар

"Амма" эрэгийиэннээҕи айан суолун 93-94 км учаастагар билигин да күөлтэн уу киирэ турар. "СУ-77" тэрилтэ…

9 часов ago