Ямало-Ненецкэй Автономнай уокурукка хирурдар оскуолаҕа инсуллаабыт аҕыс саастаах кыыһы быыһаабыттар. Ити туһунан тустаах уокурук Доруобуйатын харыстабылын департаменыгар сигэнэн, URA.RU сайт суруйар.
“Кыыһы санитарнай авиациянан илдьибиттэрэ. Уҥа өртө үлэлээбэт, сатаан саҥарбат эбит. Эпэрээссийэ уустук, 1 чаас 20 мүн. устата барда. Инсуллаабыт оҕону аан бастакытын эпэрээссиэйэлээтибит, ол эрээри, этэҥҥэ ааста”, – диэн департамент пресс-сулууспата иһитиннэрбит.
Эпэрээссийэ кэнниттэн кыыс реаниматологтар кэтээн көрүүлэригэр сылдьыбыт, салгыы доруобуйатын чөлүгэр түһэриини ааспыт. Дьолго, кыыһы икки нэдиэлэнэн балыыһаттан таһаарбыттар, ким да көмөтө суох бэйэтэ хаамар, саҥарар, туруга үчүгэй буолбут. Күн бүгүн кыыс доруобуйатын Ямал оройуонун быраастара көрөллөр-истэллэр.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…