Ахсаабат кыһамньы, ураты болҕомто
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сыл муус устар 3 күнүнээҕи 232 №-дээх Ыйааҕынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр сыаллаах «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда тэриллибитэ. Саха сиригэр 2023 сыллаахха ыам ыйын 30 күнүттэн бу пуонда филиала үлэтин саҕалаабыта.
Пуонда сүрүн соругунан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэринэн туһаналларыгар көмөнү оҥоруу буолар. Ол курдук, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ мэдиссиинэ көмөтүн ылалларыгар, социальнай өйөбүлү оҥорууга, санаторийга-куруорка эмтэнэллэригэр, үлэ булалларыгар, о.д.а. пуонда социальнай координатордара көмөлөһөллөр.
Быйыл «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи салаатын нөҥүө 3300-тэн тахса байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ көмө-өйөбүл көрдөөбүттэр. Уопсайа 14 тыһыынчаттан тахса боппуруос киирбититтэн, 90% быһаарыллыбыт. Ити курдук, пуонда байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытта сибээс тиһигин тупсаран иһэрин бэлиэтиэххэ наада. Пуондаҕа барааччылар эрдэттэн суруттараллара ордук, тоҕо диэтэххэ, үгүс киһи юридическай, мэдиссиинэ көмөтүн көрдөөн кэлэр, оччотугар эрдэттэн туһааннаах тэрилтэттэн болдьоммут кэмҥэ исписэлииһи ыҥыран көрүһүннэрэллэр.
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуондаҕа 40-тан тахса социальнай координатор үлэлиир. Мантан 22-тэ Дьокуускайга, 20-тэ улуустарга бааллар. Социальнай координатордар хас биирдии киһиэхэ сыһыарыллан, бу дьон кыһалҕаларын быһаарсарга көмөлөһөллөр. Кинилэр ахсаабат кыһамньылара, ураты болҕомтолоро кыһалҕалаах киһи санаатын көтөҕөрө, күүһү эбэрэ, туоххаһыйбыт сүрэҕин уоскутара саарбаҕа суох.
Эр санааланыы үөрэҕэ
Арассыыйатааҕы «Билии» уопсастыба лектора, байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Алексей Лупеев «Аҕа дойдуга сулууспалыыбын!» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн Эр санааланыы уруогун ыытар.
Бу күннэргэ Алексей Александрович СӨ Билимин дьоҕус академиятыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар уонна халаантан эмсэҕэлээбит улуустартан кэлбит оҕолорго Эр санааланыы үөрэҕин ыытта. Үөрэх «Арассыыйа судаарыстыбаннаһын бэлиэлэрэ: кинилэр суолталара уонна устуоруйалара» диэн тиэмэҕэ ыытылынна уонна кэлэн иһэр Арассыыйа былааҕын күнүгэр ананна. Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ оҕолорго Арассыыйаҕа судаарыстыбаннай бэлиэлэр суолталарын, дойдубут устуоруйатын, үгэһин, национальнай тыынын туһунан кэпсээтэ.
«Маннык уруоктары ыыппытым ыраатта, син уопутурдум, хас биирдии уруок туспа аудиториялаах, ол эрээри аныгы оҕолор интэриэһиргээн истэллэрин, дойдуларын устуоруйатын интэриэһиргииллэрин тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Оҕолорго маннык уруоктар дойдуларынан киэн туттар санааны үөскэтэллэр уонна омук быһыытынан уратыларын өйдүүргэ көмөлөһөллөр», – диэн бэтэрээн бэлиэтээтэ.
Социальнай координатор көмөтө
Бүгүн биһиги Өлүөхүмэ улууһун социальнай координаторын үлэтин холобурунан байыаннай дьайыы бэтэрээнин кыһалҕатын быһаарарга көмө хайдах оҥоһулларын туһунан кэпсэтиэхпит. Степан «Ахмат» баҕа өттүнэн байыаннай дьайыыга кыттар этэрээти кытта дуогабар түһэрсэн барбыта. Бэтэрээн социальнай координатортан аан бастаан төрөппүттэрин эмтэтэ, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ киллэрэргэ көмөлөһөргө көрдөспүтэ. Ону тэҥэ социальнай координатор байыас эчэйиини ылбытын кэннэ эрэгийиэннээҕи төлөбүрү ыларыгар докумуону хомуйарыгар көмөлөспүтэ.
Бэтэрээн кыһалҕаларыттан биирдэстэринэн хомунаалынай өҥөнү төлөөбөтөҕүн иһин иэс уонна ыстараап боппуруоһа буолбута. Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтата 2019 сыллаахха Степаны муниципальнай дьиэнэн хааччыйбыт. Ол эрээри Степан массыына саахалыгар түбэһэн, орон-тэллэх киһитэ буолан сытан, бу дьиэҕэ биир да күн олорботох. Социальнай координатор бэтэрээн бу дьиэҕэ биир да күн олорботоҕун туоһулуур бары докумуоннары ситиһэн тустаах тэрилтэлэргэ тиэрдэргэ көмөлөспүт. Бу докумуоннарынан ыстарааптара сотуллубуттар. Маны таһынан, бэтэрээҥҥэ уйулга исписэлииһин көмөтө оҥоһуллубут, ол кэннэ Дьокуускайдааҕы доруобуйаны чөлүгэр түһэрии киинигэр эмтэниини ааспыт.
Бүгүҥҥү күҥҥэ бэтэрээн туруга тупсан, орто анал үөрэххэ киирээри сылдьар, кини ньиэп-гаас эйгэтигэр сыһыаннаах идэни талар баҕалаах диэн социальнай координатор кэпсиир.
Бэтэрээн дойдутугар эргилиннэ
Быйыл Чурапчы улууһугар саас уоппускатыгар кэлэ сылдьар байыаннай дьайыы бэтэрээнэ доруобуйатын көрдөрөргө көмөлөһөрүгэр социальнай координаторга сибээскэ тахсыбыт. Григорий А. 2022 сыл күһүнүгэр мобилизацияланан байыаннай дьайыыга барбыт. Социальнай координатор бэтэрээни балыыһаҕа көрдөрөргө суруттарбыт. Ол түмүгэр, байыаннай дьайыыга кыттарын хааччахтыыр дьарҕарбыт ыарыылааҕа биллибит. Онон социальнай координатор тута байыас байыаннай мэдиссиинэ хамыыһыйатын ааһарыгар анаан байыаннай чааска ыытыахтаах докумуоннары хомуйа охсубута. Уоппуската бүтээтин Григорий бойобуой дьайыыга төннүбүт. Сотору кэминэн, бэтэрээн хомуллубут докумуоннарын түмүгүнэн, байыаннай госпитальга киирэн эбии бэрэбиэркэни ааспыт, ол кэннэ ыарахан дьарҕарбыт ыарыылааҕа бигэргэммин, онон байыаннай дьайыыттан босхоломмут, дойдутугар эргиллэр кыахтаммыт. Ол курдук, социальнай координатор көмөтүнэн байыаннай дьайыы бэтэрээнэ «Д» категориянан байыаннай сулууспатыттан босхолонон, билигин доруобуйатын чөлүгэр түһэриинэн дьарыктанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: