Салгыы
Ахсаабат кыһамньы, ураты болҕомто

Ахсаабат кыһамньы, ураты болҕомто

18.08.2024, 10:00
ХААРТЫСКАЛАР «АҔА ДОЙДУНУ КӨМҮСКЭЭЧЧИЛЭР» ПУОНДА АРХЫЫБЫТТАН.
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сыл муус устар 3 күнүнээҕи 232 №-дээх Ыйааҕынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр сыаллаах «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда тэриллибитэ. Саха сиригэр 2023  сыллаахха ыам ыйын 30 күнүттэн бу пуонда филиала үлэтин саҕалаабыта.

Пуонда сүрүн соругунан байыаннай дьайыы кыттыы­лаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэринэн туһаналларыгар көмөнү оҥоруу буолар. Ол курдук, ба­­йыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ мэдиссии­нэ көмөтүн ылалларыгар, социаль­най өйөбүлү оҥорууга, санаторийга-куруорка эмтэнэл­лэригэр, үлэ булалларыгар, о.д.а. пуонда социаль­най координатордара көмөлөһөллөр.

Быйыл «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи салаатын нөҥүө 3300-тэн тахса байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ көмө-өйөбүл көрдөөбүттэр. Уопсайа 14 тыһыынчаттан тахса боппуруос киирбититтэн, 90% быһаарыллыбыт. Ити курдук, пуонда байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытта си­­бээс тиһигин тупсаран иһэрин бэлиэтиэххэ наада. Пуондаҕа барааччылар эрдэттэн суруттараллара ордук, тоҕо диэтэххэ, үгүс киһи юридическай, мэдиссиинэ көмөтүн көрдөөн кэлэр, оччотугар эрдэттэн туһааннаах тэрилтэттэн болдьоммут кэмҥэ исписэлииһи ыҥыран көрүһүннэрэллэр.

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуондаҕа 40-тан тахса социальнай координатор үлэлиир. Мантан 22-тэ Дьокуускайга, 20-тэ улуус­тарга бааллар. Социальнай координатордар хас биирдии киһиэ­хэ сыһыарыллан, бу дьон кыһалҕаларын быһаарсарга көмөлөһөллөр. Кинилэр ахсаа­бат кыһамньылара, ураты болҕомтолоро кыһалҕалаах киһи санаатын көтөҕөрө, күүһү эбэрэ, туоххаһыйбыт сүрэҕин уоскутара саарбаҕа суох.

Эр санааланыы үөрэҕэ

Арассыыйатааҕы «Билии» уопсастыба лектора, байыан­най дьайыы бэтэрээнэ Алексей Лупеев «Аҕа дойдуга сулууспалыыбын!» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн Эр санааланыы уруогун ыытар.

Бу күннэргэ Алексей Алексан­дрович СӨ Билимин дьоҕус академиятыгар ба­­йыан­най дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар уонна халаан­тан эмсэҕэлээбит улуус­тартан кэлбит оҕолорго Эр санааланыы үөрэҕин ыытта. Үөрэх «Арассыыйа судаарыстыбаннаһын бэлиэлэрэ: кинилэр суол­талара уонна устуоруйалара» диэн тиэмэҕэ ыытылынна уонна кэлэн иһэр Арассыыйа былааҕын күнүгэр ананна. Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ оҕолорго Арассыыйаҕа судаарыстыбаннай бэлиэлэр суолталарын, дойдубут устуоруйатын, үгэһин, национальнай тыынын туһунан кэпсээтэ.

«Маннык уруоктары ыыппытым ыраатта, син уопутурдум, хас биирдии уруок туспа аудиториялаах, ол эрээри аныгы оҕолор интэриэһиргээн истэллэрин, дойдуларын устуо­руйатын интэриэһиргииллэрин тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Оҕолорго маннык уруоктар дойдуларынан киэн туттар санааны үөскэтэллэр уонна омук быһыытынан уратыларын өйдүүргэ көмөлөһөллөр», – диэн бэтэрээн бэлиэтээтэ.

Социальнай координатор көмөтө

Бүгүн биһиги Өлүөхүмэ улууһун социальнай координаторын үлэтин холобурунан байыаннай дьайыы бэтэрээнин кыһалҕатын быһаарарга көмө хайдах оҥоһулларын туһунан кэпсэтиэхпит. Степан «Ахмат» баҕа өттүнэн байыаннай дьа­­йыыга кыттар этэрээти кытта дуогабар түһэрсэн барбыта. Бэтэрээн социальнай координатортан аан бастаан төрөппүттэрин эмтэтэ, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ киллэрэргэ көмөлөһөргө көрдөспүтэ. Ону тэҥэ социальнай координатор байыас эчэ­йиини ылбытын кэннэ эрэгийиэннээҕи төлөбүрү ыларыгар докумуону хомуйарыгар көмөлөспүтэ.

Бэтэрээн кыһалҕаларыттан биирдэстэринэн хомунаа­лынай өҥөнү төлөөбөтөҕүн иһин иэс уонна ыстараап боппуруоһа буолбута. Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтата 2019 сыллаахха Степаны муниципальнай дьиэ­нэн хааччыйбыт. Ол эрээри Степан массыына саахалыгар түбэһэн, орон-тэллэх киһитэ буолан сытан, бу дьиэҕэ биир да күн олорботох. Социальнай координатор бэтэрээн бу дьиэ­ҕэ биир да күн олорботоҕун туоһулуур бары докумуоннары ситиһэн тустаах тэрилтэлэргэ тиэрдэргэ көмөлөспүт. Бу докумуоннарынан ыстарааптара сотуллубуттар. Маны таһынан, бэтэрээҥҥэ уйулга исписэлии­һин көмөтө оҥоһуллубут, ол кэннэ Дьокуускайдааҕы доруо­буйаны чөлүгэр түһэрии киинигэр эмтэниини ааспыт.

Бүгүҥҥү күҥҥэ бэтэрээн туруга тупсан, орто анал үөрэххэ киирээри сылдьар, кини ньиэп-гаас эйгэтигэр сыһыаннаах идэни талар баҕалаах диэн социальнай координатор кэпсиир.

Бэтэрээн дойдутугар эргилиннэ

Быйыл Чурапчы улууһугар саас уоппускатыгар кэлэ сылдьар  байыаннай дьа­­йыы бэтэрээнэ доруобуйатын көрдөрөргө көмөлөһөрүгэр социальнай координаторга сибээскэ тахсыбыт. Григорий А. 2022 сыл күһүнүгэр мобилизацияланан байыаннай дьайыыга барбыт. Социальнай координатор бэтэрээни балыыһаҕа көрдөрөргө суруттарбыт. Ол түмүгэр, байыаннай дьайыыга кыттарын хааччахтыыр дьарҕарбыт ыарыылааҕа биллибит. Онон социальнай координатор тута байыас байыаннай мэдиссиинэ хамыыһыйатын ааһарыгар анаан байыаннай чааска ыытыахтаах докумуоннары хомуйа охсубута. Уоппуската бүтээтин Григорий бойобуой дьайыыга төннүбүт. Сотору кэминэн, бэтэрээн хомуллубут докумуоннарын түмүгүнэн, байыаннай госпитальга киирэн эбии бэрэбиэркэни ааспыт, ол кэннэ ыарахан дьарҕарбыт ыарыылааҕа бигэргэммин, онон байыаннай дьайыыттан босхоломмут, дойдутугар эргиллэр кыахтаммыт. Ол курдук, социальнай координатор көмөтүнэн байыаннай дьайыы бэтэрээнэ «Д» категориянан байыаннай сулуус­патыттан босхолонон, билигин доруобуйатын чөлүгэр түһэрии­нэн дьарыктанар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: