Бу күннэргэ аан дойду бэлиитикэтэ Америка Холбоһуктаах Штаттарын бэрэсидьиэнэ Дональд Трамп дуоһунаһыгар киириитин, кини бастакы ыйаахтарын ырыта олорор. Тохсунньу 20 күнүгэр Дональд Трамп иккиһин, 2020 сыл кэнниттэн, АХШ бэрэсидьиэнинэн талылынна. Бэрэсидьиэн кириэһилэтигэр олороот, тута урукку салалта ыйаахтарын көтүрдэ, саҥа быраабылалары киллэрдэ. Олортон сүрүннэрин ылан көрүөҕүҥ.
Трамп бастакы ыйаахтара
Санатыым, Америка Холбоһуктаах Штаттарын бэрэсидьиэнин быыбара былырыын сэтинньигэ ыытыллан, Дональд Трамп иккиһин Америка бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. Бу иннинэ кини 2016 сыллаах быыбарга кыайан, биир болдьоххо бэрэсидьиэнинэн талылла сылдьыбыта. Онтон 2020 сыллаах быыбарга Демократтар баартыйаларыттан турбут Джо Байдеҥҥа хотторон, дуоһунаһыттан уурайбыта. Иккиһин быыбарга кыттарын туһунан Дональд Трамп олох эрдэттэн иһитиннэрбитэ уонна “демократтар” утары күүстээх үлэни ыытан, бэрэсидьиэн кириэһилэтин Байдентан ыһыгыннарда.
Трамп – туспа буочардаах бэлиитиктэртэн биирдэстэрэ, үлэлиир ньымата эмиэ атын. Өскөтүн кини 2016 сыллаахха Америка салалтатыгар кэлэригэр экэниэмикэни тупсарабын диэн луоһуннаах буоллаҕына, билигин аны Америка Холбоһуктаах Штаттарын «көмүс үйэтэ саҕаланар» диэн этиилээх кэллэ.
– Бу кэмтэн саҕалаан Америка саҥа олоҕу олоруоҕа. Урукку сылларга норуот судаарыстыбаҕа итэҕэлэ сүтэ быһыытыйбыт, хоруупсуйа аҥаардастыы баһылаан олорбут буоллаҕына, билигин ол уларыйыаҕа, – диэн этэр Трамп.
2017 сыллаахха таһаарбыт бастакы ыйаахтарыгар Дональд Трамп экэниэмикэ, үп, миграция, о.д.а. боппуруостарын таарыйбыт буоллаҕына, билигин тас дойдулары кытары үлэлэһиигэ, миграцияҕа эмиэ ордук болҕомтотун уурда. Барыта 200 ыйаахха илии баттаата, ол иһигэр Джо Байден таһаарбыт 78 ыйааҕын, дьаһалын көтүрдэ. Бу иннинээҕи болдьоҕор Трамп Барак Обама таһаарбыт ыйаахтарын 60-70 бырыһыанын көтүрбүтэ. Салгыы ыйаахтарын сүрүн хайысхаларыттан ылан көрүөххэ.
Миграция боппуруоһа
Дональд Трамп биир бастакынан тас дойдуттан кэлии дьон ахсаанын кыччатарга, Америкаҕа докумуона суох сылдьар дьону төттөрү дойдуларыгар утаарарга күүскэ ылыста. АХШ соҕуруу өттүгэр ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэрдэ.
– Билигин да биһиги дойдубутугар тас дойдулартан дьон кэмэ суох кэлэ турар. Бырабыыталыстыба онно көмөлөһөр, харчы биэрэр. Оттон бэйэтин норуотугар кыһаммат, оннук салҕанара табыллыбат. Соҕуруу кыраныыссаҕа ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэрэр уолдьаста, тас дойдулартан киирэр дьоҥҥо күүстээх хонтуруол барыаҕа, туһааннаах сирдэргэ эриэйдэлэри ыытыахпыт, – диэн эттэ.
Итини таһынан АХШ оҕолоно кэлэр ийэлэр, гражданство ылыыларын хааччахтаата, Мексикаттан, Канадаттан кэлэр табаардарга 25 бырыһыаннаах нолуогу киллэрдэ. Бу нолуоктара уталыппакка олунньуттан киириэ үһү.
Парижтааҕы дуогабар уонна ВОЗ
Трамп бастакы болдьоҕор норуоттар икки ардыларынааҕы улахан түмсүүлэртэн Америка Холбоһуктаах Штаттарын таһаарбыта. Холобур, кини салайар сылыгар АХШ Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэрин бииргэ үлэлэһиилэриттэн тахсыбыта. Бу да сырыыга ити үгэһин уларыппата. Бэрэсидьиэн кириэһилэтигэр олороот, Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэригэр Тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа Парижтааҕы дуогабартан тахсыаҕын туһунан сурук ыытта. Бу туох дуогабарый диэтэххэ, бу докумуон 2015 сыллаахха Францияҕа ылыныллыбыта. Дуогабарга этиллэринэн, сайдыылаах дойдулар тулалыыр эйгэҕэ буортулаах паары таһаарыыны кыччатыахтаахтар. АХШ Кытай кэнниттэн парниковай паары таһаарыыга иккис миэстэҕэ сылдьар.
Итини таһынан, Трамп Джо Байден таһаарбыт ыйаахтарыттан 2030 сылга диэри АХШ атыыланар массыыналар аҥаардара уотунан барар буолуохтаахтарын туһунан ыйааҕы көтүрдэ. “АХШ бэйэтин бырамыысыланнаһын хааччахтыыр санаата суох, Кытай тулалыыр эйгэни хайдах баҕарар киртитэ олорор кэмигэр”, – диэн ити көтүрүүтүн быһаарар кини.
Иккис улахан этиитэ – Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы түмсүүтүттэн тахсыы. Трамп бу иннинээҕи болдьоҕор үктэнэригэр бу түмсүүнү эмиэ кириитикэлээн турар.
Дьиэ кэргэн сыаннастара
Трамп дьиэ кэргэн үгэһин харыстыыр сыалтан дьахталлар эр киһи, эр дьон дьахтар буолан дьүһүн кубулуналларын утарар ыйааҕы таһаарда. Манна даҕатан эттэххэ, бу боппуруоһу Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоган дойдутугар эмиэ көтөхпүтэ.
Трамп бу да иннинэ бэрэсидьиэнниир сылларыгар үгэс буолбут сыһыаны өйүүрэ.
Тас дойдулары кытары сыһыана
Тас дойдулары кытары сыһыаҥҥа Дональд Трамп хас да этиини киллэрдэ. Бастакытынан, АХШ тас дойдуларга көмөтүн 90 күҥҥэ тохтотто. Бу кэм устата Америка саҥа салалтата атын судаарыстыбаларга көмөлөһөр төһө оруннааҕын үөрэтэн көрүө үһү.
Иккиһинэн, Дональд Трамп суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр биһиги аҕа баһылыкпыт Владимир Путины кытары уһаппакка көрсөр санаалааҕын туһунан иһитиннэрбитэ.
Манна даҕатан этиим, Владимир Путин бу күннэргэ Москваҕа Иран, Киин Африка Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэннэрин кытары көрүстэ, Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлин кытары видео
сибээһинэн кэпсэтии ыытта, ону таһынан, Беларусь, Египет, Армения салайааччыларын кытары төлөпүөнүнэн билистэ. Тохсунньу 20 күнүгэр ыыппыт Куттал суох буолуутун сэбиэтин мунньаҕар АХШ бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар киириитин туһунан кэпсэттэ.
Тас дойдулары кытары үлэлэһэр миниистир Сергей Лавров: “Биллэн турар, бу тэрээһин аан дойду бэчээтин бүттүүнүн болҕомтотун тардар. Биир бастакынан, Трамп дьаһалтата Аан илиҥҥи, Украина кириисистэригэр хайдах дьаһаныаҕын таайа сатыыллар. Трамп да бу туһунан быыбарын кэмигэр элбэхтэ этэн турар. Америка Холбоһуктаах Штаттарыттан тутулуктанан олорор дойдулар, ол иһигэр Австралия, Япония, Соҕуруу Кэриэйэ, Новая Зеландия, кини илиитин-атаҕын кэтэһэллэр”, – диэн мунньах кэмигэр бэлиэтээн эппитэ.
Түмүк оннугар
Түмүктээн эттэххэ, Дональд Трамп хайдах, туох бэлиитикэни ыытарыттан, биһиги дойдубутун кытары хайдах сыһыаны олохтууруттан, туох да диэбит иһин, улахан тутулуктаах буолуоҕа. Аҕа баһылыкпыт Владимир Путин: “АХШ бэрэсидьиэнэ биһигини кытары кэпсэтиэҕин, аан дойду үһүс сэриитин ыыппат туһугар үлэлэһэрин биллэрдэ. Манна даҕатан этиим, Арассыыйа кэпсэтиини ыытарга хаһан баҕарар бэлэм этэ. Билигин саҥа салалтаны кытары Украина кириисиһигэр эмиэ кэпсэтэргэ бэлэммит. Ол эрээри кэпсэтии урукку курдук быстах кэмҥэ эрэ эйэлэһиинэн түмүктэниэ суохтаах, манна биһиги этэрбит биир – Арассыыйа интэриэһэ көрүллүөхтээх. Байыаннай эпэрээссийэ сыала-соруга – ол”, – диэн бэлиэтээбитэ баар.
Туох эмэ үлтүркэйэ, бытархайа утарынан кыайан көстүбэт буолааччы. Ырааттахха, тэйэн биэрдэххэ көстөөччү. Ол тэҥэ ый, сыл, үйэ уопсай хартыыната сыл-хонук ааспытын кэннэ биирдэ көстөр айылгылаах. Олохпут сокуона оннук. Онон бу күннэргэ буола турар сабыытыйалар үйэбит биир сүрүн кэрчигэ буолан кэлин сыаналаныахтара турдаҕа.
Дьэ, доҕоттоор, сиэннэрим котокулар күлэ-оонньуу этэллэринии, аныгы үйэ курутуой оҕонньоро буоллаҕым. Дэлби Саҥа дьыллаан, Ороһуоспалаан,…
«Роскосмос» Великобритания диэки устан иһэр А23а айсберг спутниковай хаартыскатын таһаарда. Хаартыска «Метеор-М» космос куйаарын аргыһын…
Быйылгы 2025 сыл – Иэйэхсит сыла. Сыллар ааттарын, ый бэлиэлэрин төһө билэҕит? Тыҥ хатыыта, таҥара…
– 2024 сыллааҕы ылбыт дохуоппут туһунан хаһааҥҥа диэри декларация туттарыахтаахпытый? Ыйытыыга Арассыыйа ФНС Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду Брабыыталыстыбатыгар күнүскү өттүгэр үөрэнэр оҕо күүтэр устудьуон кыргыттарга босуобуйа кээмэйин…
Эргэ сыл бүттэ да, саҥа сылы кытта саҥа соруктар күөрэс гына түһэллэр. Онон, тутуу эйгэтигэр…