Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Share

Ахсынньы 31 күнүгэр — 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ «Хара Ый» диэн сэдэх астрологическай көстүү буолар эбит. Ол туох дьайыылааҕый?

Ахсынньыга — биир ый иһигэр Ый иккитэ үүнэр. Маннык көстүүнү «Хара ый» диэн ааттыыллар. Бу кэмҥэ Сир күлүгэр киирэн, халлааҥҥа Ый сүтэн хаалыаҕа, көстүө суоҕа.

Ый үүнэр кэмэ судургута суох кэм, күүстээх эниэргийэлээх, сорох дьон туохтан эрэ куттанара күүһүрэр, сорох ыарыыта бэргиир, үлэлиир кыаҕа намтыыр. Ол эрээри бу саҥа дьыаланы саҕалыырга тоҕоостоох кэм.

Ахсынньы 31 күнүгэр Ый үүнүүтэ астрологияҕа Чубуку бэлиэтинэн ааһар. Онон бу кэм Сир бэлиэлээхтэргэ бэртээхэй түгэннэри тосхойор. Бу кэмҥэ инники олоҕу стратегия быһыытынан толкуйдуур, былаанныыр тоҕоостоох. Биллэрин курдук, Чубуку (Козерог) сыалын ситиһэр, олус өһөс, тулуурдаах, үлэһит майгылаах. Оннук майгылаах дьон ситиһиилэниэхтэрэ.

Улахан баҕа санааны туолбутун курдук харахха оҥорон көрөн, Үрдүкү күүстэргэ махтаннахха, чахчы  туолар дииллэр. Онон бу күүстээх эниэргийэлээх түүнү баҕа санаалары этэргэ туһаныахха наада. Маны тэҥэ, бу түүн Сир дьоно бары кэриэтэ баҕа санааларын этэллэр, Таҥаралартан көрдөһөллөр, онон кинилэр эниэргийэлэрэ, санаалара холбоһон, өссө күүстээх эйгэ үөскүүр. Бу алыптаах түүн бэйэ эрэ туһугар буолбакка, Сиргэ ил-эйэ олохсуйарын туһугар эмиэ көрдөһүөххэ, баҕа санааны этиэххэ наада.

Бүтэһигин «Хара ый» 2022 сыл муус устар 30 күнүгэр бэлиэтэммитэ. Аныгыскы «Хара Ый» 2027 сыл атырдьах ыйын 31 күнүгэр буолуохтаах. Ол иһин бу сэдэх астрологическай көстүү буолар. 

 

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн сылааһын уонна эйэни түстүүр аналлаах – «КүнЭйэ»

Уус Алдан улууһун Найахы иистэнэр уран тарбахтаах далбар хотуттара дойду көмүскэлигэр сылдьар буойуннарга анаан таҥас,…

5 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн — Аҕа дойду тас өттүгэр ытык иэстэрин толорбут интернационалист буойуттар күннэрэ

Сыл аайы олунньу 15 күнүгэр Арассыыйаҕа Аҕа дойду тас өттүгэр ытык иэстэрин толорбут интернационалист буойуттар…

12 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ийэ тыл күнүгэр Өксүү кинигэтэ сүрэхтэннэ

Дьокуускай куорат "Арчы" духуобунай киинин үлэһитэ,  алгысчыт, ырыаһыт, мэлдьи дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдыгынан сыдьаайа сылдьар Петр Кычкин,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

“Элбэх үүт ыаннаҕына – элбэх бородууксуйа оҥоһуллуоҕа”

“Саха сирэ” хаһыат үүт соҕотуопкатын боппуруоһун болҕомто киинигэр өрүү тутар. Ааспыт нэдиэлэҕэ “Үүт харчыта төлөннөҕүнэ,…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэристилэр

Олунньу 13 күнүгэр Ил Түмэн уонна Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Норуодунай Сүбэтэ парламеннар икки ардыларынааҕы сибээһи…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Баһаар иэдээнэ хатыламматын…

Ааспыт сылга уонна сыл саҕаланыыта хас да дьиэ кэргэн өлүүлээх чааһынай дьиэлэргэ тахсыбыт баһаардар өрөспүүбүлүкэни…

2 часа ago