Ахсынньы 9 күнэ – Арассыыйаҕа Аҕа дойду Дьоруойдарын күнэ
Бүгүн Арассыыйаҕа Аҕа дойду Дьоруойдарын бэлиэтиир күн буолар. Бу күн 22-с №-дээх олунньу 28 күнүнээҕи 2007 с. «Арассыыйа байыаннай албан аатын күннэрин уонна өйдөбүнньүк дааталарын туһунан «Федеральнай сокуон 1-1 ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрии туһунан» федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн олохтоммута.
Дьиҥинэн, бу бырааһынньык өссө 18 үйэттэн бэлиэтэнэр. Екатерина II ыраахтааҕы дойдуну салайан олорон, Сибэтиэй Георгий Победоносец уордьанын олохтообута. Ол кэмҥэ ити уордьанынан килбиэннээх, хорсун-хоодуот быһыыны көрдөрбүт буойуннар наҕараадаланаллара.
Сибэтиэй Георгий уордьана 4 истиэпэннээх, олортон бастакылара саамай үрдүктэрэ. Биһиги историяттан билэрбит курдук, бу түөрт истиэпэн толору кавалердарынан түөрт эрэ киһи буолбута. Олор ортолоругар нуучча улуу полководецтара Михаил Кутузов, Михаил Барклай-де-Толли бааллар. Итиэннэ итинник наҕарааданы ылар чиэһи, уордьаны төрүттээбитин иһин Екатерина II бэйэтигэр анаабыта.
1917 сылга диэри Сибэтиэй Георгийга (сэтинньи 26 күнүгэр) өйдөбүнньүк күн – Арассыыйаҕа Георгиевскай кавалердар бырааһынньыктара диэн бэлиэтэнэрэ. Онтон Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн 1917 с. бырааһынньыктааһын да, уордьаны анааһын да тохтотуллубута.
Бу уордьан үрдүкү байыаннай наҕараада статуһун ылан 2000 с. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин 1463 №-дээх атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи 2000 с. «Сибэтиэй Георгий уордьанын статуһун бигэргэтэр, Георгиевскай кириэс – ураты бэлиэ туһунан» ыйааҕынан төннүбүтэ. Онон бу үрдүк байыаннай наҕарааданы кытары сибээстээн Аҕа дойду дьоруойдарын күнэ бэлиэтэнэр.
Бүгүн Аҕа дойду дьоруойдарын күнэ – Сэбиэскэй Сойуус, Арассыыйа Дьоруойдарын, Сибэтиэй Георгий уонна Албан аат уордьаннарын ытыктыырбыт бэлиэтэ буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: