Ахсынньы — Билгэ Хаан ыйа
Бу ыйга Үрдүк Айыылартан биирдэстэрэ — Билгэ Хаан чугаһыыр. Сүрүн болҕомто билиигэ ууруллар. Ити иһин өйү күүһүрдэр туом оҥоһуллар.
Туомҥа Сээркээн Сэһэн суолтата улахан. Кини аата-ахсаана биллибэт остуоруйалаах, чабырҕахтаах, таабырыннаах. Өйү эрэйэр, сатабылы сайыннарар хабылык, тыксаан, дуобат курдук оонньуулардаах.
Ый билгэтэ:
күн-дьыл туругун көрдөрөр күннэр бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.
12 — хаар түстэҕинэ ахсынньы 14 күнүгэр диэри тыалырар.
19 — тымныы буоллаҕына, сайынын үүнүү үчүгэй.
29 — сарсыарда улаханнык тымныйдаҕына, тохсунньу 19 күнүгэр (Кириһиэнньэ) диэри тымныы турар.
Ахсынньы ый туомнара:
Билгэ Хааны олордуу. Билгэ Хааны олордон баран Айыы дьиэтэ билиини, кэрэхсэбили көҕүлүүр алгыһы тарҕатар. Туом ахсынньы 2-3 күннэригэр буолар.
Саха ыалын халандаарыттан ылылынна
«Айар», 2025 с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: