Сыл бүтэһик ыйын сахалар Билгэ Хаан ыйа диэн ааттыыллар. Ахсынньы 21 күнэ саамай кылгас, күн кыһыҥҥы туруута буолар. Сырдык кэм уһуна — 6-7 чаас.
Ахсынньы бүтэй кэм. Айылҕа бүтүннүү утуйар. Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ. Оннук кэмҥэ киһи билгэтэ күүһүрэр. Ол иһин былыргы сахалар балаҕаҥҥа хаайтаран олорон, олоҥхону, остуоруйаны истэллэрэ, таабырыннаһаллара, чабырҕахтаһаллара. Киһи өйө-санаата сытыырхайар, куйаар урсунунан, халлаан хаттыгаһынан айанныыр.
Ый саҥатын эргин аам-даам туманнаах тымныы түһэр. Бу тымныы тохсунньуга диэри салҕанан барар. Ый ортотун диэки кыратык салгын хамсаан ылар. Ону Дьыл оҕуһун тыына дииллэр. Бу кэмҥэ сылаастык таҥна сылдьыахха наада.
Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас, сайын турар. Ахсынньыга тымныы, хаардаах, сотору-сотору тыаллаах, кырыалаах буоллаҕына — үчүгэй үүнүү буолар. Бу ыйы бэс ыйа батыһар.
19 — кыһыҥҥы Ньукуола. Күн кылгыырын уһуга. Бу күн тымныы буоллаҕына — сайынын өлгөм үүнүүнү күүтэллэр.
25 — Испирдиэнэп күнэ. Бу күнтэн саҕалаан саамай күүстээх тымныы уонна тыал түһэр.
26 — күн кутуйах хаамыытынан уһуур.
29 — кыраһа түстэҕинэ — ичигэс, сарсыарда улаханнык тымныйдаҕына — Кириһиэнньэҕэ (тохсунньу 19 күнүгэр) диэри тымныы турар.
Түөлбэ тылыгар
Ахсынньы — ортоку кыһыҥҥы ый; үрэх суокурун ыйа; хараҥа ый.
Ый хаамыыта
Халлааҥҥа ый сэтинньи 29 күнүттэн үүнэн барар. Ахсынньы 14 күнүгэр ый туолар. Бу кэмҥэ диэри саҥа саҕалааһыннары, улахан быһаарыылары ылынар, атыыны-тутууну ылсар-бэрсэр үчүгэй.
Ахсынньы 15 күнүттэн 28 күнүгэр диэри ый кыччаан барар. Бу кэмҥэ доруобуйаҕытын көрүнэҕит, ыраастанаҕыт, эргэ маллары быраҕаҕыт, олоххутугар быһаарыылаах хардыылары оҥорбоккут.
Ахсынньы 22 күнэ – саамай уһун түүннээх. Бу түүн бит-билгэ, баҕа санаа туолар диэн ааттыыллар. Кимиэхэ да куһаҕаны баҕарыа суохтааххыт (бэйэҕитигэр төттөрү эргиллэн кэлиэ). Сыл түмүгүн таһаарарга, кэлэр сылга былаан оҥосторго табыгастаах кэм.
Ил Дархан Айсен Николаев Киргизия Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Садыр Нургожоевич Жапаровы кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр инникитин…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Бишкек куоракка Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр РФ боломуочуйалаах посолун Сергей Вакуновы кытта…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүн кыл кылыһаҕы – кыл устурууналаах кырыымпаны сөргүтүү, оҥоруу уонна оонньооһун…
Сааскылыы ичигэс күннэр туран, туманынан бүрүммүт кыһыммытын умнуох да курдук буоллубут. Норуот синоптига Тускул "Тэтим"…
Ыйытыы: Үлэбэр бырайыаспын туһаммыппын отчуоттуурум ирдэнэр. Ол эрээри "посадочнай толуоммун" сүтэрэн кэбистим. Хайдах гыныахха сөбүй?…
Ахсынньы 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахтар ахсааннара элбиэҕэ, 80 сааһын туолбут дьоҥҥо биэнсийэ үрдүөҕэ, байыаннай дьайыы…