Ахсынньыга 5 №-дээх оскуола саҥа эбии тутуута үлэҕэ киириэҕэ

Share

Быйыл ахсынньыга Дьокуускайга Н.О. Кривошапкин аатынан 5-с №-дээх оскуола саҥа эбии тутуу дьиэтэ (пристрой) үлэҕэ киириэҕэ.

Эбийиэк «2021-2024 сылларга Саха сиригэр уопсай үөрэх тэрилтэлэригэр эбии миэстэни оҥоруу» бырайыак чэрчитинэн тутуллар.

Бу күннэргэ оскуолаҕа миэбэли уонна туттар тэрили таҥан бүтэрдилэр. Уопсайа 2185,58 кв. миэтэрэ иэннээх үс мэндиэмэннээх эбии куорпуска орто сүһүөх уонна үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ  — барыта 274 оҕо үөрэниэҕэ. Билигин оскуолаҕа 1464  оҕо үөрэнэр. Кылаас аайы 40-тан тахса үөрэнээччи икки симиэнэнэн үөрэнэр. Саҥа эбии тутуллубут дьиэ урукку оскуоланы кытта анал көрүдүөрүнэн холбонор.

Манна 45 миэстэлээх аһыыр хос, үөрэнэр кэбиниэттэр, лабораториялар, учууталлар хосторо, социальнай педагог, психолог кэбиниэттэрэ, хореографическай кылаастар бааллар.

Сайын оскуола иһинэн үлэлиир лааҕырга эмиэ туттуллуохтаах лингафоннай кэбиниэт кондиционердаах буолуоҕа.

Эти хааны-чэбдигирдэр туспа саала — оскуола биир киэн туттуута.

Н.О. Кривошапкин аатынан оскуола 2004 сыллаахха киириэҕиттэн өрөмүөнү бара илик. Онон муус устартан билигин үлэлии турар оскуола өрөмүөҥҥэ барыаҕа, — диэн кэпсээтэ оскуола дириэктэрэ Алексей Семенов.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

4 минуты ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

8 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

43 минуты ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago