Хара муора илиҥҥи биэрэгэр арҕааттан күүстээх долгун охсуллан, Грузия, Абхазия аалларын биэтэҥнэттэ. Грузияҕа быйыл күһүн саҥа парламент талыллан, бу нэдиэлэҕэ бастакы сиэссийэтин ыытта. Миитиннэр быыстарынан саҥа талыллыбыт парламент бырабыыталыстыба састаабын талла, ону сэргэ бэрэсидьиэн быыбарын ахсынньыга ыытарга мунньахтаата. Онон Грузияҕа былаас уларыйыыта ахсынньы 14 күнүнэн бүтэһиктээхтик быһаарыллыаҕа.
Грузия судаарыстыбаннаһын устуоруйатыгар билигин олус интэриэһинэй кэм. Бастакынан, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэн салалтатыттан парламенынан салайыныыга көһөн эрэр. Ол эбэтэр Конституциянан парламеҥҥа бэрэсидьиэннээҕэр элбэх боломуочуйа бэрилиннэ, ону ааһан судаарыстыбаны салайыы сүрүн үлэтин премьер-миниистир толорор буолла.
Саҥа быраабыла быйыл бастакынан парламент быыбарыгар үлэлээтэ. Грузия парламеныгар 150 дьокутаат талыллар. 2017 сыллаахха Конституцияҕа уларытыы киирбитинэн, быйылгы быыбарга дьокутааттар бары баартыйа испииһэгинэн киирдилэр. Ол иннинэ ити 150 дьокутааттан отута мажоритарнай систиэмэнэн (дьокутааты быһаччы куоластаан талыы систиэмэтинэн) талыллар этэ.
Иккиһинэн, Грузия Европаны уонна Азияны силбиир биир дойду буоларынан, судаарыстыба хайа диэки салаллара улахан суолталаах. Грузия уруккута Сэбиэскэй Сойуус өрөспүүбүлүкэтэ уонна Арассыыйа ыаллыы сытар судаарыстыбата буолан, экэниэмикэ бары хайысхатыгар тэҥҥэ үлэлэһэ олорор. Төһө да билигин Абхазия боппуруоһунан тыл-тылга киирсибэт буолуу баарын да иһин, бу икки дойду быстыспат ситимнээхтэр. Онон дойду Европа сойууһугар уонна НАТО-ҕа чилиэнинэн киирэргэ сайабылыанньа суруйуута, сымнатан эттэххэ, дьикти. Манна санатан этиим, Грузия Арассыыйаны, Азербайджаны, Арменияны, Турцияны кытары кыраныыссалаһар, Европа, Азия кирбиилэригэр сытар буолан, Хара муораҕа тахсар биир стратегическэй суолталаах дойду буолар. Онон бу быыбардартан Грузия хайа хайысханы тутуһара улахан суолталаах буолуоҕа.
Парламент быыбарын түмүгэ тугу көрдөрдө? Быыбар алтынньы 26 күнүгэр ыытыллыбыта. Быыбардааччылар 58,94 бырыһыан тахсан куоластаатылар. Барыта уон аҕыс баартыйа кыттыбыт. Ол түмүгэр дойдуну 2012 сылтан салайан олорор “Грузинская мечта” баартыйа куоластааччылар 54 бырыһыаннарын ылан, билигин парламеҥҥа 89 мандааттанна. Бу иннинэ парламеҥҥа 75 миэстэни илдьэ олорбута. Кини кэнниттэн кэлэр баартыйалар “Коалиция за перемены” — 19, “Единое национальное движение” — 16, “Сильная Грузия” — 14, “За Грузию” — 12 мандааты үллэстибиттэрэ. Ол эрээри сэтинньи 25 күнүгэр парламент бастакы мунньаҕар “Грузинская мечта” дьокутааттарыттан ураты мунньахха ким да кыттыбата. Грузия билиҥҥи бэрэсидьиэнэ Саломе Зурабишвили быыбар түмүгүн дьиҥэ суоҕунан ааҕан уонна суукка биэрэн, оппозициялары барытын бэйэтигэр тарта. Онон парламент быыбара бүтүөҕүттэн алтынньы 28 күнүттэн Грузияҕа миитиннэр сэллээбэккэ ыытылла тураллар.
Ол күөнүгэр дьокутааттар, кубуота баарынан, бастакы мунньахтарын ыыта охсон кэбистилэр, ону ааһан премьер-миниистири анаан, бырабыыталыстыба саҥа састаабын талан үлэлэрин торумнаан саҕалаатылар. Премьер-миниистиринэн Ираклий Кобахидзены хааллардылар. Кини премьер-миниистиринэн быйыл олунньуттан үлэлии олорор. Ол иннинэ “Грузинская мечта” баартыйа бэрэссэдээтэлэ этэ.
Үөһээ этэн аһарбытым курдук, аҕыйах сыллааҕыта Грузия Конституциятыгар уларытыылары киллэрэннэр, өрөспүүбүлүкэлэрин бэрэсидьиэнин боломуочуйата кыччаан, былаас барыта парламент салалтатыгар барбыта. Ону ааһан, саҥа Конституциянан, Грузия дойдуну салайыныытыгар парламент систиэмэтигэр көһөн, бэрэсидьиэннэрин быһаччы куоластаан талыылара тохтообута. Быыбарга кыайбыт баартыйа саҥа премьер-миниистири туруорар, бырабыыталыстыба састаабын хайа баҕарар уларытар күүстэнэ түспүтэ.
Грузия олохтоохторо бүтэһигин бэрэсидьиэннэрин быһаччы куоластаан 2018 сыллаахха талбыттара. Ити сыл быыбарга өр сылларга Францияҕа үлэлээбит Саломе Зурабишвили диэн бэлиитик бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. Кини хара маҥнайгыттан Европа диэки охтон, Арассыыйаны утары туран, бэрэсидьиэнинэн талыллаат, Арассыыйаны кытары туох баар сыһыаны барытын тохтоппута.
Бу саас “Грузинская мечта” баартыйа бэрэссэдээтэлэ Ираклий Кобахидзе Грузия премьер-миниистиринэн талыллыбыта. Дьиҥэр, кини 2018 сыллааҕы быыбарга Саломе Зурабишвилини өйөөбүтэ эрээри, кэлин бэрэсидьиэн уонна парламент атырдьах маһыныы арахсан олороллор. Ама кэмҥэ ити баҕар ааһыа эбит да, үөһээ этэн аһарбытым курдук Грузия Европа сойууһугар киирээри бэлэмнэнэр кэмэ буолан, хас биирдии хаамыыларын икки өттүттэн ыйааһын бэскитигэр уураллар.
Онон билигин бэрэсидьиэннии олорор Саломе Зурабишвили уустук балаһыанньалаах олорор. Оппозиция тоҕо түһэн кэбиспэтэҕинэ, дуоһунаһыттан уурайар чинчилээх.
Кини оннугар былааска уруккута спортсмен, футболист Михаил Кавелашвили кэлиэх курдук. Кини кандидатуратын бу күннэргэ “Грузинская мечта” баартыйа туруорда. Михаил Кавелашвили бу баартыйа чилиэнинэн номнуо ахсыс сылын үлэлиир.
Грузия быыбара ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллаары турар. Быйылгыттан саҕалаан саҥа систиэмэнэн, бэрэсидьиэннэрин быыбардыыр кэллиэгийэ талыахтаах. Барыта 300 дэлэгээт быыбарга кыттыахтаах. Ол иһигэр 150 дьокутаат уонна эрэгийиэннэртэн өссө 150 дэлэгээт. Саҥа бэрэсидьиэн биэс сылга болдьохтонон талыллар. Конституциянан бэрэсидьиэн дойду салайааччытын быһыытынан сылдьар, ол эрээри судаарыстыбаны салайыы сүрүн үлэтин премьер-миниистир толорор буолар.
Онон ахсынньытааҕы быыбар биэтэҥнии турар аалы көннөрөн, сүнньүн булларыахтаах. Ол эрээри биэтэҥнээбитэ уһуна бэрт буолан, бу аал биир сиргэ тохтуура уустук буолуоҕа.
“Миэхэ, хаһан да сүөһү көрбөтөх киһиэхэ, биллэн турар, бастаан саҕалыырбар уустук этэ. Урут эдьиийбэр Төхтүргэ…
Массыынаны атын дьоҥҥо өрөмүөннэтэ биэрэр сэрэхтэммит. Ол курдук, куорат олохтооҕо массыынатын биир киһиэхэ өрөмүөннэтэ биэрбитин,…
Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр, бээтинсэҕэ, 13:05 чааска СӨ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Викторович Терещенко…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 8 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Түөкүттэртэн өрөспүүбүлүкэ 6…
Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ үөрэҕи ылар боппуруостара РФ Аҕа дойду буойуттарын…
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Нөөрүктээйи нэһилиэгэр уһулуччулаах салайааччы Михаил Павлович Захаров төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир бэлиэ…