Ахсынньыга магнитнай буурҕалар хаһан буолуохтарай?

Ахсынньы 1 күнүгэр Күҥҥэ эстии тахсан, Сиргэ 7 бааллаах магнитнай буурҕа түһэн, элбэх сиргэ дьүкээбил суһумнаабытын көрбүт, истибит буолуохтааххыт. Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, 5 бааллаах магнитнай буурҕа түһүөҕэ диэн сэрэтэллэр.

Быйыл ахсынньы саҥатыгар, ортотугар Күҥҥэ эстии элбэх эбит.
Магнитнай буурҕа — бу Күн актыыбынаһыттан Сир геомагнитнай эйгэтин (поле) хамсааһына буолар. Геомагнитнай эйгэ Сири Күн радиациятыттан хаххалыыр, көмүскүүр.
Магнитнай буурҕаны 1-тэн 9 баалга диэри кээмэйдииллэр.
1-2 баал — мөлтөх хамсааһын, 3-4 — орто хамсааһын, 5-7 күүстээх буурҕа (күн-дьыл туругуттан тутулуктаах дьон доруобуйаларын туруга мөлтүөн, ыарыылара көбүөн сөп), 8-9 баал — олус күүстээх буурҕа (араадьыйа долгуннарыгар, элэктэриичэстибэнэн хааччыйыыга, сибээскэ, навигацияҕа мэһэйдэр, саахаллар буолуохтарын сөп). Дьолго, бу 8-9 бааллаах буурҕа олох сэдэхтик буолар.
2023 сыл ахсынньытыгар ханнык күннэргэ магнитнай буурҕалар буолалларын билгэлииллэрий?
Ахсынньы 5 күнэ — 4-5 баал.
Ахсынньы 6 күнэ — 3-4 баал.
Ахсынньы 12 күнэ — 4 баал.
Ахсынньы 18 күнэ — 4-5 баал.
Ахсынньы 19 күнэ — 4-5 баал.
Ахсынньы 22 күнэ — 5 баал.
Ахсынньы 23 күнэ — 4-5 баал.
Ru-meteo.com саайтан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: