“Ахсынньыга – саас” быыстапка эдэр худуоһунньуктары түмэр

“Ахсынньыга – саас” быыстапка эдэр худуоһунньуктары түмэр

12.02.2024, 13:30
Хаартыска: Ю.В. Спиридонов тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Уһулуччулаах график Валериан Васильев аатынан бириэмийэни ылар иһин эдэр худуоһунньуктар “Весна в декабре” диэн күрэстэрэ быйыл 25-с төгүлүн ыытылынна. Тэриллибитэ 30 сыла буолбут “Үргэл” арт-галереяҕа бу күрэс араас сыллардааҕы лауреаттарын быыстапката үлэлии турар. Онон быйыл төгүрүччү үбүлүөйдээх сыл эбит.

Хаартыска: Ю.В. Спиридонов тиксэриитэ

Бу эдэр худуоһунньуктарга анаммыт куонкурус аан бастаан 1999 сыллаахха ыытыллыбыта. Бастакы лауреатынан кэскиллээх худуоһунньук Туйаара Шапошникова буолбута. Билигин уонтан тахса лауреат баар буолла. Кинилэр бары ураты суоллаах-иистээх, ааттаах-суоллаах худуоһунньуктар (Иннокентий Корякин, Семен Луканси, Николай Чоччасов, Мария Иннокентьева, Вячеслав Яроев, Роман Петров, Мира Аргунова, уо.д.а.). Сорох сыл үрдүк таһымҥа тиийбэт үлэлэр киирдэхтэринэ, лауреат аата ааттаммат этэ.

Быйыл куонкуруска 80-тан тахса үлэ киирбит, 28 эдэр худуоһунньук кыттыбыт. Үбүлүөйдээх сылга уратыта диэн, онлайн көрүҥүнэн кыттааччылар үлэлэрин көрүөххэ сөп.

Хаартыскаҕа: Саргылаана Борисова

Дьэ, онон, быйылгы лауреат – Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайытыгар уруһуй учууталынан үлэлиир Саргылаана Борисова! Кини Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училищены уонна Красноярскайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр институту Кыһыл дипломнарынан бүтэрбит эбит.

Маны тэҥэ, Федосий Заровняев уонна Ньурба тыйаатырын сүрүн худуоһунньуга, график Дарья Тартакынова дипломант буоллулар.

“Бириэмийэ суолтата улахан”

Юрий Спиридонов, СӨ норуодунай худуоһунньуга, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, “Үргэл” арт-галерея дириэктэрэ:

— Саха ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит Валериан Васильев аатынан уопсастыбаннай бириэмийэ суолтата сүрдээх улахан. Эдэрдэр кини таһымыгар тардыһаллар, үүнэллэригэр-сайдалларыгар, киэҥ эйгэҕэ биллэллэригэр олук буолар. Ол иһин “дьэ, саҥа аат кимий, бириэмийэни ким ылла?” диэн буолар. Хантан да ыйыыта-кэрдиитэ суох көҥүл сүбэ дьүүллүүр, биир-икки табыллыбыт үлэтинэн эрэ буолбакка, таһымын, инники кэскилин өтө көрөн, кыайыылааҕы быһаарар. Онон бу лауреаттар кэнники кэмҥэ саха ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын ааттата, сайыннара сылдьар дьон буолаллар.

Бу үйэ чиэппэрин устата ускуустубаны өйүүр, баҕа өттүлэринэн спонсордыыр дьон көстөн, лауреаттар, дипломаннар 50, 30, 20 тыһыынча солкуобай харчынан бириэмийэлэнэллэр. “Элис” фирма салайааччыта Станислав Рудометовы, “Норд Пресс” тэрилтэ дириэктэрэ Леонид Левины, академик Афанасий Осиповы, урбаанньыт, урукку лауреаппыт Вячеслав Яроевы бэлиэтиэм этэ. Быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата көмөлөстө. Бириэмийэ анал мэтээлин Николай Чоччасов оҥорбута.

“Ахсынньыга — саас” диэн аат туох суолталааҕый? Валериан Васильев ахсынньыга суох буолбута, ол иһин кини кэриэһигэр күрэс ахсынньыга ыытыллар. Оттон саас – үүнүү-сайдыы бэлиэтэ, саха ускуустубатын кэскилин, эдэрдэр иэйиилэрин көрдөрөр. Аам-даам тымныылаах ахсынньыга да кэрэни кэрэхсиир сүрэхтэргэ саас эргиллэр, күн тыгар, эрэли бэлэхтиир!

Харатыскалар: Ю.В. Спиридонов тиксэриитэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: