Ахсынньыга “Сыл учуутала-2024” күрэс буолуоҕа
Талааннаах педагогтары булар, кинилэр үлэлэрин уопутун тарҕатар соруктаах быйыл ахсынньы 3-13 күннэригэр С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт “СӨ Сыл учуутала-2024” идэ маастарыстыбатын күрэһин тэрийэн ыытыаҕа.
Күрэс “Арассыыйатааҕы сыл учуутала” Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэс эрэгийиэннээҕи түһүмэҕинэн буолар.
Улуус түһүмэҕин 35 бастыҥ учуутала мустан бэйэлэрин улуустарын аатыттан кыттыахтара. Күрэскэ кыттааччылар ортолоругар тылы, айылҕа-билим үөрэҕин, устуоруйа уонна обществознание, физика-математика учууталлара элбэхтэр. Итинтэн алтата — эр киһи. Педагогическай ыстаас ортотунан 12 сылга тэҥнэһэр, үһүс сылын уонна 29-с сылын үлэлээччилэр эмиэ бааллар. Күрэскэ кыттааччы орто сааһа – 36, саамай эдэрдэр 25, саамай аҕа кыттааччылар 52 саастаахтар.
Күрэс I уонна II түһүмэхтэрин түмүгүнэн ордук элбэх баалы уонна эриэйтиҥҥэ I миэстэни ылбыт педагог “Муҥутуур кыайыылааҕынан” буолар итиэннэ өрөспүүбүлүкэ аатыттан Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымҥа кытта барар. Бу туһунан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт пресс-сулуспата суруйар. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: