Салгыы
“Ахсынньыга сылаас салгын дьайыыта салҕаныаҕа”

“Ахсынньыга сылаас салгын дьайыыта салҕаныаҕа”

08.12.2024, 14:30
Ольга Пестерева хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Ахсынньы сыл саамай хараҥа, тымныы, бүтэһик ыйа буолан, бүтэй кэминэн биллэр.

2024 сылга Айыыһыт Ийэ хотун сылынан биллэр Билгэ Хаан ыйа ахсынньы хайдах буолуой?

Үгүспүт чысхаан сытыы тыаллаах тоһуттар тымныыттан чаҕыйар, сорох киһи тыынын хаайар үүт хойуу туманы санаан, санаарҕыыра баар суол. Дьэ онон, норуот синоптига Тускул ахсынньыны хайдах билгэлээтэ?

Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ

Бу ыйга Үрдүк Айыылартан биир­дэстэрэ Билгэ Хаан чугаһыыр. Кини кэлбит бэлиэтинэн “чаҕаан” диэн кыл тэрил тыаһа буолар. Сүрүн болҕомто билиигэ ууруллар. Ити иһин өйү күүһүрдэр туом оҥоһуллар. Туомҥа Сээркээн Сэһэн суолтата улахан. Кини аата-ахсаана биллибэт остуоруйалаах, чабырҕахтаах, таабырыннаах. Маны таһынан, күнү-дьылы билгэлиир, араас сүбэни биэрэр. Өйү эрэйэр, сатабылы сайыннарар хабылык, тыксаан, дуобат курдук оонньуулардаах.

Ахсынньы бүтэй кэм буолан, айылҕа бүтүннүү утуйар. Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ. Оннук кэмҥэ киһи билгэтэ күүһүрэр. Ол иһин былыргы сахалар балаҕаҥҥа хаайтаран олорон, олоҥхону, остуоруйаны истэллэрэ, таабырыннаһаллара, чабырҕахтаһаллара. Киһи өйө-санаата сытыырха­йар, куйаар урсунунан, халлаан хаттыгаһынан айанныыр.

Ахсынньы ахсым тымныынан аныһыйар, тымныы өрөгөйдүүр. Халандаар сылын бүтэһик ыйа. Саамай кылгас күннээх, саамай уһун түүннээх ый. Сарсыарда аайы хойуу туман түһэр. Тымныы тыаһа сып-сырылас. Күн итиитэ төһө да мөлтөҕүн иһин, былыта суох ыраас хаарга араас­таан чаҕылыйар. Дьылдьыттар этэллэринэн, көмнөхтөөх кыһыҥҥа саас хаартан элбэх уу кэлэр, үүнүүлээх дьыл буолар.

Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар, оттон хаардаах, ичигэс ый буол­лаҕына, бэс ыйыгар тымныйар. Ахсынньылаах тохсунньуга тыалыр­даҕына, бэс ыйыгар уонна от ыйыгар тоҥоруулар (хаһыҥ) түһүөхтэрэ. Ойбон томточчу тоҥор буоллаҕына – уута суох саас. Ый түүн кыһыллыҥы өҥнөнөр эбэтэр иитэ эмиэ кытархай буоллаҕына, хаар түһэр.

Ахсынньы билгэтэ

Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас, сайын кэлэр. Ахсынньыга тымныы, хаардаах, сотору-сотору тыаллаах, кырыалаах буоллаҕына – үчүгэй үүнүүгэ.

Ахсынньы 1 күнэ – бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.

Ахсынньы 9 күнэ – Лэгэнтэйэп күнэ. Дьыл чиэппэрэ. Кыһыны туоруур аһы-үөлү, оту-маһы суоттанарга биир кэрдиис бэлиэ кэм. Эһэ (тыатааҕы) кытаанахтык утуйар, бөрө торҕоннуур.

Ахсынньы 12 күнэ – буурҕа түстэҕинэ, ахсынньы 19- гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр.

Ахсынньы 19 күнэ – кыһыҥҥы Ньукуола. Күн кылгыырын уһуга. Бу күн тымныы буоллаҕына — сайынын өлгөм үүнүүнү күүтэллэр.

Ахсынньы 25 күнэ – Испирдиэнэп күнэ. Бу күнтэн саҕалаан саамай күүстээх тымныы уонна тыал түһэр.

Ахсынньы 26 күнэ – күн кутуйах хаамыытынан уһуур.

Ахсынньы 29 күнэ – кыраһа түстэҕинэ ичигэс, сарсыарда улаханнык тымныйдаҕына, Кириһиэнньэҕэ (тохсунньу 19 күнүгэр) диэри тымныы турар.

УЛУУСТАРЫНАН  АНААРЫЫ

Бары көрө-билэ сылдьарбыт курдук, кэлиҥҥи сылларга өтөрүнэн биллибэтэх сылаас сэтинньи  кэлэн ааста.

Хаста да бэлиэтээбиппит курдук,  улахан Атлантическай циклон бүтүн Арассыыйа үрдүнэн сабардаан, хал­лаан 6-10 кыраадыһынан сылыйда. Аны ахсынньыга үктэннибит. “Дьэ,  хайдах халлаан биһигини күүтэрий?” диэн ыйытыы үгүс киһини үүйэ-хаайа тутар.  Сэтинньи ыйга Европаттан саҕа­лаан, Азияны хабан, Урал хайаларынан Атлантическай акыйаантан кэлбит циклон дьайыыта ахсынньы да, тохсунньу да ыйдарга салҕаныаҕа – улахан сылыйыы кэлээри турар. Онон быйыл урукку сыллардааҕар ураты сымнаҕас кыһын буолуоҕа. Онтон саамай тымныы улуустарбытыгар Өймөкөөҥҥө, Үөһээ Дьааҥыга ахсынньы-тохсунньу ыйдарга сүрүннээн -45С уонна -50С икки ардынан сылдьыаҕа.

Аны барыллааһын быһыытынан улуустарынан анаардахха, ахсынньыга күн-дьыл туруга маннык:

КИИН УЛУУСТАР

Дьокуускай куоракка  -45С кыраадыстаах тымныы ахсынньыга да, тохсунньуга да аҕыйах.

Бу ый I дэкээдэтэ сымнаһыар:  күнүс -27С кыраадыс тымныы, түүнүн -30С тымныы. II дэкээдэ хаара суох, күнүс -38С кыраадыс тымныы, түүнүн  -40С  кыраадыс тымныы.

III дэкээдэ хаара кэмчи, көннөрү тымныйыыһы. Күнүс-39С кыраадыс тымныы, түүн  -44С кыраадыс тымныы.

Былырыын 2023 сылга: I дэкээдэҕэ күнүс-40С кыраадыс тымныы, түүнүн -50С тымныы этэ.

ИЛИН ЭҤЭЭР УЛУУСТАР

Ахсынньы, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, илин эҥээргэ кыһын сымнаҕас буолара сабаҕаланар.

-45С кыраадыстаах  тымныы ахсынньы ый 20 күнүн кэнниттэн түһүөҕэ. Тохсунньу ыйга -50Скыраадыстан  аллараа тымныы суох, хаар олох суоҕун кэриэтэ.

Бу ый I дэкээдэтэ сымнаһыар:  күнүс -25С кыраадыс тымныы, түүнүн -28С тымныы.

II дэкээдэҕэ хаара суох, күнүс -35С кыраадыс тымныы, түүнүн  -37С  кыраа­дыс тымныы.

III дэкээдэҕэ хаара кэмчи соҕус, көннөрү тымныйыыһы. Күнүс-36С кыраадыс тымныы, түүн  -40С кыраадыс тымныы.

Былырыын 2023 сылга: I дэкээдэҕэ күнүс-36С кыраадыс тымныы, түүнүн -40С тымныы этэ.

БҮЛҮҮ ЭҤЭЭР УЛУУСТАР

Ахсынньыга да, тохсунньуга да муҥутаабыта -30С кыраадыстаах тымныы буолуоҕа. Киин улуустарга тэҥнээтэххэ, быйылгы сылга ахсынньы олох сылаас соҕус уонна I эрэ дэкээдэҕэ кыра хаардаах.

Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс -25С кыраадыс тымныы, түүнүн -28С тымныы.

II дэкээдэҕэ хаара олох суох: күнүс -33С кыраадыс тымныы, түүнүн  -35С кыраадыс тымныы.

III дэкээдэҕэ хаара суох да, былыттаах буолан, улахан тымныы түһүө суох. Күнүс-33С кыраадыс тымныы, түүн -39С  кыраадыс тымныы.

Былырыын 2023 сылга: I дэкээдэҕэ күнүс -39С кыраадыс тымныы, түүн -42С тымныы этэ.

ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга хаара олох суох. Ый устата былыттаах күннэрэ баһыйан, улаханнык тымныйыа суох.

Бу ыйга I дэкээдэҕэ сылаас:  күнүс -23С кыраадыс тымныы, түүн -29С тымныы.

II дэкээдэҕэ хаара суох, күнүс -20С кыраадыс тымныы, түүн  -24С  кыраадыс тымныы.

III дэкээдэҕэ да хаара суох, көннөрү тымныйыыһы. Күнүс-28С кыраа­дыс тымныы, түүн  -34С кыраадыс тымныы.

Былырыын 2023 сылга: I дэкээдэҕэ, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, сылаас:  күнүс -34С кыраадыс тымныы, түүнүн -37С тымныы этэ.

ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА

Өймөкөөн Сахабыт сирин саамай тымныы улууһунан биллэр, ол эрээри урукку сыллардааҕы тымныыларга тиийбэт, хаар олох суох.

Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс -29С кыраадыс тымныы, түүн -33С тымныы.

II дэкээдэҕэ тымныйыыһы – күнүс -43С кыраадыс, түүн -47С кыраадыс тымныы.

III дэкээдэҕэ күнүһүн -45С кыраадыс тымныы, түүн -49С кыраадыс тымныы.

Былырыын 2023 сылга: I дэкээдэҕэ күнүс -44С кыраадыс тымныы, түүн -48С тымныы этэ.

ДЬААҤЫ УЛУУҺА

Дьааҥы биир эмиэ саамай тымныы улуус гынан баран, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, тымныыта арыый да ама.

Быйыл хаар суоҕун кэриэтэ. Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс -33С кыраадыс тымныы, түүн -36С тымныы.

II дэкээдэҕэ күнүһүн -44С кыраадыс тымныы, түүнүн -48С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа Тымныыта сымнаһыар: күнүс -42С кыраадыс тымныы, түүн -46С кыраадыс тымныйыы.

Былырыын 2023 сылга: I дэкээдэҕэ күнүс -40С кыраадыс тымныы, түүнүн      -43С тымныы этэ.

АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ УЛУУСТАРА

Халыма-Индигиир эҥээр улуустарга, бастакы дэкээдэлэргэ хаара кэмчи соҕус, иккис үһүс дэкээдэҕэ хаар олох да суох.

Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс -27С кыраадыс тымныы, түүн -29С тымныы.

II дэкээдэҕэ  хаара суох,  күнүһүн -35С кыраадыс тымныы, түүн -37С  кыраадыс тымныы.

III дэкээдэҕэ күнүһүн -39С кыраадыс тымныы, түүн -42С кыраадыс тымныы буолсу.

Былырыын 2023 сылга: I дэкээдэҕэ күнүс -33С кыраадыс тымныы, түүн -36С тымныы этэ.

АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИИ

Арктика эҥээр улуустарга ый бастакы иккис дэкээдэлэригэр кыра хаардаах, үһүс дэкээдэҕэ хаара кэмчи соҕус.

Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс -27С кыраадыс тымныы, түүн -28С тымныы.

II дэкээдэҕэ күнүһүн -28С кыраадыс тымныы, түүнүн -31С кыраадыс тымныы.

III дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаара суох. Күнүһүн -25С кыраадыс тымныы, түүн -28С кыраадыс тымныы.

Былырыын 2023 сылга: I дэкээдэҕэ күнүс -24С кыраадыс тымныы, түүн -28С тымныы этэ.

ХААРТЫСКА: ОЛЬГА ПЕСТЕРЕВА ТҮҺЭРИИТЭ

+1
5
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: