Салгыы
Ахсынньыга күнү-дьылы билгэлиэххэ

Ахсынньыга күнү-дьылы билгэлиэххэ

01.12.2022, 08:31
Бөлөххө киир:

Аам-даам тымныылаах ахсынньы тигинээн кэллэ. Былыргылар ахсынньыга, уопсайынан, кыһыҥҥы ыйдарга тулалыыр эйгэ уларыйыытынан, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан халлаан хайдах туруктаах буолуоҕун, оннооҕор бүтүн дьылы, сылы билгэлииллэрэ.

— Ахсынньы ый бэс ыйыгар түбэһэр.

— Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар.

— Ахсынньы хаардаах уонна сылаас буоллаҕына, сайын саҕаланыытыгар тымныйар.

— Барабыайдар кыһын дьиэ эбэтэр атын да тутуулар үрдүлэригэр саҥата-иҥэтэ суох иһийэн олордохторуна, соторунан былытырар, хаардыыр.

— Барабыайдар сылбахха састахтарына тыал, хаар-сиир түһэр.

— Дьүкээбил уота кыһыҥҥы түүн умайдаҕына, халлаан тымныйар.

— Ичигэс кэлэригэр кыһыҥҥы түүн үргэл өлбөөрөн көстөр.

— Халлаан сотору тымныйыах буоллаҕына, куоска оһох үрдүгэр сытар.

— Кыһын буурҕалаах буоллаҕына, сайына ардахтаах буолар.

— Кыһын кырыалаах буоллаҕына, сайына ардахтаах.

— Кыһын ойбон уута модьоҕотун таһынан тамныыр буоллаҕына, кэлэр сайын ардахтаах буолар.

— Кыһыҥҥы таҥаралар былыттаах кэмҥэ кэллэхтэринэ, эһиилигэр ардахтаах, өҥ сайын буолар.

— Мас көтөрдөрө: куруппааскы, улар, бочугурас элбэх буоллахтарына, хаар халыҥ буолар, аҕыйах буоллахтарына хаара чараас буолар.

— Ыт атаҕын чиккэччи тэбинэн ойоҕоһунан сыттаҕына, соторунан ардах дуу, хаар дуу кэлэрин билгэтэ.

(“Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр”,  кинигэттэн, И.Сосин, И.Неустроев, 1992 с.)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 апреля
  • -2°C
  • Ощущается: -9°Влажность: 64% Скорость ветра: 8 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: