Салгыы
Ахсынньынан күнү-дьылы билгэлиэҕиҥ

Ахсынньынан күнү-дьылы билгэлиэҕиҥ

02.12.2024, 12:14
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Ахсынньы биир хабараан, тоһуттар тымныылаах ыйынан биллэр. Былыргылар ахсынньы бэс ыйын батыһар дииллэр. Онон аны сайыммыт, күммүт-дьылбыт хайдах буолуон билгэлээн көрүөҕүҥ.

Чопчу күннэринэн билгэлээһин:

Ахсынньы 12 күнүгэр буурҕа түстэҕинэ, бу ый 19-гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр. Халлаан кыыстаннаҕына тыал түһэр.

Ахсынньы 29 күнүгэр кыраһа түстэҕинэ – ичигэс, тымныы күүһүрдэҕинэ тохсунньу 19 күнүгэр диэри халлаан тымныйар.

Уопсай билгэлээһин:

— Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар.

— Ахсынньы хаардаах уонна сылаас буоллаҕына, сайын саҕаланыытыгар тымныйар.

— Ахсынньылаах тохсунньуга тыалырдаҕына, бэс уонна от ыйдарыгар хаһыҥнар түһүөхтэрэ.

— Кыһын буурҕалаах буоллаҕына, сайына ардахтаах.

— Кыһын былыттар тыалы утары устар буоллахтарына, соторунан хаар түһэрин бэлиэтэ.

— Кыһын кырыалаах буоллаҕына, сайына ардахтаах.

— Кыһын ойбон уута модьоҕотун таһынан тамныыр буоллаҕына, кэлэр сайын ардахтаах буолар.

— Кыһын хаар көмнөҕө маска элбэх буоллаҕына, сааһыгар үрэхтэргэ, алаастарга уу элбэх буолар.

(«Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһин» уонна «Күн-дьыл эргиирэ» кинигэлэртэн).

Бары сонуннар
Салгыы
20 мая
  • 15°C
  • Ощущается: 14°Влажность: 36% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: