Ахсынньытааҕы «Чолбон»: Достоевскай, Алампа, Маршак саҥа дьыллааҕы айымньылара

Share

Саха литературатын таптааччылары кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээн туран, сахалыы тыллаах кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал ахсынньытааҕы нүөмэрин ааҕарга угуйабыт:

— Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылынан Россия суруйааччыларын сойууһун салайааччылартан биирдэстэрэ Геннадий Иванов, М.Горькай аатынан Литература институтун ректора Алексей Варламов, Москваҕа олорор биир дойдулаахпыт, норуот суруйааччыта Владимир Федоров, Хакасия, Башкортостан, Тыва, Мурманскай, Краснодар, Астрахань суруйааччыларын эҕэрдэлэрэ;

— Сылы түмүктүүр нүөмэргэ саха бастыҥ поэттарын Саҥа дьыл уонна сампаан сыттаах хоһоонноро;

— Константин Эверстов «Сэргэлээххэ сэргэх күннэр» сэһэнин бу түһүмэҕэр номох буолбут «Дуораан» бөлөх, Баһылай Харысхал туһунан ахтарын сэргэ, икки саха учуонайын туһунан суруйар. Кинилэртэн биирдэстэрэ сахалар олохтоох омук диир, иккиһин массыына үнтү көтөн суорума суоллуур;

— Данил Макеев Саҥа дьыл алыптаах, үтүө көрсүһүүлэри уонна түгэннэри бэлэхтиир бырааһынньык буоларын арыйар «Телеграмма», «Алгыстаах олох аартыгынан» кэпсээннэрэ;

— Нуучча улуу суруйааччыта Федор Достоевскай «Таҥара харыйатыгар кэлбит уол» кэпсээнин уонна мультипликатор режиссер Владимир Сутеев «Харыйа» остуоруйатын Лилия Иванова сахалыы саҥарта;

— Кыһын хатыҥнар сайыны түһүүллэрин хоһуйбут поэт Семен Капитонов күһүҥҥү тайах булдун туһунан кэпсээннэрэ;

— Августина Хабарова «Тииҥкэ» диэн мэник кыысчаан мүччүргэннээх сырыыларын туһунан оҕолорго аналлаах тэттик кэпсээннэрэ;

— Суоһааны «Былыргы аартык кырдьаҕас түүлэ кыаһаанын оргууй тыаһатар…» диэн Тыгын Дархаҥҥа уонна Марина Цветаеваҕа анаабыт хоһооннорун бөлөҕө;

— Саха тылын, литературатын уонна төрүт култуура учууталларын ассоциациятын салайар Жанна Барашкова саха омук инникитин саргылыыр «Эн ханна сылдьаҕын дьол хотун…» хоһооннорун бөлөҕө;

— Литература, медицина уонна анал байыаннай дьайыы туһунан прозаик Анатолий Слепцовтуун Ульяна Захарова сэһэргэһиитэ;

— Литературовед Лидия Романова айылҕаны хоһуйбут суруйааччы Василий Тарабукин айар үлэтин ырытыыта;

— Кыраайы үөрэтээччи Дмитрий Осипов Реас Кулаковскайдыын алтыһыытын туһунан ахтыыта;

— Таатта учуутала Оксана Слепцова Реас Кулаковскай «Кистэлэҥ кэпсээним» кинигэтигэр санаалара;

— Кэбээйиттэн Екатерина Архипова-Көмүлүөктээх Кээтии Николай Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» романыгар уол оҕону иитии туһунан анаарыыта;

— Самуил Маршак «Уон икки ый» остуоруйата норуот поэта Леонид Попов тылбааһыгар;

«Чолбон» сурунаалы Дьокуускай куоракка «Горпечать», «Айар» лааппыларыттан, Бэчээт дьиэтигэр «Папарацци» студияттан уонна 125-с хостон атыылаһыахха сөп.

Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар!

Алгыһы кытта «Чолбон» сурунаал

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 7 күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы УГМС тугу иһитиннэрдэ? Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыыр, сорох…

12 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Үлүйбэт туһугар…

Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны билгэлииллэр

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…

15 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быйыл «Почему мамонты вымерли» саҥа киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыа

Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир  артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээннээҕи квартальнай хочуолунай биир хочуолун үлэлэттилэр

Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…

16 часов ago