Быйылгы дьыл биһиги аймахха хас да бэлиэ күннэрдээх ураты сыл. Аҕабыт, Бочкарев Роман Дмитриевич-II төрөөбүтэ 100, ийэбит Зинаида Васильевна 95 уонна абаҕабыт Бочкарев Роман Дмитриевич-I 110, саҥаспыт Пелагея Гаврильевна 110 сыллара.
Аҕабыт 100 сылын бэлиэтээммит сиэннэригэр, хос сиэннэригэр альбом-кинигэ бэлэх ууннубут. “Дьоһун олох алгыстаах айана” диэн кинигэбитигэр Роман Дмитриевич-II олоҕун, үлэтин сырдаттыбыт, оҕо эрдэҕинэээҕиттэн саҕалаан биригэдьиирдээбит тэтэрээтигэр тиийэ ууран сылдьыбыт араас докумуоннарын, оскуолатааҕы кыраамататын бу манна ылан көрүөххэ сөп.
Бочкарев Роман Дмитриевич-II — сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ, «Аҕа дойду Улуу сэриитэ» II истиэпэннээх уордьан, «Японияны кыайыы иһин», “Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл кавалердара, Забайкальскай фронт бэтэрээнэ, 1945 с. Главнокомандующай Генералиссимус Сталинтан 372 № -дээх Хайҕал суруктаах, Мэҥэ Хаҥалас «Бочуотун кинигэтигэр» 1995с. киирбитэ.
Аҕабыт ахтыытыттан: “Мэҥэ Хаҥалас оройуонун I Мөҥүрүөн нэһилиэгэр Арҕаа аҕа ууһугар «Кыһыл агроном» холкуоска дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр 1922 с. балаҕан ыйын 15 күнүгэр төрөөбүтүм. Аҕам — Бочкарев Дмитрий Сидорович, ийэм – Бочкарева Наталия Тимофеевна.
Аармыйаҕа (РККА) саллаатынан 1942 с. атырдьах ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбытым. Убайбыныын Михаил Дмитриевичтиин биир кэмҥэ. 290 №-дээх призывной хамаанданан. Чурапчы окружной байыаннай хамыыһыйатынан Майа селотуттан атырдьах ыйын 21 күнүгэр 1942 с. барбыппыт.
1943 с. бэс ыйын 10 күнүттэн балаҕан ыйын 22 күнүгэр диэри байыаннай госпитальга ыалдьан сытан баран, байыаннай хамыыһыйанан АВВК 34670 байыаннай медицинскэй 1890 №дээх боротокуолунан 1943 с. алтынньы 20 күнүгэр дьиэбэр биир сылга уоппускаҕа ыыппыттара. Дьиэбэр 1943 с. ахсынньы 20 күнүгэр кэлбитим.
Дойдубар кэлээт, 1944 с. атырдьах ыйын 10 күнүгэр иккиһин аармыйаҕа ылбыттара. Онно I Мөҥүрүөнтэн оҕонньоттору кытары барбытым. Кудинов В.Д., Говоров П.И. Иркутскайга хаалбыттара. Мин илин кыраныыссаҕа барбытым, Мациевскай ыстаансыйаҕа сулууспалаабытым.
1945 с. атырдьах ыйын 6 күнүгэр Китай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин баҕа өттүнэн аармыйатыгар көмөлөһө Хайлар куорат туһаайытынан 94-с дивизия 152-с стрелковай полкатыгар сылдьан кыраныыссаны туораабыппыт.
Сэриигэ Хайлар куоракка 1945 с. атырдьах ыйын 13 күнүттэн 18 күнүгэр диэри кыттыбытым. 1946 с. ахсынньы 22 күнүгэр демобилизацияламмытым…”
Ийэбитин Зинаида Васильевнаны кытары 1947 сыллаахха ыал буолан, 9 оҕону күн сирин көрдөрөн, атахтарыгар туруоран, сиэннэри бүөбэйдэһэр дьолу билбиттэрэ.
Зинаида Васильевна — элбэх оҕолоох ыал күн-күбэй ийэтэ, тапталлаах эбэтэ, үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, Үлэ фронун кыттыылааҕа, “Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин”, «Советскай Союз маршала Жуков», Кыайыы 40, 50 сс., «Ийэҕэ Албан аат» уордьан I, II, III истиэпэннэрин, «Ийэ мэтээлэ» I истиэпэнэ мэтээллэр кавалердара, стахановец.
1944-1945 сс. Үлэ фронугар Орджоникидзевскай оройуон Иһит уонна Буотама диэн сирдэригэр «Коммуна суола» колхуостан Маркова Елена Дмитриевна, Молотов аатынан колхозтан Андросова Мария Петровна уонна Андросов Егор Михайлович буолан үлэҕэ барбыттар. Тыаҕа мас кэрдэн, охторон, эрбээн, мутугун ыраастаан, тутуу маһын өрүс кытыытыгар таһан бэлэмнииргэ үлэлээбиттэр. Сэрии кэмигэр ыраах улууска үлэ фронугар Кыайыыны уһансыыга бэйэтин кылаатын киллэрбит.
Сүүрүүк бэрдэ, кытыгырас этэ. 1947 с. Уус Алдаҥҥа Маҥан Өтөх диэн сиргэ Саха АССР 25 сылыгар анаан тэриллибит улахан ыһыахха сүүрбүтэ. Барыларын ырааҕынан бырахпыта, кыайбыта. Мүһэ уонна харчынан бириэмийэ биэрбиттэр.
Абаҕабыт Бочкарев Роман Дмитриевич-I – Ленинград оборуонатын кыттыылааҕа, «Кыhыл Сулус» орден, «Германияны кыайыы иhин», «Ленинград оборуонатын иhин», “Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэр кавалердара, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Дойдунуускай нэhилиэгин «Бочуотун кинигэтигэр» киирбитэ.
Роман Дмитриевич-I ахтытыттан: “Мин, Бочкарев Р.Д., алтынньы бүтүүтүгэр 1942 с. аармыйаҕа ыҥырыллан барбытым. Бу иннинэ «Кыһыл агроном» колхуоһугар сүөһү пиэрмэтин сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. 1943 с. сэтинньигэ Читаҕа тиийэн ый курдук байыаннай бэлэмнэниини барбытым. Үөрэх бүтүүтэ биһиэхэ байыаннай обмундирование уонна саа-саадах биэрбиттэрэ. Тимир суолунан, Москваны түүн ааһан, Ленинград анныгар тиийбиппит. Манна эмиэ ый курдук үөрэммиппит. Олунньу 8 күнүгэр 1943 сыллаахха таб. Жуков кэлэн, тыл этэн, биһигини 952 №-дээх стрелковай полк диэн ааттаан, сэрии буола турар сиригэр Волхов туһаайыытынан атаарбыта. Олунньу 16 түүнэ буолуор диэри окуопа хастан сыппыппыт. Бу сыттахпытына, түүн үс төгүл өстөөх разведчиктара биһиэхэ кэтиллэ түспүттэрэ. Командир Батулин бирикээһинэн биһиги ытыалаабыппыт. Онуоха бастакы сырыыга 2 киһи, иккис сырыыга 3 киһи ньиэмэс саллааттара табыллан өлбүттэр этэ. Олунньу 17 күнүгэр сарсыарда 4 чаас саҕана иннибитигэр сытар дэриэбинэни босхолуур сыаллаах атаакаҕа турбуппут. Бу иннинэ биһиги артиллериябыт күүстээх уоту аспыта. Ол гынан баран өстөөхтөр ытыалыыллара уҕараабатаҕа. Атаака иннинэ 300 ботуруону уонна иккилии гранатаны биэрбиттэрэ. Биһиги ыта-ыта иннибит диэки сүүрбүппүт. Мин сүүрэн иһэн сотору хаҥас илиим «ньир» гына, саам сиргэ тайахтана түспүтэ. Илиибин көрбүтүм, харым бэгэччэгин үрдүнэн тостубут этэ. Хааным харса суох барар. Чаас кэриэтэ ол курдук сыппытым. Биир нууччалыын аллараа сыыр аннын диэки санчааска сыыллан тиийбиппит. Биһиэхэ өстөөх буулдьатыттан табыллыбыттар диэн ыспыраапка биэрдилэр. Массыынаҕа олордон Ленинградка ыыттылар. Сарсыныгар 10 чаас саҕана палаатаҕа киллэрдилэр. Илиибин гипсэлээн кэбистилэр. Томскай куоракка 3615 «Х» №дээх эвакуационнай госпитальга тимир суолунан ыыттылар. Манна илиибин рентгенинэн көрөн баран, сытыйбыт диэн операциялаабыттара. Ыам ыйын 3 күнүгэр диэри сытан баран ис тиибэ турбутуттан көҥүллэтэн, бааһым өссө оһо илигинэ дойдубар айаннаабытым. Операция иннинэ аһаабат буоламмын туругум куһаҕан этэ. Ол курдук 76 кг. ыйааһыннаах киһи 30 кг. буолбут этим. Госпитальга эмчиттэр кыһамньыларынан доруобуйам тупсарга барбыта. Тахсарбар ыйааһыным 52 кг. буолбута.
1947 сылтан 1953 сылга диэри солбуйар бэрэссэдээтэлинэн, биригэдьииринэн үлэлээбитим. 1957 сылга диэри Дойдуга сылгыһыттаабытым. 1968 с. биэнсийэҕэ тахсыбытым”.
Саҥаспыт Пелагея Гаврильевна — үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ,“Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллээх. «Кыhыл агроном» колхуоска ыанньыксытынан, «Октябрь» колхуоска ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбит. 1912 с. от ыйын 25 күнүгэр Уус Алдан улууhун I Суотту нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата — Свинобоев Гаврил Васильевич, ийэтэ — Свинобоева Екатерина Егоровна. Бииргэ төрөөбүт ахсыалар этэ: Дьөгүөр, Байбал, Сүөдэр, Хабырыыс, Өлөөнө, Балаайа, Уйбаан, Никиитэ. Убайдара сэрии хонуутуттан эргиллибэтэхтэрэ. Пелагея Гаврильевна «Кыhыл агроном» колхуоска ыанньыксытынан, «Октябрь» колхуоска ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбит. 1968 с. биэнсийэҕэ тахсыбыт.
Пелагея Гаврильевна, Роман Дмитриевич-I түөрт оҕону күн сирин көрдөрөн, атахтарыгар туруорбуттара.
Алтынньы 8 күнүгэр дьоммут үөскээбит, олорбут сирдэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Мөҥүрүөн нэһилиэгэр Күөйэ уонна Билир Күөлэ алаастарынан, Матта сэлиэнньэтигэр сырыттыбыт, кинилэр албан ааттарыгар сүгүрүйдүбүт. “Кыһыл агроном” колхуос сиригэр сэриигэ барбыттарга анаан аҕабыт Роман Дмитриевич-II оҥорон хаалларбыт өйдөбүнньүгэр сибэкки уурдубут. Дьоммутун ахтан-санаан аастыбыт. Убайбыт Михаил Романович сирдээн илдьэ сырытта. Суоппарбыт Петр Макарович Герасимов бэрт улгумнук сөбүлэһэн, санаабыт хоту барытыгар сырытыннаран, көмөлөһөн, сырыыбыт олус табыллан, сүргэбит көтөҕүлүннэ. Үтүө санаалаах Петр Макаровичка улахан махталбытын тиэрдэбит, дьиэ кэргэнигэр уйгуну-быйаҥы, дьол-соргуну, байылыат олоҕу баҕарабыт!
Вера ГОГОЛЕВА, Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын учуутала.
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга уопсайа 193,76 МВт кыамталаах 14 хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр диэн ОДьХК уонна энергетика…