Аһымал аахсыйа. Болугурдар түмсүүлээхтэрэ сөхтөрдө

Share

Муус устар 10 күнүгэр Дьокуускай куорат «Сэргэлээх уоттара»  Култуура киинигэр түөрт оҕо тапталлаах күн күбэй ийэтэ, Амма Болугурун «Колосок» оҕо уhуйаанын иитээччитэ  Ольга Сергеевна Петроваҕа аналлаах «Алгыстаах санаанан»  аhымал аахсыйа кэнсиэригэр кэргэмминээн сырыттыбыт.

Кэнсиэргэ кэлбит көрөөччүлэргэ «Үтүө санаа түөлбэтэ» атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэриллэн, Болугур дьэдьэниттэн саҕалаан,  убаһа, ынах этэ, хартатыгар, субай хааныгар, буотара5ар, үрүҥ ас арааһыгар тиийэ хамаҕатык атыыламмыт. Олохтоох иистээнньэҥнэр, айар уус дьон оҥоһуктарын эмиэ биһирээн атыыласпыттар.

Кэнсиэргэ,  Амма кииниттэн тэйиччи сытар кыракый нэһилиэк диэтэххэ, дьэ киһини сөхтөрөр түгэннэр хара ааныттан саҕаланан бардылар. Сыана кэннинээҕи экраҥҥа Ольга Сергеевна дьиэ кэргэнин олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ-хамнаһа,  оҕолорунаан, кэргэнинээн дьоллоох түгэннэрэ көстө турдулар.

Оттон биир дойдулаахтара,  Болугур дьоно-сэргэтэ, ыччата өрө көтөҕүллэн, уоннуу паара сиэдэрэйдик сахалыы симэммит кыргыттар, уолаттар тирэҥсэлэрэ эрчимнээхтик үҥкүүлээн тэйдилэр. Эчи,  бары тутталлара-хапталлара тэҥин, тупсаҕайын олус сөхтүм. Бэйэм хаһан эрэ култуура үнүстүтүүтүн үҥкүү салаатын бүтэрбиттээҕим, ол иһин ордук чугастык ылынным. Бачча элбэх ыччат бары ис сүрэхтэриттэн, аһымал санааларынан, бэйэлэрин дьоҕурдарынан бу ыарахан түгэҥҥэ түбэспит Ольга Сергеевнаҕа эрэли иитиэхтииллэрэ, кынаттыыллара өтө көстөр. Аны ырыаһыттар, ансаамбыллар, кэрэ куолар, эмэн да саастаах ырыа куттаахтар олус үчүгэйдик толорбут ырыаларын кэрэ дорҕоонноро  Туймаада томтойор туонатын  килбэйэр киинигэр турар «Сэргэлээх уоттара» култуура киинин уораҕайын толорон кэбистилэр. Ити курдук,  бииртэн биир сонун, астык нүөмэрдэр көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһынан доҕуһуолланан истилэр.

Манна олорон  кыратыттан аҕам саастааҕар диэри бары бииргэ турунан, бу үлүгэрдээх ыраах сиргэ алта уонтан тахса буолан айаннаан кэлэннэр, аһымал аахсыйатыгар кыттыбыттарын сөҕө саныыгын. Биллэн турар, олохтоох дьаһалта, култуура дьиэтин үлэһиттэрэ, ону сэргэ олохтоох оскуола, уһуйаан, түмсүүлэр уонна тэрилтэлэр бары сомоҕолоһон үтүмэн үлэни көрсүбүттэрин сэрэйэбит буоллаҕа. Онон өрөспүүбүлүкэбит тэбэр сүрэҕэр Дьокуускайга аһымал аахсыйаны ыыппыттара олус тоҕоостоох.

Болугур нэһилиэгин ыччата элбэҕэ, сайдама  сөхтөрдө. Бары билэрбит курдук,  билигин сорох нэһилиэктэргэ иччитэх дьиэ үксээн иһэр, ыччат тохтообот буолла диэн кырдьаҕастар санааргыыр түгэннэрэ баар суол.

Кэнсиэргэ киирии билиэтинэн норуот маастардарын үлэлэрэ, уран уустарын оҥоhуктара, бааhынай хаhаайыстыбалар эмис убаhаларын хас эмэ чиэппэринэн этэ, «Амма» СППК,  Болугурдааҕы үүт-арыы собуотун бородууксуйалара, олохтоох урбаанньыттар туруорбут кэрэ Амма биэрэгэр турар сынньалаҥ дьиэлэргэ сэртипикээттэрэ, «Арчылаана» эбээлэр түмсүүлэрэ ис сүрэхтэн оҥорбут оҥоhуктара, Т.Д.Маркова туруорбут дьэдьэн барыанньата, А.И.Макаров туруорбут сэртипикээтэ, аймах-билэ дьоно тиспит араас оҥоhуктара оонньоннулар.

Ити курдук,  көхсүттэн көнтөстөөх көмүскэс санаалаах күн сирин дьоно, арҕаһыттан тэһииннээх аһыныгас санаалаах айыы сирин оҕолоро бары күүстэрин холбоон,  «Үтүө санаа түөлбэтэ» атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар 199.590 солк.,  «Алгыстаах санаанан»  аhымал аахсыйа кэнсиэригэр 513.000 солк. суумалаах билиэт атыыламмыт. Барыта холбоон 717.590 солкуобай сууммалаах көмө оҥоhулунна диэн, болугурдар астынан туран махтал  тылларын эттилэр. Ону сэргэ нэhилиэк уус-уран самодеятельноhын кыттыылаахтара кэнсиэргэ элбэх дьону түмэн биhирэбили ылбыттарыгар «Сэргэлээх уоттара» култуура киинин салайааччытыгар Алексей Константиновка махталларын тириэртилэр.

Ону сэргэ биир дойдулаахтара бэйэлэрин алгыстарын бу курдук суруйбуттар: «Күндү кийииппит Ольга Сергеевна! Эйиэхэ анаммыт «Алгыстаах санаанан» аһымал кэнсиэрбитигэр кэлбит бар дьоммут үтүө баҕа санаалара, эрчимнээх эрэллэрэ эйиэхэ тиийиэхтин! Күүскэр күүс эбилиннин! Туругуҥ тубустун! Мичилиҥ билистин! Уруйуҥ улааттын! Дьолуҥ тосхойдун!»

Дьэ, ити курдук «Алгыстаах санаанан»  аhымал аахсыйа кэнсиэриттэн дуоһуйдубут, астынныбыт Саха  дьоно-сэргэтэ, ыччата өрүү маннык түмсүүлээх буолалларыттан, Ольга Сергеевна бу ыарахан ыарыыны этэҥҥэ кыайан дойдутугар, оҕолоругар эргиллиэ диэн сырдык эрэл санаа кынаттанан тарҕастыбыт.

Түмүкпэр эдэр ыаллар төрөппүттэрин: Лидия Александровна уонна Никита Петрович махтал тылларын эһиэхэ билиһиннэриэхпин баҕарабын.

«М.А.Ноговицын аатынан култуура киинигэр, Е.Е.Пахомов аатынан орто оскуолаҕа, «Колосок»  оҕо уhуйаанын кэлэктиибигэр, тэрилтэлэр салайааччыларыгар уонна бука бары үлэhиттэригэр, түмсүүлэрбитигэр, норуоппут маастардарыгар, уран уустарбытыгар, тэриллиилээх хаhаайыстыбаларбытыгар, урбаанньыттарбытыгар, суоппардарбытыгар, түөлбэлэрбит хас биирдии олохтооҕор сүҥкэн көмөҕүт, өйөбүлгүт иhин барҕа махтал тылларын тириэрдэбит.

«Күн киһитэ — көмүскэс, Айыы киһитэ-аһыныгас»  диэн саха киһитин үтүө санаатынан салайтаран, түргэн дьаһалынан олус суһаллык күүс-көмө буолан, үбүнэн, аhынан, оҥоhугунан көмөлөспүккүт хайҕаллаах.

Маннык үтүө ыччаттар бааллара Болугурбут инникилээҕин көрдөрөр. «Алгыстаах  санаанан» кэнсиэр, «Үтүө санаа түөлбэтэ» атыы-эргиэн дьаарбаҥката үрдүк таһымнаахтык ааһарыгар кыттыбыт бар дьоммутугар, сүүйүүлээх оонньууга ис дууһаларыттан бириис туруоран көмөлөспүттэргэ,  түргэн сырыылаах, сымнаҕас айаннаах суоппардарбытыгар туспа  махталбытын тиэрдэбит.

Онон, нэһилиэкпит оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ биир сомоҕо буолан өйөөбүт, тирэх буолбут дьонугар туох баар үчүгэйи, туйгун туругу, дьоллоох олоҕу баҕарабыт. Эһиги дьиэ кэргэҥҥит хаһан да мөкүнү, куһаҕаны билбэтин, куруутун үөрэ-көтө, доруобай сылдьыҥ.

Махталы кытта Никита Петрович уонна  Лидия Александровна Бөтүрүөптэр»

Василий ГОГОЛЕВ –УЙУЛҔАН, суруйааччы

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

10 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

14 часов ago