Аһымал аахсыйаҕа кыттыһар үтүө санаалаах киһи үгүс

Аһымал аахсыйаҕа кыттыһар үтүө санаалаах киһи үгүс

22.05.2024, 21:11
Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая.
Бөлөххө киир:

Хатырык нэһилиэгин землячествота биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөн, АГАТУ-га  гуманитарнай көмөнү хомуйар анал пууну биир бастакынан тэрийбитэ.

Бу күннэргэ гуманитарнай көмөнү хомуйуу пууннара элбээбитинэн, Хатырык землячествота сарсыҥҥыттан бэйэтин үлэтин түмүктүүр. Ол эрээри өйөбүл оҥоруу үлэтэ тохтообот — бу аадырыска салгыы Нам улууһун дьаһалтатын гуманитарнай көмөнү оҥорууга ыстааба үлэлиэҕэ. Онон көмөлөһүөн баҕалаах дьон АГАТУ-га кэлэн, үтүө санаа аахсыйатыгар кыттыһыаххытын сөп.

Мин бүгүн эбиэт кэннэ АГАТУ-га Хатырык землячествота тэрийбит пуунугар тиийэ сылдьыыбар дьон кэлэ турар этэ.

Горнай улууһун Атамай нэһилиэгиттэн анаан билсэ сылдьыбыттарын туһунан гуманитарнай көмөнү оҥорор аахсыйаны тэрийбит Хатырык землячествотын волонтердара маннык кэпсээтилэр:

Бэрт элбэх араас көмө киирэ турар. Күн аайы таһаҕаһы толору тиэммит массыыналар Хатырыкка субуһа тураллар эбит.

Мин кэпсэтэн бүтэн тахсыыбар, араас тутуурдаах дьон биир-биир, бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан, кэлэн истилэр. Дьокуускайдааҕы Үүт собуотун массыыната кытта тиийэн кэлбитэ.

… Ити курдук, сааскы халаан уутугар эмсэҕэлээбит Хатырык, Маймаҕа, Атамай нэһилиэктэригэр бу күннэргэ үтүмэн гуманитарнай көмө барда. Кырдьык да, «норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» диэн бу буоллаҕа!

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: