Аһыы олорон… Маны билэҕин, тутуһаҕын дуо?

Аһыырбытыгар сыһыаннаах сиэр-туом туһунан билэҕин, истибитиҥ дуо? Тугу билиэхтээх, тутуһуохтаах эбиппитий? Айыы үөрэҕэ тугу этэрий, сүбэлиирий?
Манна ааҕыҥ:
Ас үрдүн тоҕума — саха ас үрдүгэр дьол баар дии саныыр.
Остуолу охсума — кини дьиэҕэ киһи сирэйин курдук суолталаах.
Остуол биттэҕэр атаххын уурума.
Олорон эрэ аһаа — саха киһитэ сүүрэ сылдьан аһыыры суолталаабат.
Остуолга аҥаар атаххын ситэ кэппэккэ эрэ эбэтэр атах сыгынньах олорума — урууҥ өлүө.
Аһы тобохтоомо — саха аһы суолталыыр буолан, тобохтууру сөбүлээбэт.
Аһы киһи сириэ суохтаах — оннук киһи чэгиэн буолар.
Тууһу уорума.
Оргуйа турар ууну быһаҕынан булкуйума — ийэҥ хараҕа суох буолуо.
Килиэби мээнэ быраҕыма.
Аһыырга кими эрэ күрүөлээн кэбиһимэ.
Аһыы олорон улахан да киһи, оҕо да мээнэ саҥарыа, айдаарыа, буолары-буолбаты чабыланыа суохтаах. Кэпсэтии олохтоохтук, үөрэ-көтө барыахтаах, астан дуоһуйууну ылыахтааххын.
Саха ыалын халандаарыттан
«Айар» кинигэ кыһата, 2015 с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: