Аһыы олорон… Маны билэҕин, тутуһаҕын дуо?

Share

Аһыырбытыгар сыһыаннаах сиэр-туом туһунан билэҕин, истибитиҥ дуо? Тугу билиэхтээх, тутуһуохтаах эбиппитий? Айыы үөрэҕэ тугу этэрий, сүбэлиирий?

Манна ааҕыҥ:

Ас үрдүн тоҕума — саха ас үрдүгэр дьол баар дии саныыр.

Остуолу охсума — кини дьиэҕэ киһи сирэйин курдук суолталаах.

Остуол биттэҕэр атаххын уурума.

Олорон эрэ аһаа — саха киһитэ сүүрэ сылдьан аһыыры суолталаабат.

Остуолга аҥаар атаххын ситэ кэппэккэ эрэ эбэтэр атах сыгынньах олорума — урууҥ өлүө.

Аһы тобохтоомо — саха аһы суолталыыр буолан, тобохтууру сөбүлээбэт.

Аһы киһи сириэ суохтаах — оннук киһи чэгиэн буолар.

Тууһу уорума.

Оргуйа турар ууну быһаҕынан булкуйума — ийэҥ хараҕа суох буолуо.

Килиэби мээнэ быраҕыма.

Аһыырга кими эрэ күрүөлээн кэбиһимэ.

Аһыы олорон улахан да киһи, оҕо да мээнэ саҥарыа, айдаарыа, буолары-буолбаты чабыланыа суохтаах. Кэпсэтии олохтоохтук, үөрэ-көтө барыахтаах, астан дуоһуйууну ылыахтааххын.

Саха ыалын халандаарыттан

«Айар» кинигэ кыһата, 2015  с.

Recent Posts

  • Култуура
  • Култуура сыла
  • Сонуннар

Майаҕа «Удьуор утума» сыл саҕаланна

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Олохтоох бэйэ оҥорон таһаарыы сылын чэрчитинэн, Майа сэлиэнньэтигэр бүгүн «Төрүччү» сылын түмүктүүр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Мобильнай хирурдар икки сыл иһигэр 1612 эпэрээссийэни оҥорбуттар

Саха сиригэр "Мобильнай хирургическай киин" инновационнай бырайыагы олоххо киллэрии салҕанар. Бырайыак Ил Дархан Айсен Николаев…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөкүттэртэн дьону быыһаабыт баан үлэһиттэрин наҕараадалаатылар

Түөкүттэртэн дьону быыһаабыт баан үлэһиттэрин наҕараадалаатылар. Ол курдук Арассыыйа баанын салаатыгар саамай болҕомтолоох, эппиэтинэстээх үлэһиттэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Оҕону иитэргэ кэс тыллар

Оҕону иитэргэ өбүгэлэрбит саҕаттан кэлбит кэс тыллар бааллар. Ол туһунан хаһан эмэ истибиккит буолаарай? Кыыс…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Офтальмология балыыһатыгар эпэрээссийэ оҥоһуллуутун билиһиннэрдилэр

Бүгүн, олунньу  6 күнүгэр, Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһатын  кылаабынай бырааһа Иван Луцкан суруналыыстары кытары үгэскэ кубулуйбут…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сомоҕолоһуу — ситиһии төрдө

Горнай улууһугар Атамай орто оскуолатыгар сыллата "Сомоҕолоһуу - ситиһии төрдө" диэн төрөппүт дэкээдэтэ үрдүк таһымнаахтык…

3 часа ago