СИА хаартыската
Ленскэй улууһун Орто Наахара нэһилиэгин олохтоохторо байыаннай дьайыыга бэйэлэрин баҕаларынан мэлдьи көмөлөһөллөр. Бүгүн Орто Наахара нэһилиэгин сэбиэтин дьокутаата Аида Никонова байыаннай дьайыыга көмө туһунан кэпсээтэ:
— Биһиги, биллэн турар, аан дойдуга уонна байыаннай дьайыы буола турар сиригэр быһыыны-майгыны дьиксинэ көрөбүт. Орто Наахараттан мобилизациянан байыаннай дьайыыга барбыт киһи суох. Ол гынан баран, биһиги нэһилиэкпитигэр регистрациялаах эрээри, атын сирдэргэ олорон, холобур, бырамыысыланнаска үлэлии сылдьан барбыттар бааллар.
Биир хантараагынан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Орто Наахараттан төрүттээх уоллаахпыт. Кини ийэтэ бу уолу таһынан, өссө икки кыра оҕолоох аҥардас ийэ. Уолбут бу күннэргэ уоппускаҕа кэлэн барбыта. Оскуолаҕа үөрэнээччилэри, кулуупка нэһилиэнньэни кытары көрсүбүтэ. Ленскэй куоракка көтөн кэлээтин кытары улуус дьаһалтата эмиэ көрсүбүтэ. Нэһилиэк олохтоохторо бары түмсэн, уолбут бараатын кытта көмөлөһөн барбыппыт: харчы хомуйан, баһыылка ыытан.
Уопсайынан, нэһилиэк олохтоохторо маскировкалыыр сиэккэни өрөн, харысхал оҥорон, оскуола оҕолоро байыастарга санааларын көтөҕөр суруктары суруйан ыыта олороллор. Саха сириттэн төрүттээх байыастарга көмөлөһөр аахсыйаларга мэлдьи кытталлар. Нэһилиэккэ баҕа өттүнэн көмө пуондата диэн баар, онно ким баҕалаах ый аайы харчы угар. Ону хомуйар киһи отчуоттаан иһэр, ол кэннэ куоракка уопсай пуондаҕа туттарар. Ардыгар тэрилтэлэр үлэһиттэрэ сайабылыанньа суруйаннар биирдии күннээх хамнастарын ыыталлар. Онон нэһилиэкпитигэр ким даҕаны туора туран хаалбакка, ким туох кыахтааҕынан ис дууһаларыттан көмөлөһөллөр.
Ахсынньы 23 күнүгэр Дьокуускай бириэмэтинэн күнүс 12:00 чааска Айсен Николаев сыл аайы оҥоһуллар Ил Түмэҥҥэ…
В.П.Решетников аатынан кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэригэр олорооччулар күннэрэ бэйэ-бэйэтигэр маарыннаһар: биир кэм бэрээдэктээх күннэр,…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Өтөх төҥүргэстээх" …
Нерюнгри оройуонун салаатын суут бириистэптэрэ биир тэрилтэттэн рекорднай суумалаах хамнаска иэһи ирдээтилэр. Нерюнгри олохтооҕо таҥастыыр…
Хаар курдук маҥан, сымнаҕас баататтан саамай дьикти, ураты оонньуурдар былыр харыйаны киэргэтэллэрэ. Ол курдук, 30-с…
Cаҥа дьылга хас биирдии дьиэ кэргэн үгэс быһыытынан баай, дэлэгэй астаах-үөллээх остуолун тула олорон, ааһан…