Салгыы
Айаал Аммосов: «Арассыыйа дьоно уопсай дьыалабыт -– Арассыыйа туһунан толкуйдуохтаахпыт»

Айаал Аммосов: «Арассыыйа дьоно уопсай дьыалабыт -– Арассыыйа туһунан толкуйдуохтаахпыт»

20.12.2024, 11:30
Хаартыска: SakhaGov
Бөлөххө киир:

Арассыыйа тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһун Саха сиринээҕи отделениетын бэрэссэдээтэлэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Айаал Аммосов Владимир Путин кэмпириэнсийэҕэ этиилэриттэн «Бастатан туран, дьиэ кэргэн туһунан толкуйдуохтаахпыт» диэн ыҥырыытын сөбүлээтэ.

Айаал Аммосов:
—Биһиги, Арассыыйа олохтоохторо, дойдуга инники дьылҕабытын быһаарар кэмҥэ дьиэбит-уоппут, чугас, аймах дьоммут, доҕотторбут, уопсай дьиэбит — Арассыыйа туһунан толкуйдуохтаахпыт, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһүөхтээхпит.
80 мөлүйүөнтэн тахса сурутааччылаах блогер Влад Бумага ыччаттар туох сыаннаһы иҥэриниэхтээхтэрин туһунан ыйытыытыгар: «Сүрэхпит этиитинэн олоруохтаахпыт. Учуонайдар, култуура диэйэтэллэрэ бэйэлэрин этиилэрин олоххо киллэрдэхтэринэ дьоллонуом», -– диэтэ.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -46°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: